«Өскөтүн 50-60-с сылларга Чурапчы  уолаттара үҥкүүгэ үлүһүйэн туран дьону көҕүлээбит, бэйэлэрин саталларынан, дьоҕурдарынан, талба талааннарынан көрөөччүлэри умсугуппут буоллахтарына кэлиҥҥи көлүөнэлэргэ үҥкүү анал идэтин ылан олохторун анаабыт хоһууттарбыт бааллар дуо, кинилэр кимнээхтэрий?» — диэн ырыҥалаан кэпсээтэххэ хореограф идэлээхтэр бааллар эбит. Араас сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбит уонна үҥкүүнү идэ оҥостон  үлэлии сылдьар ураты иэйиилээх үлэһиттэр.

Сивцев Илья Васильевич-СӨ культуратын туйгуна, Мугудай нэһилиэгин сайдыытыгар  киллэрсибит кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына,РФ култууратын министрэ Швыдской В.Е. Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыт,Чурапчы улууһун култууратын уонна үлэтин бэтэрээнэ.

         (16.01.1953-27.09.2017 с.)

Мугудай нэһилиэгэр колхуостаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Мугудайга орто оскуоланы бүтэрэн биир сыл Калинин аатынан холкуоска үлэлээн баран,. 1971-73сс. Сэбиэскэй Армияҕа сулууспа кэнниттэн, дойдутугар эмиэ сыл үлэлээн  1974 с.  Дьокуускайдааҕы культпросвет училищеҕа үҥкүү салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Үөрэнэр сылларыгар «Сарыал» ансаамбылга  үҥкүүлээбитэ.

1976 с.үөрэҕин бүтэрбитэ.Магадан куоракка  илиҥҥи зоналары  көрүү фестивальга лауреат аатын ылан, 1977 сыллаахха сайын Москва куоракка  түмүктүүр кэнсиэргэ Кремль дыбарыаһыгар  үҥкүүлээн турар. Үөрэҕин бүтэрэн Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэр  кулуупка уус-уран салайааччынан, салгыы 1978-1980с. Төлөй кулуубугар директорынан, 1980 сылтан Мугудай кулуубугар уус-уран салайааччынан, методиһынан 32 сыл тохтобула суох,барыта култуураҕа 37 сыл үлэлээбитэ. Үлэлиир кэмигэр  үгүс элбэх фестивалларга, гастролларга  үҥкүүлэспитэ. Кэргэнэ Анна Семеновна оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр 5 сыл үҥкүү куруһуогар сылдьан, 1978 с. үҥкүүгэ  билсэн ыал буолбуттара. Онтон ыла Илья Васильевич олохтон барыар диэри кэргэнинээн араас ааттаах түһүлгэлэргэ,гастролларга үҥкүүлээн, көрөөччүлэр уонна биир идэлээхтэрин биһирэбиллэрин ылан, олохторун дьолунан толорон олорбуттара.

Нэһилиэгэр культурнай-маассабай үлэ барарыгар,улуус култуурата сайдарыгар специалист буолан туран элбэх кылаатын,сыратын -харатын биэрбит дьоннортон биирдэстэрэ буолар.Кини сүрдээх судургу ,көнө сүрүннээх,сэмэй көсүө майгылаах үлэһит этэ.Улуус оччотооҕу көлүөнэ култуура үлэһиттэрэ  сүрэхпитигэр,өйбүтүгэр-санаабытыгар умнуллубаттык сөҥөн сылдьар,сүгүрүйэр,ытыктыыр-убаастыыр үлэһиппит.Ыал быһыытынан үс оҕолоохтор,10 сиэннээхтэр,  хос  сиэннээхтэр.Үҥкүүһүт дьиэ кэргэн талааннарын оҕолоро,сиэннэрэ хайаатар да удьуордуохтара диэн эрэнэ күүтэбит.

        Пахомов Василий Васильевич

 Тохсунньу 26 күнүгэр 1961 сыллаахха  Чурапчы улууһун Чыаппара бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтүм. Төрөөбүт нэһилиэкпэр олохсуйан олоробун, кэргэннээхпин, икки кыыс оҕолоохпун,  сиэннээхпин.

