Биһиги Чурапчыбыт нэһилиэгин устуоруйатын, социальнай– экономическай сайдыытын, култуурунай, ыспартыыбынай олоҕун, үтүө үлэһит дьонун сырдатар “Үүнэ – сайда тур, тапталлаах Чурапчым” улахан дьоһуннаах альбом-кинигэ Дьокуускай куоракка “Дани – Алмас” хампаанньаҕа, 100 ахсаанынан бу соторутааҕыта бэчээттэнэн таҕыста.
Кинигэни Чурапчы нэһилиэгэ МТ баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Варвара Васильевна Макарова хомуйан оҥордо. Бу сүрдээх тупсаҕай, кэрэ дизайнаах, көстүүлээх ураты альбом–кинигэҕэ Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сылын бэлиэтиир, үбүлүөйдээх 2023 сыллааҕы үлэтин –хамнаһын кэпсиир хаартыскалар, суруйуулар киирдилэр. Альбомҥа РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, “Саҥа олох” хаһыат үрдүкү кэрэспэдьиэнэ, биһиги улууспутугар таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар суруналыыс Семен Жендринскэй ыстатыйалара, хаартыскалара киирбиттэр.
“Үүнэ – сайда тур, тапталлаах Чурапчым!” альбом-кинигэ Чурапчы нэһилиэгэ МТ баһылыга Владимир Дмитриевич Сивцев киирии тылыттан саҕаланар.
Манна: “Нэһилиэкпит олохтоохторо ТОС бэрэсэдээтэллэрин, кинилэр активтарын тула түмсэн, тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр бары ыытыллыбыт дьаһалларга, субуотунньуктарга, култуурунай–ыспартыыбынай тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылан нэһилиэкпит сайдыытыгар, дьон түмсүүлээх буоларыгар бэйэ – бэйэҕэ көмөлөһүү, өйөһүү баар буолан ыытыллыбыт үлэбит түмүгэ көһүннэ”, — диэн этиллэр.
2022 сыллаахха атырдьах ыйын 18 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев “Об организационном комитете по подготовке и проведению юбилейных мероприятий, посвященных 375- летию образования Чурапчинского наслега муниципального образования “ Чурапчинский улус (район) РС(Я)” анал дьаһала тахсыбыта. Кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн СӨ бырабыыталастыбатын бэрэсэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дмитрий Дмитриевич Садовников анаммыта.
Кинигэҕэ Ил Дархан ыйааҕа, тэрийэр кэмитиэт мунньахтарын боротокуоллара, Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев дьаһаллара, Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сылын бэлиэтээһин концепцията (быһаарыыта) уо.д.а суолталаах докумуоннар киирбиттэрэ үбүлүөйдээх сыл тэрээһиннэрэ былааннаахтык, үрдүк суолталаахтык ыытыллыбытын кэрэһэлииллэр.
Чурапчы нэһилиэгэ МТ 2023 сыллааҕы отчуота: нэһилиэнньэ ахсаанын көрдөрүүтэ, тутуулар, социальнай көрдөрүүлэр, успуорт, култуура. Бу хайысхалар уларыйыылара, сайдыылара диаграмманан көрдөрүллэн, киһи атын сыллары кытта тэҥнээн көрөрүгэр олус табыгастаах буолбут. Уопсастыбаннай түмсүүлэр, ТОС-тар ыыппыт үлэлэрэ хаартысканан сырдатыллыбыттара киһи болҕомтотун улаханнык тардар.
Салгыы ыытыллыбыт үлэлэр төгүрүк сыл 12 ыйынан араарыллан, олус табыгастаахтык таҥыллан киирбиттэр.
Тохсунньу ыйыгар. Бу ый, Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сылын бэлиэтин, брендбугун бигэргэтэн, оҥотторон, былааннаммыт ыытыллар үлэлэри сырдатар сыаллаах нэһилиэк салалтата үлэ кэлэктииптэрин кытта көрсүһүүлэрин тупсаҕай хаартыскалар кэпсииллэр. Чурапчы нэһилиэгин Өрөгөй ырыатын тылын суруйуу күрэһин түмүгэ сырдатыллыбыт. 18 кыттааччыттан Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо Василий Пермяков – Татыана уола Баһылай “Туругура тур, Чурапчым” хоһооно, бары билэрбит курдук Чурапчы нэһилиэгин Өрөгөй ырыатынан бигэргэммитэ. Онтон да атын кэрэ бэлиэ тохсунньуга ыыттыллыбыт тэрээһиннэр, Бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытта көрсүһүүлэр, ыытыллыбыт кэскиллээх кэпсэтиилэр тустарынан билсиэххэ сөп.
Олунньу ыйыгар. Тэрилтэлэр ыспартакыйаадаларын саҕаланыытын, Ийэ тылга, аҕаларга, эр дьоҥҥо анаан ыытыллыбыт, онтон да атын тэрээһиннэр тустарынан, Мурун Тыымпыйаҕа гаас киириитигэр ТОС олохтоохторо исписэлиистэри кытта көрсүһүүлэрэ, кэпсэтии сүбэ мунньахтара сырдатыллыбыт.
