Үйэтитии диэн тыыннаахтар баарбыт тухары олохпут сүрүн кэрчигэ буоларын өйдүөхтээхпит. Нэһилиэк устуоруйа хайаан даҕаны салгыы суруллуохтаах, бэлиэтэниэхтээх. Аҕа дойду Улуу сэриитин норуодунай Дьоруойа Гаврил Протодьяконов төрөөбүт дойдутугар Алаҕарга, бэрт эдэр саастарыгар анал байыаннай дьайыыга суорума суолламмыт ыччаттары кэриэстиир түгэн буолан ааста.
Чурапчы нэһилиэгиттэн тиийбит бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Александр Саввины, Олег Оконешниковы, Василий Монастыреву, Семен Жендринскэйи нэһилиэк Аҕа баһылыга Иван Оконешников көрүстэ.
Уһата-кэҥэтэ барбакка, анал байыаннай дьыйыыга олохторун толук уурбут буойуттар Илья Протодьяконов уонна Ариан Сивцев төрөөбүт-үөскээбит алаһа дьиэлэригэр тиийэннэр, нэһилиэк дьоно кыттыылаах мэҥэ таастары арыйан, сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Хорсун саллааттары кэриэстээн Таатта уонна Чурапчы улуустарын байыаннай хамыһаарын эбээһинэһин толорооччу Егор Ефремов, Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Илья Березкин, нэһилиэк баһылыга Иван Оконешников тыл эттилэр. Алаҕар олохтоохторо бу манна барытыгар көхтөөх кыттыыны ыллылар, уолаттарга ытыктабылларын биллэрдилэр.
Буойун-артиллерист Гаврил Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын ыспартыыбынай саалатыгар “Саллаат паартатын” арыйыы сиэрэ-туома ыытылынна.
Оскуола иһинэн үлэлиир, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ көрдөрүүлээх “Мохсоҕол” байыаннай-патриотическай кулууб иитиллээччилэрэ Дойду уонна Саха сирин былаахтарын көтөҕөн таһаардылар, өрөгөй ырыата дуораһыйда. Биир дойдулаахтарын санаан тураннар дорҕоонноохтук хоһоон ааҕан иһитиннэрдилэр. Тэрээһини оскуола дириэктэрэ Валентина Максимова иилээн-саҕалаан ыытта. Үөрэнээччилиин, оскуола педагогическай састааба бүүс-бүтүннүү кыттыыны ыллылар.
Уолаттар тустарынан В.Нь.Слепцов, Д.А. Шеломова, Г.И. Гоголев дьоһуннаах ахтыылары оҥордулар.
“Үйэтитиигэ, чуолаан бу биһиги ыччаттарбытыгар болҕомто ууран, маннык дьаһалы ыытарга күүс-көмө, өйөбүл буолбут улуустааҕы бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр махталбыт муҥура суох. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакы хамсааһын диэн сыаналыыбыт. Маннык үтүө дьыалалар биллэн туран оҕоҕо патриотическай өй-санаа өттүнэн иитиллиитигэр улахан оруоллаахтар. Онон маннык хамсааһыннар манан түмүктэнэн хаалбаккалар салгыы ыытыллан, сайдан иһиэхтээхтэр”, — диэн нэһилиэк баһылыга Иван Иванович тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Протодьяконов Илья Борисович
(06.05.1993-04.06.2023)
1993 сыллаахха Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр элбэх оҕолоох Мотрена Кирилловна, Борис Петрович Протодьяконовтарга тохсус-онус оҕолорунан, игирэтин аҥаарынаан Алялыын күн сирин көрбүттэрэ.
2001-2011 сыллаахха Гаврил Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын үөрэнэн түмүктээбитэ
2011 сыллаахха Арассыыйа аармыйатын кэккэтигэр сулууспалаабыта. Итии туочукаҕа сулууспатын иһин Хотугу Кавказ байыаннай уокуругуттан анал бойобуой бэлиэлээх эргиллибитэ.