Чыаппара уруккуттан ырыа-тойук, үҥкүү-битии куттаах нэһилиэгинэн биллэр. Онон кыра эрдэхтэн бары культура эйгэтигэр сыстан улааппыппыт. Оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр  биһигини үҥкүү кэрэ эйгэтигэр угуйбут  учууталбыт Дьячковский Серафим Николаевич этэ. Оччолортон оскуола, нэһилиэк культурнай олоҕор сыстан улааппытым. Алаҕар 8 кылаастаах,Мугудай орто оскуолатын бүтэрэн,1979 с. Сэбиэскэй армия кэккэтигэр икки сыл сулууспалаан кэлэн тутуу биригээдэтигэр үлэлээбитим.

1984 сыллаахха Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училищеҕа хореограф идэтигэр үөрэнэ киирбитим. 1986 cыллаахха үөрэхпин бүтэрэн хореограф идэтин ылбытым.

1986 с. Бахсы кулуубугар худругунан ананан үлэлээн баран 1989-1991 сылларга Абыйга Муҥурдаах культуратын дьиэтигэр худругунан үлэлээн ,1991-1992  сыллаахха дойдубар төннөн Г.Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатыгар хореограбынан, физругунан, УПМ маастарынан үлэлээбитим. . Ол сыллартан 2000 сылга диэри үҥкүү куруһуогун салайан үлэлэппитим.

Оскуолаҕа үҥкүү куруһуога саҥа сүүрээн буолан элбэх оҕо сылдьара, араас кэнсиэрдэри, мероприятиялары тэрийэрбит. Ол кэмнэргэ сылын аайы кылаастарынан кэнсиэрдииллэрэ, онно араас үҥкүүнү туруора сатыырым.  Үҥкүү бөлөҕүн тэрийэн улууска “Маралаайы оһуордара” куонкуруска ситиһиилээхтик кыттыыны ылбыппыт. Василий Василтевич 1995 с. Чыаппаратааҕы эр дьон народнай хордарын кыттыылааҕа,биир бастыҥ солиһа.Калуга куоракка, Хабаровскайга,Москваҕа,Кытайга ону таһынан нэһилиэккэ, улууска, республикаҕа буолар араас  мероприятияларга ырыа буоллун, үҥкүү буоллун барытыгар туора турбакка кыттан кэлбит улуус,нэһилиэк биир тарбахха баттанар талба талаана буолар.

Сэмэй аакка-суолга наадыйбат дьиҥ култуура куттаах,үҥкүү,ырыа  айылгылаах, айылҕаттан айдарыллыбыт удьуор утуму салҕааччы Василий Васильевичка баҕарабыт бөҕө доруобуйаны,уйгулаах олоҕу, күн сиригэр баар бары дьолу-соргуну!

Oplus_131072

Макаров Егор Семенович, СӨ культуратын туйгуна

Культура эйгэтигэр үлэһит буоларбар миигин үҥкүү ыҥырбыта.-диэн ахтар Егор Семенович.1969 с. олунньу 21 күнүгэр  Сылаҥҥа төрөөбүтэ.Оскуоланы бүтэрэн баран, оччотооҕу “Школа — Производство – үрдүк үөрэх!» -диэн девиһинэн Чурапчы совхозка үлэҕэ киирбитэ. Ол сылдьан кулуупка буолар араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Уопсай үҥкүү группата тэрийэннэр, үҥкүү туруоран гастролларга сылдьыһар буолбута. Салайааччыбыт Валентина Алексеевна Дьячковская үчүгэй үҥкүүлэри туруорара. Чурапчыга араас тэрээһиннэргэ ыҥырыыга сылдьар этибит. Итинтэн саҕалаан мин культуура эйгэтигэр сыстан, үлэлээн барбытым.1993 с. культ.просвет училищеҕа  үөрэнэ киирбитим 1994 сылтан кэтэхтэн көспүтүм. Маассабай дьаһаллар режиссердара идэни 2000 с. бүтэрбитим.1990 сыллаахха Бэрэ кулуубугар,1993 с. Сылаҥҥа худругунан, 1994 с. Сылаҥ оскуолатыгар куруһуок салайааччытынан,1995 с.Түөйэҕэ клуб сэбиэдиссэйинэн, 1997 с. Сылаҥ СДК-гар методиһынан, 2000 сылтан художественнай салайааччынан,2006 сылтан Культура Дьиэтин директорынан, 2008 сылтан худругунан ананан үлэлии сылдьабын.