Кулун тутар ыйыгар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Тоҕус томтор ааҕыылара”, Дьокуускай куоракка “Алаас ахтылҕана” тэрээһин, “Чурапчы чараҥа” бэстибээл, ыспартыыбынай күрэхтэһиилэр, култуурунай тэрээһиннэр тустарынан суруллубут.
Муус устар ыйыгар. Чурапчы улууһугар Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна ускууустубатын күннэрин сырдатар, “Утум” дьиэтигэр куруһуоктар үлэлэрин сэһэргиир, ТОС- тар икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэхтэһиилэр, Чурапчы ыччата ыытар тэрээһиннэрин, хаарбах дьиэлэри көтүрүү, ыраастааһын үлэлэрин туһунан матырыйааллары сэҥээрэн ааҕыаххыт.
Ыам ыйа ыгар. Бу ый Чурапчы нэһилиэгэр “Кэнчээри” саҥа түөлбэҕэ “Май. Труд. Мир” диэн лозунунан улахан субуотунньуктан саҕаламмыта. Бу күн нэһилиэк 375 сылынан 375 эр киһи көхтөөхтүк үлэҕэ тахсыбыта. Күргүөмнээх үлэ, көхтөөх субуотунньук түгэннэрин эһиги манна баар хаартыскалартан көрөн сэҥээриэххит.
Биир бэлиэ түгэнинэн Владимир Иохельсон 1902 сыллаахха түһэрбит хаартыскатын тилиннэрии, үйэтитии буолар. Бу бырайыак режиссера Семен Ноговицын буолар. Бу хаартыска Өймөкөөҥҥө буолбут Олоҥхо ыһыаҕар быыстапкаҕа туруоруллан, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна кэлбит ыалдьыттар киэҥ сэҥээриилэрин ылбыта. Альбом-кинигэҕэ Бөтүгүттэ алааһыгар устуу түгэннэриттэн элбэх хаартыскалар киирбиттэр. Сааскы халаан уутун этэҥҥэ аһарар үлэлэр, ырааһырдыы субуотунньуктарын сырдатар матырыйааллар киирбиттэрэ Чурапчы дьоно хайа да түгэҥҥэ түмсүүлээхтэрин туоһулууллар.
Бэс ыйыгар. Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сылыгар анаммыт ыһыахтан улахан фоторепортаж, “Тоҕус томтор оонньуулара” онтон да интириэһинэй матырыйааллар бэс ыйынааҕы түһүмэххэ ойууламмыттар.
От ыйыгар. Атырдьах ыйыгар. Трактовай уулуссаҕа муоста арыллыыта, Афансий Софронов аатынан успуорт уораҕайа, Прокопий Сокольников аатынан киин балыыһа тутуутуттан, Ленин болуоссата саҥардыллан оҥоһуллар түгэннэриттэн күүстээх үлэни сырдатар хаартыскалар, Чурапчыбыт тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар үлэлээбит “Мохсоҕол” студеннар этэрээттэрин туһунан суруйуулар киирбиттэр.
Балаҕан ыйыгар. Чурапчы нэһилиэгин Мурун Тыымпыйа түөлбэтигэр гаас ситимэ үлэҕэ киириитэ, хаарбах дьиэттэн саҥа дьиэҕэ киирии онтон да атын дьоһун тутуулар, үөрүүлээх түгэннэр сырдатыллыбыттар. Чурапчы күнэ — нэһилиэк олохтоохторун биир кэтэһэр бырааһынньыктара буолар. Үбүлүөйдээх сыл үөрүүлээх тэрээһиниттэн улахан фоторепортааһы кэрэхсээн ааҕыаххыт.
Алтынньы-сэтинньи ыйдарыгар. Тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллар комплекснай ыспартакыйаада, ТОС-тар икки ардыларыгар ыытыллар күрэхтэһиилэр, күһүҥҥү ырааһырдыы субуотунньуктара, бу ыйдарга ыытыллыбыт култуурунай дьаһаллар, быыстапкалар, онтон да атын үтүө түмүктээх тэрээһиннэри сырдатар суруйуулар, хаартыскалар дьон кэрэхсэбилин ылыахтара.
Ахсынньы ыйыгар. Үбүлүөйдээх сылы түмүктүүр үтүө тэрээһиннэр, кыайыылаахтары бэлиэтиир, “Чыпчаал” бириэмийэни туттарар үөрүүлээх түгэннэртэн хаартыскалар, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Дмитриевич Сивцев 2024 сылы Чөл олох сылынан биллэрэн, сыл символын Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай физическай култуура уонна успуорт үнүстүүтүн ректорыгар Иннокентий Иннокентьевич Готовцевка туттарар дьоһуннаах түгэнэ кинигэ — альбомҥа киирэн үйэтитиллибиттэр.
“Үүнэ – сайда тур, тапталлаах Чурапчым” кинигэни билиһиннэрии “Утум” дьиэтигэр муус устар 11 күнүгэр ыытылынна. Манна тэрилтэ профсойуустарын бэрэссэдээтэллэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Наталья Захарова, РФ суруналыыстарын Сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй