Маайа төрөппүттэрэ былыргы аас-туор олоххо баайдар хамначчыттара этилэрэ. Кинилэргэ үлэ үөрүүтүн, дьолун-соргутун Сэбиэскэй былаас аҕалбыта. Колхуостаах ыал буоланнар байылыаттык олорон барбыттара. Ол кэрэ кэми немецкэй фашистар биһиги дойдубутугар сэриинэн саба түһэннэр аймаабыттара.
Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар сылларыгар Маайа фроҥҥа барбыт эр дьоннору солбуйан колхуоһун араас үлэтигэр күүһүн харыстаабакка кыттыбыта, кыайыыны уһансыбыта. Ама да ааспытын иһин, киһи уйана-хатана биллэр кытаанах кэмэ этэ. Суоратынан, ымдаанынан өйүөлэнэн күүстээх үлэҕэ сылдьара. Итинник бэйэтин харыстаммат өрө күүрүүлээх күлэтин туоһулаар “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕаарадаламмыта буолар.
Мария Прокопьевна ыанньыксыт идэтин курдук ыарахан, ол гынан баран бочуоттаах үлэни талан ылбыта. Бастаан саҥа сүөсүһүттүүр кыыс кыайбата, сатаабата үгүс буолара. Ол эрээри ыанньыксыт буолар баҕата, ыарахаттартан толлубат дьулуура күүһүгэр күүс эппиттэрэ. Онуоха колхуоска өр сылларга сүөсүһүттээбит дьүөгэлэрэ көмө-тирэх буолбуттара, ыанньыксыт идэтин кистэлэҥин баһылыырга уһуйбуттара.
Сотору кини үчүгэй үлэлээхтэр кэккэлэригэр киирбитэ. Бастаан үлэлээтэҕин сыл биир ынахтан 1200 киилэ үүтү ыан ылбыта. Оччолорго ити кырдьык да үрдүк көрдөрүү этэ. Ынаҕы көрүүнү, аһатыыны улам тупсаран испитэ. Төрүөҕү ылыыга эмиэ үчүгэй ситиһиилэммитэ.
Кэлиҥҥи сылларга Субуруускай аатынан сопхуос Сылаҥнааҕы отделениетыгар ыанньыксыттыыр. Ферма үлэтин саталлаах тэрийээччи, ордук эдэр кыргыттары сүөсүһүт идэтигэр бэртээхэй үөрэтээччи, иитээччи быһыытынан биллибитэ. Ферма старшайынан өр сылларга үлэлээбитэ. Кини тохсус пятилетка бастакы сылларыгар биллэр-көстөр ситиһиилэммитэ ол курдук Бүтүн Сойуустааҕы социалистическай куоталаһыыга киирсэн, 1973 сыллаахха 2000-лаах кирбиини ылбыта. Мария Прокопьевна бэйэтигэр үрдэтиллибит эбэһээтэлистибэ ылынан үлэлиир үтүө үгэстээҕэ. Пятилетка төрдүс, тутаах сылыгар биир фуражнай ынахтан 2174 киилэ үүтү ыан, урукку көрдөрүүтүн өссө тупсарбыта.
“Оскуола-производство-үрдүк үөрэх!” диэн девизтээх фермаҕа орто оскуолаттан үлэлии тахсар комсомолка кыргыттарга Мария Прокопьевна үтүөкэн настаабынньыгынан буолара. Бэйэтин дьоһун майгытынан, үлэҕэ кыайыыны-хотууну ситиһэринэн бастыҥ оробуочай холобурун көрдөрөрө. Кини салайар ферматыгар үгүс ыччаттар, комсомолкалар үлэлээн-хамсаан ааспыттара.
Мария Прокопьевна тохсус пятилетка түмүктээһиннээх сылыгар хас биирдии фуражнай ынаҕыттан 2193 киилэ үүтү ыырга хардары былааны ылыммыта. Кини ыанньыксыттыырын быыһыгар моой оттоон сопхуоһугар бастыҥ көмөлөһөөччү этэ. Кэлин сааһынан төһө да пенсияҕа тахсыбытын иһин, сөбүлүүр үлэтиттэн илиитин араарбатаҕа. Инньэ гынан тустаах үлэтинэн Сылаҥ отделениетыгар саамай үрдүк көрдөрүүлээх ыанньыксытынан биллэрэ.
Сопхуос биир бастыҥ сүөсүһүтэ “Килбиэннээх үлэтин иһин В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолуутун бэлиэтээн” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Оттон 1973 сыл түмүгүнэн социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа знагын ылар чиэстэммитэ. 1974 сыллаахха туоруммут соругун толорууга үрдүк таһаарыылаах үлэтин иһин Мария Винокурова “Бочуок Знага” уордьанынан наҕараадаламмыта.
Үрүҥ илгэни дэлэтии маастара, ыччат настаабынньыга тохсус пятилетка түмүктээһиннээх сылыгар өссө үчүгэй көрдөрүүнү ситиспитэ.
Сэмэн Жендринскэй