“Күн Күбэйэ” диэн үһүс көлүөнэ дьону хабан үҥкүүгэ дьарыктыыбын. Быйыл тэриллибиппит 15 сылын туолар. 2009 с.”Алаһа” диэн саастаах дьон түмсүүлэрэ  тэриллибитэ.Салайааччылара Макароа Клара Васильевна-.Ансаамбыл тэринэн, араас дьаһалларга ыллыыллара. Онуоха мин өссө үҥкүүнүбайытан биэриэххэ диэн тыл көтөхпүтүм.Аан бастаан сахалыы үҥкүүнү туруорбутум. Онтон чаппараахтаах үҥкүүгэ ылсан, Хатылыга ыытыллыбыт үҥкүү күрэҕэр кыттан,лауреат аатын ылан кэлбиппит.Күн бүгүн 22 буолан дьарыктаналлар. Уопсайа уонча үҥкүүлэннибит. Москубаҕа “Арт-Фэшн” диэн куонкуруска чаппараахтаах үҥкүүнү таһынан”Ситии ситимэ”диэн үҥкүүнү илдьэн кыттан кэлбиппит.

Тэриллиэхпититтэн ситиһиибит син элбээтэ. Ол курдук араас улуус, республика конкурстарыгар, ону ааһан Россия, омук да сирдэринэн элбэхтэ сылдьан, күрэхтэһэн, кыайан-хотон кэллибит. Атын Россия куораттарыгар да, кыраныысса да таһыгар сырыттахпытына сахалыы таҥаспытын, үҥкүүбүтүн сэҥээрэн көрөллөр, “сахалыы сиэргитин-туомҥутун илдьэ сылдьаргыт олус үчүгэй” диэччилэр.Егор Семенович ис-сүрэҕиттэн  самодеятельность элбэх көрүҥнэринэн оҕолору дьарыктыыр уонна хайаатар да ситиһиилэрдэнэр.Ол курдук клоунадаҕа дьарыктаабыт оҕолоро Циркаҕа артыыс буола сылдьаллар. Аны “Айан+”бөлөх тэринэн аатырбыттара бэйэтэ туһунан кэпсээн.Ырыалара-тойуктара  өрөспүүбүлүкэ араадьыйатынан, телевидениетынан элбэхтик сырдатыллыбыт уонна үйэтийбит бөлөх. Онтон үһүс көлүөнэ үҥкүүһүттэри үөрэтэн сири-сибиири кэрийдилэр.Быһата Гоша барытыгар талба талааннаах уһуйааччы, култуура эрэллээх байыаһа,мээлэ киһи тэҥнэспэт киһитэ.

Терютин Николай Николаевич

Өрөспүүбүлүкэтээҕи агитбиригээдэлэр көрүүлэрин кыайыылааҕа (1990), АКБ, АХБ Бүтүн Россиятааҕы көрүүтүн лауреата (1990), “Дети Саха-Азия” Аан дойдутааҕы фонда стипендиата (1995),  «Лучший по профессии» Чурапчы улууһун култууратын үлэһиттэрин конкурсун кыайыылааҕа (1995), илин эҥэр култуура үлэһиттэрин күрэҕин супер-финалиһа (1995),  I республикатааҕы эбии үөрэхтээһин педагогтарын конкурсун кыайыылааҕа (1998), I “Сүрэхпин оҕолорго аныыбын” Бүтүн Россиятааҕы эбии үөрэхтээһин педагогтарын конкурсун призера (1998),  СӨ үөрэҕириитин туйгуна (1998), СӨ Правительствотын стипендиата (1999), СӨ Президенин “Барҕарыы” национальнай фонда стипендиата (2005), СӨ култууратын туйгуна (2009),«СӨ народнай художественнай айымньыта сайдыытыгар киллэрсибит кылаатын иһин”  (2011),  Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ (2012), СӨ ыччат политикатын туйгуна (2014), “СӨ Учууталлар учууталлара”  (2018), “Саха сирин методиһа” (2022) Бэлиэлэр хаһаайыннара, (2019 с)Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

1964 сыллаахха кулун тутар 6 күнүгэр Пестерева Александра Дмитриевна, Терютин Николай Алексеевич дьиэ кэргэннэригэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.

1971-1981 с.с. Мугудай орто оскуолатын үөрэнээччитэ.

1981-1986 с.с. Хабаровскайдааҕы култуурунай – сырдатар училище студена, Биробиджан куоракка үөрэммитэ.

