Звеновод НИКОЛАЙ ЕГОРОВИЧ ЯКОВЛЕВ (Үлэнэн дьолломмут Чурапчы)

Одьулуун отделениетын үрдүк үүнүүтүн звенотун салайааччытынан хомуньуус Николай Яковлев ананыаҕыттан ылата ыһыы сирин кичэллик оҥоруу, агротехника бастыҥ ньымаларын туттуу, тиэхэньикэ модун кыаҕын саталлаахтык туһаныы уонна көхтөөх социалистическай куоталаһыыны тэнитии лаппа тупсарыллыбыта. Ону тохсус пятилетка ааспыт түөрт сылларыгар звено ситиһиитэ чаҕылхайдык кэрэһэлиир.

1971-1974 сылларга 810 гектардаах ыһыы сирин гектарын ахсыттан ортотунан 11,5 центнер үүнүү ылыллыбыта. Ол түмүгэр тохсус пятилетка былааныттан ити кэмҥэ валовойунан 3620 центнеринэн элбэх бурдук хомуллубута. Биэс сыллаах кирбиилэрин аһарар 1974 сылга звено ордук үчүгэй түмүктэммитэ – хас биирдии гектар 15,9 центнер үүнүүнү биэрбитэ. Звеновод Яковлев көмөлөһөөччүтэ Н.Я. Яковлевтыын 318 гектардаах бааһынаны комбайнынан быстаран, 479 тонна бурдугу астаппыттара. Бу кыайыыларын иһин кинилэргэ “Урал” уонна “Планета” матасыыкыллар пуондалара анаммыта. Оттон комбайнер К.Н. Фомин холодильник пуондатынан бириэмийэлэммитэ. Бастыҥ звеноҕа оройуон чөмпүйүөн звенотун аата иҥэриллибитэ.

Октябрьскай өрөбөлүүссүйэ уонна “Бочуок Знага” уордьаннар кавалердара, дэгиттэр талааннаах мехнизатор Николай Егорович салайар Карл Маркс аатынан сопхуос Одьулууннааҕы отделениетын бурдугу үүннэрээччилэрэ түмүктээһиннээх сылга туораахтаах култууралары 852 гектарга ыһарга, гектар ахсыттан былааны таһынан 2,5 центнер үүнүүнү ыларга социалистическай эбэһээтэлистибэни ылынаннар соруктарын толорбуттара.

Ити кирбиини ситиһэр инниттэн өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх механизатора салайар кэлэктиибэ бааһынаҕа хаары типтэриини, номуоһу таһыыны, тиэхэньикэни бэлэмнээһини тэрээһиннээхтик саҕалаабыттара.

 

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй