Үлэни өрө туппут кэскиллээх салайааччы (Бүгүн – Чурапчы улууһун Ытык киһитэ Аркадий Филиппов төрөөбүтэ 90 сыла)

Улахан, иллээх дьиэ кэргэн тапталлаах аҕалара, эһэлэрэ, хос эһэлэрэ, тумус туттар, дурдахахха буолар киһилэрэ – Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, сэрии кэмин оҕото, Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин II истиэпэннээх уордьан кавалера Филиппов Аркадий Егорович икки сыллааҕыта, ахсынньы 30 күнүгэр уһун, ыарахан ыарыыттан 88 сааһыгар букатыннаахтык олохтон туораабыта.

Аркадий Егорович 1935 сыллаахха олунньу 2 күнүгэр Мэлдьэхси нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ.

Дьокуускай куоракка үс кылааһы бүтэрэн баран, салгыы 1947 сыллаахха Мэлдьэхсигэ 4 кылааһы, онтон Дириҥҥэ, Чурапчыга үөрэнэн 10-с кылааһы 1954 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.

Ити сыл аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Курильскай арыылартан саамай улаханнарыгар – Итуруп арыыга сулууспалаан, 1956 сыл күһүнүгэр сержант званиелаах дойдутугар этэҥҥэ эргиллибитэ.

1956-1957 сыл үөрэх дьылыгар Чурапчы орто оскуолатын интэринээтигэр счетоводунан, ити таһынан эбии уус-уран салайааччынан үлэлээбитэ.

1957-1959 сылларга Саха судаарыстыбаннай университетын география факультетыгар үөрэммитэ.

1958 сыллаахха Уус Алдан улууһун биир бастыҥ ыспарсымыана  Клара Пантелеймоновна Слепцовалыын дьоллорун холбоон, ыал буолбуттара.         Аркадий Егорович үөрэҕэр дэгиттэр буолан, 1959 сыл күһүнүгэр Москва судаарыстыбаннай университетын географияҕа факультетын устудьуона буолбута. Ол эрээри, хомойуох иһин, ыалдьан, төттөрү төннөн кэлбитэ.

1966 сыл ахсынньытыгар Хайахсыкка география, нуучча тылын учууталынан үлэлии сырыттаҕына, оскуола дириэктэринэн аныыллар. Ити сыл Саха Судаарыстыбаннай университетын география отделениетын кэтэхтэн үөрэнэн ситиһиилээхтик бүтэрэр. Хайахсыкка оскуола оҕолоругар хаартыска куруһуогун тэрийбитэ.

1967-1968 сс. үөрэх дьылыгар Сылаҥ орто оскуолатыгар дириэктэринэн ананар. Сылаҥна  уопсастыбаннаһы, төрөппүттэри кытта үлэ ситиһиилээхтик атаҕар туруорбута, оскуола түмэр-тэрийэр, үөрэтэр-иитэр үлэтэ биһирэммитэ. Сылаҥҥа нэһилиэнньэ көмөтүнэн спорт саалата тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Оҕону үлэнэн иитии тирэхтээх буоларын туһугар туруулаһан, оскуолаҕа анаан сопхуостан тыраахтар уонна массыына туруорсан ылбыта. Сылаҥ нэһилиэгэр үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.  Оройуон Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыта.

Үлэни өрө туппут кэскиллээх салайааччы Аркадий Егорович Филиппов 1971 сыллаахха норуот үөрэҕириитин оройуоннааҕы салаатын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Үөрэх салалтатын сүрүн соругунан үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиини туруорбута. Педагогическай үлэһиттэри уонна үөрэх эйгэтигэр салайар каадырдары сүүмэрдээн, табыгастаахтык аттаран туруоруу үлэтин биллэрдик тупсаран, оройуоҥҥа үөрэх сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитэ. Аркадий Егорович оскуолалар дириэктэрдэрин кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээн, үөрэх тэрилтэлэрин үрдүк таһымнаах каадырынан хааччыйыы боппуруоһун биир сүбэнэн сатабыллаахтык быһаараллара. Кини хас “биирдии дириэктэр, педагог, техүлэһит, бастатан туран, иитээччи буолуохтаах” диирэ. Кылаас салайааччытын үлэтин суолталаан, өрө тутара. Дириэктэр педагогтарга болҕомтолоох, ытык сыһыаннаах буоларын ирдиирэ. Оскуола олоҕун бары түгэннэрэ, үөрэх кыһатыгар саҥа сүүрээн киириитэ салайааччыттан саҕыллан, саҕаланан учууталга, үөрэнээччигэ, төрөппүккэ тиийэр, тарҕанар диэн мэлдьи этэрэ. Оскуолаларга сылдьан, сирэй көрсөн, илэ көрөн, баар кыһалҕаны уталыппакка быһаарар буолара.