1983-1985 с.с. Сэбиэскэй армия кэккэтигэр сулууспалаабыта.

1986-1988 с.с. Чурапчы улууһун Кытаанахтааҕы култуура дьиэтин художественнай салайааччыта.

Николай Николаевич  1986 сыллаахха Хабаровскайдааҕы культурнай-сырдатар училищены бүтэрэн Чурапчыга үлэлии кэлбитэ.

1988-1993 с.с. Илин Сибиирдээҕи култуура институтун студена, Улан-Удэ куоракка.

1989-2002 с.с. Чурапчы улууһун Д.Д.Красильников аатынан Ивановтар авторскай оскуолаларын «Көлүкэчээн» оҕо народнай, Россия Образцовай ансаабылын салайааччыта.

2002-2018 с.с. СӨ Үөрэҕин министерствотын Өрөспүүбүлүкэтээҕи эбии үөрэхтээһини сайыннарыы Киинин директорын солбуйааччыта.

2018 с. СӨкултуураҕа уонна духуобунаска Министиэристибэтин Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин хореографияҕа сүрүннүүр специалиһа.Николай Николаевич Терютин  Чурапчыга эрэ буолбакка өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник сураҕырар, уонна култуура эйгэтигэр,эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр киэҥник биллэр аат.

Толстоухов Юрий Семенович-СӨ культуратын туйгуна. А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейын научнай сотруднига.

“Мин  бэс ыйын 26 күнүгэр 1970 сыллаахха  Мугудайга төрөөбүтүм. Ийэм Анастасия Дмитриевна – Мугудай  детсадыгар завхоһунан үлэлээбитэ, Хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, билигин 82 саастаах, Мугудайга олорор. Аҕам Семен Семенович  сопхуоска үүт уонна уу таһар массыынаҕа суоппардаабыта,элбэх социалистическай куоталаһыылар кыайыылаахтара, оройуон рекордсмен суоппара этэ. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт.1989 с.-1992с. Дьокуускайга культпросвет хореография салаатыгар үөрэнэн бүтэрбитим.

Мин бальнай үҥкүүнү ордук сэҥээрбитим. Онон Михаил Захарович Сивцев салайар «Мозаика» бальнай үҥкүү ансаамбылыгар киирэн дьарыктаммытым. Партнершам Осипова Лола диэн Сунтаартан төрүттээх бииргэ үөрэнэр кыыһым этэ. Син ситиһиилэрдээх этибит. Нерюнгри куоракка (Туяра Винокуровалыын)республиканскай бальнай үҥкүү конкурсугар баран кыттаммыт 2-с миэстэ буолан турардаахпыт.1992-1993 үөрэх сылыгар Одьулуун оскуолатыгар үҥкүү куруһуогун салайааччытынан биир сыл үлэлээбитим. Онтон Чурапчыга көһөн киирэн «Дьиэрэҥкэй» оҕо үҥкүү народнай ансамблыгар балетмейстерынан үлэҕэ киирбитим.

Сулҕаччы нэһилиэгэр Дмитрий Неустроев кэриэһигэр ыытыллыбыт үҥкүү күрэҕэр Тамара Семеновалыын «Күөрэгэйдиин көрсүһүү» үҥкүүбүтүнэн лауреат аатын ылбыппыт. 2001-2008 с. Чурапчытааҕы А.П.Гоголев аатынан оҕо музыкальнай оскуолатыгар директордаабытым.2011-2023с. .А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейыгар директордаабытым,” — диэн бэйэтин билиһиннэрэр. Билигин научнай сотруднигынан үлэлии сылдьар.”Үҥкүү идэтин ыламмын олохпун култуура эйгэтигэр анаан үлэлии сылдьарбыттан дьылҕабар махтанабын!”-диир. Юрий Семенович дьэ  кырдьык дэгиттэр талаан. Пьесаҕа бэркэ оонньуур,соҕотоҕун суолалыыр ырыаһыт.Аны кэлин сылларга олоҥхоҕо ылсан эрэр. Быйыл Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Мугудайтан төрүттээх Ырыа Ымыычааан “Уолусхан  улаан аттаах Уһук Туйгун бухатыыр” олоҥхотун соҕотоҕун толорон биһирэтэн кэллэ. Онон Чурапчы култууратыгар үлэлиир  хореографтарбыт бары бэртээхэй туруорааччы режиссер, дэгиттэр талааннаах култуура байыастара буолан иһэллэриттэн  үөрэбит,астынабыт ,киэн туттабыт!.

