Алаҕар орто оскуолатыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан, сахалыы остуол оонньууларыгар дьарыктанар хоһу арыйдылар

Кэлиҥҥи сылларга, Сахабыт сиригэр, сахалыы остуол оонньууларын сэҥээрээччи ахсаана сыллата элбээн иһэр, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэр үгүстүк ыытыллар буоллулар. Биллэн туран, саха төрүт оонньуулара — сыралаах үлэ, дьаныардаах дьарык уонна тулуурдаах буолуу бэлиэлэрэ.


Оҕо сааска киһи оонньоон-көрүлээн барытыгар үөрэнэр, сайдар кэмэ. Ханнык баҕарар оҕо сүрүн дьарыгынан оонньуу буолар. Кистэл буолбатах, билиҥҥи оҕо суотабай төлөпүөн, көмпүүтэр, тэлэбиисэр иннигэр үгүстүк олорор. Бэлэм информацияны ыла үөрэммит оҕо толкуйдуур, айар дьоҕура сыппыыр диэн өйдөбүл үөскээбитэ быданнаата. Итини барытын учуоттаан, үөрэтэн туран, Чурапчы улууһугар, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, биллэр артиллерист, норуот Дьоруойа Гавриил Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын салалтата, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан да диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо, сахалыы төрүт оонньууларбытыгар дьарыктанар анал хоһу, олунньу 22 күнүгэр арыйда.


“Оскуолабытыгар улахан бэлиэ күн буолан ааста, ол курдук сахалыы остуол оонньууларыгар анаммыт хоһу арыйдыбыт. Чуолаан хабылыкка уонна хаамыскаҕа аналлаах остуоллаары сакаастаан оҥотторон аҕалан туруордубут.

Итини таһынан “Мас оонньуу” диэн тэрилтэттэн анаан-минээн үллэһэн түөрт көрүҥ оонньуулары эбии уурдубут, манна эбии “Джаколло” диэн голландскай оонньууну эбэн биэрдибит. Мантан салгыы былааммыт өссө даҕаны үгүс, начаалынай кылаас үөрэнээччилэригэр “Кадетскай” диэн ааттаах туспа остуол тиэниһин аҕалан туруоруохтаахпыт. Оҕолорбут тиһигин быспакка маннык дьарыктана сырыттахтарына, төрөөбүт төрүт остуол оонньууларыгар ытыктабылы кыра саастарыттан иҥэринэн, саха буолалларынан киэн тутта улааталларыгар эрэнэбит”, — диэн Алаҕар орто оскуолатын дириэктэрэ Валентина Гаврильевна Максимова кэпсээтэ.


Өбүгэ саҕаттан оонньонон кэлбит сахалыы остуол оонньуута оҕо-ыччат интэриэһин тарда турдун, инникитин кэскиллээх буоллун!

 

Сэмэн Жендринскэй