Бүгүн о.э. балаҕан ыйын 12 күнүгэр Алаҕар нэһилиэгэр бэлиэ күн үүннэ. Ол курдук СӨ суолун хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ, Алаҕар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, биир дойдулаахпыт – Лыткин Константин Константинович үтүө аатын уруккута “Нэлим” муостаҕа иҥэрэр, пааматынньыгы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.
Биһиги улуус ытыктыыр киһибит, Константин Константинович өр сылларга Чурапчы нэһилиэгэр “Чыаппара түмсүү” күүстээх салайааччытынан үлэлээбитэ. Төрөөбүт дойдутун туһугар үгүс үтүө дьыаланы оҥорбута. Хас да сыл кыаллыбатах Ханныга үрэҕин ааһар “Нэлим” муостатыгар уу ааһар турбаларыгар үгүстүк сүүрэн-көтөн, сүбэ-ама буолбута, тутуллар кэмигэр бэйэтэ маастардаабыта. Ол түмүгэр, 100-кэ миэтэрэ уһуннаах хапытаалынай уонтан тахса мөлүйүөн сууммалаах быһыт оҥоһуллан, нэһилиэк олохтоохторун махталын ылыан ылбыта. Бу маннык бэриниилээх үлэ түмүгэр СӨ суолун хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ, Алаҕар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо буолбута.
Тэрээһин долгутуулаах чааһыгар “Алаҕар нэһилиэгэ” МТ баһылыга Иван Оконешников, Константин бииргэ төрөөбүт убайа Иннокентий Лыткин, Константин кыыһа Екатерина Егорова тыл эттилэр.
“Константин биһигини кытары олус үчүгэйдик үлэлээбитэ. Наар быраатым диэн, уопсай үлэҕэ хамнаска, аспаал ууруута да буоллан, нэһилиэк бары хамсааһыныгар хаһан даҕаны туора турбакка өрүү көмөҕө кэлэрэ, күүс-көмө буолара, сүбэ-ама биэрэрэ. Онон маннык дойдубут биир чаҕылхай патриотун аатын үйэтитэрбит хайаан даҕаны наада”, — Иван Иванович эттэ.
Алаҕар нэһилиэгин дьокутааттара, 2024 сыл бэс ыйын 10 күнүнээҕи 7-с нүөмэрдээх быһаарыыларынан, Ханныга үрэх үрдүгэр “Нэлим” муостаҕа – Лыткин Константин Константинович аатын иҥэрбиттэрэ. Пааматынньыгы арыйыы сиэригэр-туомугар Иннокентий Константинович, Константин олоҕун аргыһа Любовь Авторавна, баһылык Иван Иванович, Алаҕар, Бахсы нэһилиэгин дьокутаата Спартак Пахомов, “Дорожник” ХЭТ бэтэрээн үлэһитэ Василий Захаров, бииргэ алтыспыт үөлээннээҕэ Иван Хон, Алаҕар нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Таисия Герасимова кытыннылар, сырдык киһи туһунан истиҥ-иһирэх ахтыылары оҥордулар.
Сэмэн Жендринскэй