Үҥкүү куттаах дьиэ-кэргэн. Валентина, Аял Новгородовтар

Новгородова Валентина Ревовна-СӨ культуратын туйгуна, Дьиэ кэргэн политикатын туйгуна,Төрөппүт “Албан аат” орденнаах үлэтигэр умсулҕаннаах тэрийээччи,көҕүлээччи, “Материнская Слава”,үтүө суобастаах үлэтин иһин Бэлиэлэр хаһаайыннара.

Новгородов Айаал Прокопьевич-СӨ культуратын туйгуна, Үтүө суобастаах үлэтин иһин, үөрэхтээһин, культура уонна искусство сайдыытыгар киллэрсибит кылаатын иһин Бэлиэлэр хаһаайыннара.

Новгородов Айаал Прокопьевич бэс ыйын 27 күнүгэр 1975 сыллаахха  Таатта улууһун Боробул бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. Валентина ахсынньы 22 күнүгэр 1972 с. Хадаарга төрөөбүтэ.1993 сыллаахха Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба коллеһыгар үҥкүү салаатыгар Тааттаттан Айаал,Чурапчыттан Валентина иккиэн үөрэнэ киирэллэр.

А.Г.Лукина тэрийбит“Өркөн”үҥкүү ансаамбылыгар иккиэн дьарыктаналлар.Дьокуускай куорат улахан тэрээһиннэригэр барытыгар үҥкүүлүүллэр. «Өркөн» ансаамбыл аата биллэн-көстөн барбыта. Аан дойду таһымыгар Саха үҥкүүтүн Японияҕа, Голландияҕа, Германияҕа,Нижний Новгородка көрдөрбүттэрэ, фестиваллартан кыайыы көтөллөөх үөрэн-көтөн кэлэллэрэ. 1996 сыллаахха үөрэхтэрин бүтэрэн ыал буолан, Валентиналыын Дириҥҥэ музыкальнай оскуолаҕа үҥкүү кылааһыгар учууталларынан үлэлии кэлэллэр.  Манна Дириҥҥэ дьонноро  уруу тэрийэн, дьиэ-уот туттан ,сэттэ оҕоҕо күн сирин көрдөрөн улахан дьиэ-кэргэн буолан олороллор.28-сыс сылларын А.В.Посельская аатынан Дириҥнээҕи оҕо искусствотын оскуолатыгар үлэлии сылдьаллар.Айаал Прокопьевич 15 сылын директордыыр.Оскуолаҕа 130 оҕо дьарыктанар,үөрэнэр.

Биһигини үҥкүү кэрэ эйгэтигэр уһуйбут,  бу идэни баһылыырбытыгар  үөрэппит дьоммутугар, төрөппүттэрбитигэр, учууталларбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит!-диир Айаал Прокопьевич Новгородов.

Валентинпа, Айаал Новгородовтар Саха сирин дьиэ кэргэттэрин аатыттан Улуу Москубаҕа быйыл баран бэйэлэрин талба талааннарын көрдөрбүт уонна сөхтөрбүт ыаллар. Кинилэр бүтүн дьиэ кэргэнинэн айар кэнсиэрдэрэ Тааттанан,Чурапчынан  сөп-сөп ыытыллар,сүгүрүйэр,махтанар, биһириир элбэх көрөөччүлэрдээхтэр. Культура үтүөлээх үлэһиттэрэ буолуохтарын сөп хаама сылдьар  умсулҕаннаах үҥкүү пропагандистара уонна образцовай дьиэ кэргэнчаҕылхай туоһулара диэн кинилэр буолаллар.

(02.05.1978 с-25.02.2013 с.)

Катаков   Станислав Филиппович — СӨ культуратын туйгуна, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ,Россияҕа маассабай-театральнай көрүҥнэргэ бастыҥ хореограф номинация лауреата, СӨ сайдыытыгар киллэрсибит кылаатын иһин,СӨ норуотун айымньытыгар киллэрсибит кылаатын иһин, ДьТХА киллэрсибит кылаатын иһин Бэлиэлэр хаһаайыннара.