1975-1980 сылларга оройуоннааҕы Сэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан талыллан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Үөрэх эбийиэктэрин матырыйаалынай-техническэй баазатын бөҕөргөтүүгэ далааһыннаах үлэ ыытыллыбыта. Кылгас кэм иһигэр дьыссааттар, 320 миэстэлээх оскуолалар, 194 миэстэлээх үс оскуола тутуллан дьэндэйбиттэрэ. Учууталлары дьиэнэн хааччыйыы, олорор усулуобуйаларын тупсарыы боппуруоһа быһаарыллыбыта.

1980-1990 сс. Норуодунай хонтуруол оройуоннааҕы кэмитиэтин Бэрэсэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитэ. РСФСР норуодунай хонтуруолун Кэмитиэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.

1990-91 сс. Райком тэрийэр отделын сэбиэдиссэйэ.

1991-2000 сс. Пенсионнай пуонда улуустааҕы управлениетын сүрүн боломуочунайынан үлэлээбитэ. РСФСР Пенсионнай Пуондатын бырабылыанньатын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.

Үлэтин ситиһиилээхтик тэрийэн, 1999 с. “Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин”  II истиэпэннээх уордьан мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

2006 сыллаахха “Педагогическай энциклопедия 3 туомугар” киллэриллибитэ.

Оройуон сэбиэскэй, партийнай уорганнарыгар 1971 сылтан 17 сыл устата дьокутаат, 18 сыл райком чилиэнэ, 1973-1980 сылларга Райисполком чилиэнэ, 1980-1991 сс. Райком бүрүөтүн чилиэнэ.

Аркадий Егорович Филиппов ити үлэлээбит сылларыгар оройуон социальнай-экономическай сайдыытын былааннарын торумнаспыт, быһаччы олоххо киллэрсибит дуоһунастаах дьонтон биирдэстэрэ. Үлэлээбит сылларыгар хаһаайыстыбаннай тутууларга улахан болҕомтону уран, типовой механизированнай хотоннору, сайылыктары, олору уотунан хааччыйар үрдүк күүрүүлээх уот ситимнэрин, сопхуостар аайы типовой кииннэри тутууга, ходуһалары нүөлсүтүүгэ, элбэх сыллаах оту ыһыыга, механизированнай бурдук ыскылааттарын тутууга тэтимнээх үлэ барбыта.

Аркадий Егорович  кэргэнинээн Клара Пантелеймоновналыын 65 сыл бииргэ олорон, улахан иллээх дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолан, оҕолорун үтүө дьон гына иитэн, үөрэттэрэн, ыал оҥортоон олохторун тэрийбитэ, элбэх сиэн тапталлаах эһэтэ буолбута. Аркадий Филиппов дэгиттэр талааннаах киһи этэ. Чурапчытын улууһун, төрөөбүт Мэлдьэхситин олуһун  таптыыра, хас саас аайы онно дьулуһара. Бултуурун, дьиэ кэргэнинэн сир астыырбытын олуһун сөбүлүүрэ. Кини сири-дойдуну үчүгэйдик билэр этэ, ким хайа иннинэ киэҥ сири тилийэ хааман, ханна сир аһа өлгөмнүк  үүммүтүн була охсоро. Уолаттарын булка илдьэ сылдьан үөрэтэн-такайан, айылҕаны кытта алтыһаннаран, сири-уоту харыстыырга үөрэппитэ. Аркадий Егорович урукку дьон сиэринэн сүрдээх көнө майгылааҕа, ыраас, түргэн туттуулааҕа, ирдэбиллээҕэ. Үлэҕэ эппиэтинэстээх сыһыанынан кимиэхэ баҕарар бастыҥ  холобур буолара. Кини итини таһынан суруйар-бичийэр дьоҕурдааҕа, “Саха сиэринэн” диэн хоһооннорун хомуурунньуга 2007 сыллаахха оччотооҕуга “Бичик” (билигин “Айар”) кинигэ кыһатыгар бэчээттэммитэ.

Сир оҕото буолан…

 Сир оҕото буолан

Өсөһөн, атаахтаан

Бүтүөҕүм….

Сириллэн, хайҕанан-

Уот буолан умайан

Көтүөҕүм…

Хаалыаҕа күн-күүстээх,

Чаҕылҕан күлүмнээх

Тапталым,

Өрөгөй түөрэхтээх,

Үйэттэн үйэлээх-

Кэнчээрим.

Иэйиибэр оонньообут

Куустуһан дьолообут-

Кустугум….

Ытык киһибит туһунан сырдык өйдөбүл Чурапчылар сүрэхтэригнэр мэлдьитин баар, хаһан даҕаны умнуллубат.

 

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