«Саҥа олох» хаһыаппыт Чурапчыбыт улууһун олоҕун-дьаһаҕын туһунан дьонугар-сэргэтигэр билиһиннэрэр. Хаһыаты элбэх киһи суруйан, бичийэн, айан-тутан таһаарар. Тэрилтэни салайан үлэлэтээччинэн эрэдээктэр буолар. Кини бэчээттииргэ көҥүллээн илии баттаатаҕына эрэ, хаһыат күн сирин көрөр. Бииргэ үлэлээбит салайааччым, өр кэмҥэ «Саҥа олох» хаһыаппытыгар эрэдээктэрдээбит Гаврил Гаврильевич Попов туһунан кылгас ахтыыны суруйабын.
Кини – Чурапчы улууһун Болугур нэһилиэгиттэн төрүттээх. Ийэтэ Наталья Николаевна Попова – нэһилиэгэр биллэр иистэнньэҥ. Аҕата Гаврил Яковлевич Попов – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Курскай Тоҕойго, Белгород туһаайыытынан кыргыһыыларга кыттан, «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Мындаҕаайы сельпотун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Кинини Мындаҕаайы оскуолатыгар үөрэммит кэммиттэн билэбин. Бу оскуола 1969 сыллаах выпускнигабын. Оччолорго кини кыра кылаастарга учууталлыыра. Бэрт сылбырҕа, сытыы-хотуу эдэр уол этэ – байаанныыра, фокус көрдөрөн соһуталыыра. Кэлин билбитим – Дьокуускайдааҕы педучилище мусукаалынай отделениетыгар үөрэммит эбит. Мырыла оскуолатыгар ырыа, физкултуура учууталынан үлэлээн баран, Мындаҕаайыга кэлбит. Мындаҕаайыга салайааччынан үлэлиир кэмигэр Чакырга бииргэ үлэлээбит табаарыһа Николай Иннокентьевич Протодьяконов салайар «Кустук» экологическай хайысхалаах лааҕырын бары үлэтин өйөөбүтэ, көмөлөспүтэ. Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ бу лааҕыр үлэтэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аатырбыта, элбэх саҥа тутуу баар буолбута.
Төлөйгө, Чакырга учууталынан, Амма орто оскуолатыгар дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан, олохтоох Сэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Ити үлэлиир кэмигэр мин дойдубар Болтоҥоҕо Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ этим. Ыкса билсибиппит. Тэрийэр, түмэр дьоҕурдааҕын таба көрөн, 1990 сыллаахха оройуоннааҕы Сэбиэт тэрийэр отделын сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Мин киниттэн араас боппуруостарга үгүстүк сүбэлэтэрим, көмөлөһүннэрэрим. Биир дьикти «адьынаттаах» этибит. Чаһыбытын кыһын бэргэһэҕэ, сайын хортууска уган баран, көрбөккө эрэ ороон ыларбыт. Онтукабытын кэлэр улахан түмсүүгэ эмиэ хатылыырбыт.
Гаврил Гаврильевич П.М. Решетников аатынан Чурапчытааҕы норуот тыйаатыра туруорар драматическай айымньыларыгар 1990 сылтан кыттан барбыта, артыыс аатын ылбыта. Араас уобарастары айан, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта. Ол курдук, Степан Ефремов «Ини бии» драматыгар Мэхээһи, Мария Герасимова «Көһөрүү» пьесатыгар Уйбааны,өө Николай Неустроев «Тиэтэйбит» кэмиэдьийэтигэр Омуннаах Уйбааны, о.д.а. итэҕэтиилээхтик оонньообута. Итинэн кини киэҥ таһымнаах, талааннаах артыыс буолара көстүбүтэ.
1995 сыллаахха улуустааҕы «Саҥа олох» хаһыакка эрэдээктэринэн анаммыта. Кини уонна Семен Романович Данилов ыҥырыыларынан, бу хаһыакка үлэлии кэлбитим, эрэдээктэри солбуйааччынан анаммытым. «Үтүө дьыала» хамсааһыны сырдатыыга Бэрэсидьиэн гранын ылбытым. Итиннэ Гаврил Гаврильевич оруола улахан. Нэһилиэктэргэ саҥа тутуулары барыларын хаартыскаҕа түһэрэн, суруйан таһаарарбыт. Түмэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи дьүүллүүр сүбэҕэ түһэрбиппит, кыайыылаах буолбутум.
Эрэдээксийэбит сайдыытыгар, дьиэтэ-уота тупсарыгар кыһаллара, үлэһиттэрин олохторун-дьаһахтарын болҕомтоҕо тутара, көмөлөһөрө. Харчы-үп кырыымчык кэмигэр кирэдьиит ылан маҕаһыын астарбыта, ритуальнай сыаҕы үлэлэппитэ. Чэбдигирдиигэ элбэх субуотунньуктары тэрийэрбит. Кэлэктиип түмсүүлээх, биир санаалаах буолан, араас дьаһаллары ыытарбыт. Ол курдук, тэрилтэ эр дьонугар дуобат, саахымат, баарыс чемпионатын ыытан, олунньу 23 күнүгэр түмүктүүрбүт, кыайыылаахтар бириис туталлара. Дьахтар күнүн сонуннук тэрийэрбит – биир сыл атынан хатааһылаппыппыт, «Эн хаарга сардаана үүннэрдиҥ» тиэмэҕэ айылҕаҕа таһаарбыппыт, Кындалга «Олоҥхо мусуойугар» сырытыннарбыппыт. Күһүҥҥү муҥхалааһыҥҥа сылдьан, тэрилтэбит кэрэ аҥаардарын балыгынан хааччыйарбыт.
Гаврил Гаврильевич үлэтигэр ирдэбиллээҕэ – күн ахсын сарсыарда 8 аҥаар чааска хонтуоратыгар кэлэрэ, хаһаайыстыбатын туругун билсэрэ. Үлэһиттэриттэн эмиэ лоп-бааччы буолууну ирдиирэ. Биир үтүө хаачыстыбата – дьону кытары сатаан кэпсэтэрэ, биир тылы булара, боппуруоһу ылыннарыылаахтык, оруннаахтык туруорара. Ол иһин тэрилтэбит ырыынак ыар тыыныгар оҕустарбакка туораабыта, элбэх ааҕааччыламмыта. Түмсүүлээх үлэ кыайыылаах буолар. Сырдатар үлэбит сыаналанан, 2002 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ хаһыата буолбуппут.
Гаврил Гаврильевич Попов таһаарыылаах, үрдүк көрдөрүүлээх үлэтэ сөптөөхтүк сыаналаммыта. 2001 сыллаахха «Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна» бэлиэнэн, 2003 сыллаахха «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Алексей СЛЕПЦОВ, суруналыыс, СӨ бэчээтин, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна
Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