2016 сылтан нэһилиэк дьаһалтатыгар успуорт инструкторынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
2022 сыллаахха балаҕан ыйын 22 күнүгэр мобилизацияҕа ыҥырыллан, анал байыаннай дьайыыга барбыта. 21634 нүөмэрдээх байыаннай чаас гаубичнай артиллерискай дивизиоҥҥа старшай радиотелефониһынан сылдьыбыта. Украина Запорожскай уобалаһын Гуляйпольскай оройуонун Новодоровка сэлиэнньэтигэр, артобстрелтан, бэс ыйын 4 күнүгэр сырдык тыына быстыбыта. Украина территориятыгар демилитаризация уонна денацификация иһин анал байыаннай дьайыыга “Хорсунун иһин” уордьанынан өлбүтүн кэнниттэн бэлиэтэммитэ.
Сивцев Ариан Николаевич
(01.04.1988 – 16.06.2023)
1988 сыллаахха муус устар 1 күнүгэр Чурапчы улууһун Чыаппара сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
1995 сыллаахха Алаҕар орто оскуолатыгар бастакы кылааска үөрэнэ киирбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр кылааһыгар бастыҥ лидер, үөрэххэ, билиигэ олус тардыһыылаах оҕонон биллибитэ.
2006 сыллаахха оскуоланы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн, Максим Аммосов аатынан ХИФУ-га ИТФ-гар туттарсан үөрэнэ сылдьыбыта.
Дойдутугар эргиллэн кэлэн култуура дьиэтигэр муусука операторынан үлэлээбитэ. Үлэлиир сылларыгар нэһилиэк уопсастыбаннай үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыта. Салгыы баҕатын толорон суоппар идэтигэр үөрэммитэ. Биир үгүс Горнай улууһугар таһаҕас таһыытыгар үлэлээбитэ.
Уруу тэринэн икки кыыс оҕолоох.
Анал байыаннай дьайыыга, инникитин санаан туран, бэйэтин баҕа өттүнэн сулууспалыы барбыта. 22179 нүөмэрдээх байыаннай чааска түбэспитэ. 2023 сыл бэс ыйын 16 күнүгэр Запорожскай уобалас Любимовка сэлиэнньэтин таһыгар уоттаах кыргыһыыга сырдык тыына быстыбыта.
Саллааттар паарталарын арыйыыга бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин кытары мустубут дьон бары кыттыыны ыллылар, олус курутуйан туран аалай кыһыл сибэккилэри уурдулар. Паарталар устуоруйа предметин үөрэтэр «Албан аат» кабинетыгар туруохтара, манна туйгун үөрэхтээх, оскуола уопсай үлэтигэр бастыҥ көрдөрүүлээх үөрэнээччилэр бастакынан олоруохтара диэн оскуола салалтата эттэ.
“Маннык, биһиги уолаттарбытын санаан бу курдук үтүө дьаһаллары тэрийбит улууспут бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин бэйэм дьиэ кэргэним аатыттан махтанабын. Оҕолор бука бары үөрэххитигэр кыһаллыҥ, үрдүгүтүгэр мэлдьи күөх халлаан буоллун”, — диэн Ариан Сивцев аҕата Николай Егорович алгыс тылын эттэ.
“Биллэн туран биһиги бары олус курутуйабыт…эдэркээн, хаарыан уолаттар олус эрдэ суорума суолланнылар. Төһөлөөх олох олоруохтарын баҕарбыттара, төрөөбүт дойдуларын ахтыбыттара, инники былааннаах сылдьыбыттара буолуой?! Биһиги наар маннык дьаһалларга ийэлэри аһынабыт, харыһыйабыт. “Ийэ сүрэҕэ мэлдьи уолугар” диэн өбүгэлэрбит мээнэ эппэтэхтэрэ буолуо. Кинилэр аһыыларын, кыһыыларын-абаларын тугунан даҕаны уоскутан, уҕарытыгар кыахпыт суоҕун өйдүүбүт эрээри бу бүгүҥҥү дьаһаллар курдук тэрээһиннэр уолаттар сырдык ааттара инникитин ахтылла турууларыгар төһүү күүс-көмө буолуо”, — диэн бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Илья Березкин эбэн эттэ.
Алаҕар үтүөкэннээх дойду, хорсуннар-хоодуоттар төрөөбүт-үөскээбит сирдэрдэрэ. Буойун уолаттар ааттара инникитин даҕаны ааттана турарыгар улахан эрэллээхпит.
Сэмэн Жендринскэй – улуустааҕы бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