Ытык Күөлгэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо дуобат күрэҕэр Чурапчы хамаандата үһүс миэстэ буолла

 

Ытык Күөлгэ С.П. Романова кэриэһигэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэтээҕи дуобат турнира буолла. Турнирга Хаҥалас, Нам, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта дуобаччыттара кииристилэр.

Саастарынан 3 бөлөххө арахсан, көхтөөх күрэх буолла. Чурапчыттан 6 спортсмен баран, бэйэлэрин кыахтарын тургутан көрдүлэр. Турнир уопсай түмүгүнэн Таатта хамаандата кыахтаахтык бастаата, иккис Нам хамаандата, үһүс бириистээх миэстэҕэ Чурапчы хамаандата таҕыста.

Бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр биһиги хамаандаттан Евдокия Кычкина (Хатылы) иккис, эдэр дуобаччыт Айта Дьячковская (Чурапчы) үһүс, уопуттаах дуобаччыт Мария Монастырева (Чурапчы) үһүс бириистээх миэстэлэри ыллылар. Хамаанда састаабыгар Дмитрий Неустроев (Чурапчы), Георгий Захаров ( Чурапчы), Мария Григорьева ( Одьулуун) хатыһыылаахтык киирсэн, хамаандаларыгар наадалаах очукуолары аҕаллылар.

Иннокентий Матвеев, улуустааҕы адаптивнай спорт салайааччыта