Бэйэтин баҕатынан Дьокуускайдааҕы культура коллеһыгар үҥкүү салаатыгар 1995-1998  туйгуннук туттарсан киирэн бүтэрбитэ.  Стас «Көлүкэчээн»  ансаамбылга дьарыктаммыт буолан чэпчэкитик үөрэммитэ. Культура коллеһын үҥкүүтүн коллективыгар киирэн саха норуотун үҥкүүтүн Голландияҕа, Геманияҕа көрдөрбүттэрэ. Үөрэҕин бүтэрээт, 1998 с. Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар  художественнай салайааччынан үлэлии киирбитэ. «Сандал» этно-фольклорнай ансаамбылы тэрийбитэ. Кэтэхтэн үөрэнэн АГИИК  2000 с.бүтэрбитэ.

Oplus_131072

Бастакы ситиһиитэ: 1995 сыл ,оскуоланы бүтэрэр сылыгар Чурапчы улууһа олохтообут үрдүк аатын  «Эрэл – 95». бириэмийэ лауреата.

  • Россияҕа маассабай театральнай көрүҥнэргэ “Бастыҥ хореограф” бириэмийэтин лауреата
  • 2001 — 2011г сылларга дылы Туймаада ыһыаҕын үҥкүүгэ режиссерунан үлэлээбитэ.
  • «Мисс- Саха сирэ» кэрэ кыргыттар Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэрин тэрийээччитинэн үлэлэлэспитэ.
  • Визитка буолбут үҥкүүтэ – «Дьөһөгөй үҥкүүтэ».
  • «Битии», «Тыын», «Масчыт уолаттар», «Көмүс күһүн», «Сааскы үөрүү», «Өрөгөй», «Боотурга уһуйуу», «Эр киһи ситимэ» уонна да атыттар. Кини айан таһаарбыт 70 үҥкүүлэригэр дууһатын сипсиэрэ иһиллэргэ дылы…

Улахан норуот бырааһынньыктарыгар туруорааччы- режиссер быһыытынан үлэлэрэ:

  • 2003 с.”Магия танца”-үҥкүү кэллэктииптэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр .
  • ЮНЕСКО Коитиро Мацура көрсүһүүгэ
  • 2000-2005 ссТаба региональнай оонньуутугар
  • 2001-2010 сс. “Куорат күннэрэ” Дьокууускайга
  • Өлүөхүмэ куоратын 370 сыла
  • Сунтаарга Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньуулара
  • “Саха сирэ үҥкүүлүүр”2012с үҥкүү кэллэктииптэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэрэ
  • УлууКыайыы 60 сыла ”Сверкай адмазами Победа!” Хабаровскайга
  • 2007 с. СӨ культуратын күннэрэ Москваҕа
  • “СӨ Культуратын күннэрэ” Казань куораккарежиссербут

Стас Катаков баара суоҕа 35 сыл олорон ааспыта.Ол эрэн хаһан да умнуллубат хамсаныылаах үҥкүүлэринэн бэйэтигэр памятник туруорбут сүдү талаан!

Собакин Владимир Александрович — СӨ культуратын туйгуна

1983 с. атырдьах ыйын 1 күнүгэр Кытаанах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 2000с. Кытаанах орто оскуолатын художественнай кылааһын, 2005 с.культура коллеһын бүтэрбитэ.1997 с.уолаттары мунньан брейк үҥкүүнэн дьарыктанан барбыт. Оччолорго шефтээх Уус-Алдан Тандатыгар ити үҥкүүнэн дьарыктанар уолаттар бааллара.Кинилэри кытта наар күрэхтэһэллэр эбит. “Оскуола эрдэхтэн үҥкүүлээн, күн бүгүнүгэр диэри үлэлээн- хамнаан кэлбитим 20 тахса сыл буолбут. 2001 с. Таатта Харбалаах музыкальнай оскуолатыгар, 2005-2007 с. Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгэр“Тэтим”үҥкүү ансамбылын тэриммитим.Улуустааҕы,өрөспүүбүлүкэтээҕи конкурустарга лауреат,дипломант буолбуппут. 2007 с. Кытайга Россия сыла буолбутугар 2 ый баран үлэлээн кэлбитим. 2008 -2015сылларга  Чурапчы“Дьиэрэҥкэй” оҕо үҥкүү народнай образцовай ансамбылыгар кэлэн салайааччынан үлэлээбитим.2015-2020 сылларга суол-иис көрдөнөн Дьокуускайга 1№ -даах педколледжка үлэлээбитим-диэн кэпсиир Владимир Александрович.

Красноярскайга “Олоҥхо дойдутун алгыһа”-диэн икки чаас  уһуннаах театрализованнай дьүһүйүү оҥорон 2019 с. студеннар кыһыҥҥы универсиадаларыгар баран кыттыыны ылан кэлбиттэрэ.

2020-2021 сылларга Горнай улууһугар. ”Кырдал” бөлөх биэс сыллаах отчуотунай кэнсиэрин бэлэмнээн көрөөччүгэ таһаарбыта. Күүскэ дьарыктаан Санкт-Петербурга “Мир на ладони” Российскай күрэххэ баран ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ.Санкт-Петербурга  ансаамбыла 1-кы ст.лауреат буолбута. Өссө биир умнуллубат өйдөбүллээх сырыыта Владивостокка 2021 с барыы этэ.Кэлин Дьокуускай куорат норуот айымньытын уокуруктааҕы киинигэр үлэлээтэ. Кини Кытаанахтар баар суох эрэнэр талааннарыттан биирдэстэрэ.Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятелэ Афанасий Петрович Собакин хаан аймаҕа.Эһээтин убайа.Түөт оҕо аҕата.Владимир Александрович билигин айар-тутар,мындыр сааһын саамайкэмэ.Онон кини үҥкүүгэ дьүһүйүүлэрин көрөрбүт иннибитигэр турдаҕа. Улаханнык саҥарбаппыт..сахалыы сиэри тутуһан дьоллоох айар үлэни баҕарбыт!

Алексей Алексееавич Аржаков«СР Ыччат политикатын туйгуна», «Надежда Якутии» уонна юбилейнай «Ысыах Туймаады-25 лет» түөскэ анньынар бэлиэ хаһаайына, Одьулууҥҥа үс оҕолоох Алексей Алексеевич уонна Мария Степановна Аржаковтар дьиэ кэргэҥҥэ 1986 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр төрөөн,  аҕатын аатын сүкпүт уол буолар.2008 с.культура коллеһыгар үҥкүү салаатын  бүтэрэр.Айар үлэтин оҥкулун Одьулуун кулуубугар художественнай салайааччынан саҕалыыр. Салгыы үлэлии-үлэлии кэтэхтэн үөрэнэн, 2012 сыллаахха Арктикатааҕы  культура уонна искусство институтун ситиһиилээхтик бүтэрэн «Хореографическай коллектив художественнай салайааччыта уонна норуот художественнай айымньытын учуутала”специальноһы ылар.

2013 сылтан улуустааҕы «Үөрүү» оҕо дьоҕурун сайыннарар киин үлэһитэ буолар уонна бу киин филиалыгар — Одьулуун орто оскуолатыгар «Сардаҥа» диэн ааттаах оҕо-ыччат үҥкүү ансаамбылын тэрийэр.2019 сыллаахха,үһүс көлүөнэ “Саһарҕа ”ансаамбыла тэриллибитэ. Ансаамбыллар ситиһиилэрэ элбэх.Ол туһунан тахсар кинигэттэн  сиһилии билсиэххит.

  Поисеев Иннокентий Иннокентьевич-СӨ Культуратын эрэлэ аат хаһаайына

Мин  1992 сыллаахха тохсунньу 26 күнүгэр Чурапчы улууһун Дирин бөһүөлэгэр төрөөбүтүм.

1999 с.күһүн эбээм Аксения Васильевна Посельская аатынан Дириннээҕи музыкальнай оскуолаҕа Айаал Прокопьевич Новгородов салайар үнкүү кылааһыгар биэрбитэ. Оскуолабар  үөрэнэ сылдьан улуустааҕы эрэ буолбакка республиканскай таһымнаах тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыбыппыт. Биэс сыл түргэнник ааһан Валентина Ревовна Новгородова кылааһыгар народнай үнкүү салаатын этэнҥэ бүтэрбитим.И.Е.Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ орто оскуолатын  2009 сыллаахха бүтэрэн бараммын Дьокуускай куоракка А.Д. Макарова аатынан култуура уонна искусство коллеһыгар үнкүү салаатыгар устудьуон буолар үөрүүтүн билбитим. Куратордарым Алена Гаврильевна Павлова уонна Стас Николаевич Степанов курстарыгаркиирэнүнкүүкиэнэйгэтинбилбитим. 2013 сыллаахха «Үҥкүү колоективын салайааччыта, учуутал» диэнидэлээх диплом тутанүөрэхпинбүтэрбитим.«Гулун» диэн хоту дойду аҕыйахахсааннаахноруоттарыннароднайүнкүүансаамбылыгарартыыһынанүлэлиикиирбитим. Ол үлэлиисылдьанбэбиэскэтутан армияҕа ыҥырыллантанковайротаҕатүбэһэнбиирсылэтэнҥэсулууспалаанкэлбитим. Кэлэн баран дойдубарЧурапчыгатехническайколледжкатэрийээччидуоһунаьыгарүлэҕэкиирбитим, ол кэмнэ“Айыллаан”сынньалаҥкииниттэныҥырыыкэлбитэ.

Оннук гынан 2015 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгин «Айыллаан» сынньалан киинин иһинэн үлэлиир «Дьиэрэнкэй» норуодунай оҕо үнкүү ансаамбылыгар салайааччынан ананан киирбитим.2016 сыллаахха «Народнай» ааты комүскүүр кэммит кэлэн 20 ункүүлээх хамыһыйаны көрсөн этэнҥэ түмүктээбиппит. Бу үлэлиир кэммэр «Айыллаана» ыччат уонна «Сиккиэр» орто саастаах далбардар ансаамбылларын сүрэхтээбитим. Сайын 18 оҕолоох «Дети Азии» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар аһыллыытын дьоро түгэнигэр иитиллээччилэрбин илдьэн харахтарны кэҥэтэн кэлбиппиттэн олуһун астыммытым. Бу үлэлиир сылларбар Москваҕа,Питерга, Хабаровскайга ыытыллыбыт ыһыахтарга көхтөөхтүк кыттыбыппыт. Ону таһынан Улууска Республикаҕа уонна тас дойдуларга буолар тэрээһиннэргэ элбэх ситиһиилэр, лауреаттар дипломаннар уонна гран прилар буолбуппут.2017 сыллаахха диэри соҕотох үлэлии сылдьан олоҕум аргыһын Мария Эдуардовнаны Балетмейстер дуоһунаһыгар киллэрбиппит. 2018 сыллаахха «Чолбон» ыччат үнкүү ансаамбыла тэрийэммит Чурапчы нэһилиэгин биир сирэй ансаамбылабуолан айа- тутасылдьарынан киэн туттабыт. 2019 сыллаахха Чурапчы улууһун култууратын үлэһиттэрин икки ардыларыгар ыытыллар «Чолбон» бириэмийэ хаһаайыттара, уонна сыл бастын ыччатын түмсүүтүн аатын ылбыппыт. Ол сыл эмиэ «Народнай» ааппытын көмүскээбиппит.

Бу күҥҥэ диэри «Дьиэрэнкэй» оҕо народнай үнкүү ансаамбыла этэнҥэ үлэлии олорор. Иннокентий үҥкүүнэн эрэ муҥурдаммат өссө уолаттар ансамбылларыгар ыллаһан быйыл куоракка эр дьоннор ансамбылларын күөн күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.

Үлэҕэ-хамнаска уол оҕо- эр бэрдэ баар буоллаҕына ханнык баҕарар ыарахан үлэ үмүрүйэр. Уолаттардаах  тэрилтэ хаһан баҕарар кыахтаах, дьоллоох тэрилтэ буолар. Онон Иннокентий Иннокентьевич кытаатан, уолаттар бары түмсэн үлэлии сылдьаргыт курдук  бары үлэҕэ-хамнаска түмсүүлээхтик, айымньылаахтык үлэлээн  иннигит хоту баран иһиҥ, ыарахаттартан чаҕыйымаҥ, айар үлэ алыптаах аартыгар үүнэр көлүөнэни уһуйа,угуйа туруҥ!-диэн ис-сүрэхтэн кырдьаҕас култуура үлэтин бэтэрээнэ алгыыбын.Кэрэни кэрэхсиир ,уйаҕас дууһалаах,үҥкүүһүт ыччаттар үксүү,төрөөбүт түөлбэлэрин туругурдар ыралаах көлүөнэ дьон элбээтэр элбии туруохтуннар!

 

  Мария Герасимова-Сэҥээрэ

Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