Үлэлээх буоллаххына – олоххор тирэхтээххин

Ааспыт нэдиэлэҕэ Чурапчыга үлэ уонна үөрэх куурустарын улуустааҕы дьаарбаҥката буолбута. Бу дьаарбаҥка уонна Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуу киинин үлэтин-хамнаһын туһунан тэрилтэ салайааччытыттан  Софрон Софронович Осиповтан ыйыталастыбыт.

  • Дьаарбаҥка түмүгүнэн хас киһи үлэҕэ киирдэ?
  • Дьаарбаҥкаҕа улууспут 25 тэрилтэтэ 112 вакансиянан кытынна. Үгүс вакансия тутуу эйгэтиттэн «Адгезия» ХЭТ, үөрэх, энергетика уонна тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин тэрилтэлэриттэн киирбитэ. Дьаарбаҥка түмүгүнэн 7 киһи үлэҕэ киирэргэ ыҥырыы тутта, 4 киһи дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө үөрэнэ киирдэ.
  • Билигин хас киһи учуокка турарый?
  • Дьарыктаах буолуу киинигэр билигин 104 үлэтэ суох киһи учуокка турар. Бу ааспыт сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, быдан кыра көрдөрүү буолар. Статистика уорганнара этэллэринэн, маннык көрдөрүү бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэлиэтэммит. Сүрүн биричиинэнэн, биһиги санаабытыгар, нэһилиэнньэ элбэх араҥата социальнай хантыраак түһэрсэн самозанятай быһыытынан регистрацияланарыттан уонна интэриниэти сатаабаттарыттан буолуон сөп.

Ааспыт сылга 732 киһи учуокка тура сылдьыбытыттан 476-та үлэ булан учуоттан уһуллубута. Быйыл 314 киһи турбутуттан 172 үлэ булан учуоттан таҕыста. Билиҥҥи туругунан, улууспут тэрилтэлэрэ 122 аһаҕас үлэ миэстэтэ баарын туһунан биллэрэн тураллар. Үгүс вакансия үөрэх уонна доруобуйа харыстабылыгар тахсар. Холобур, оскуолаларга араас предметтэргэ учууталлар, улуустааҕы киин балыыһаҕа быраас, биэлсэр, медицинскэй сиэстэрэ үлэһиттэрэ тиийбэттэр. Маны таһынан буҕаалтыр, юрист, экономист, электромонтер, электрослесарь, биэкэр уонна  тутуу тэрилтэлэригэр оробуочай  вакансиялара аһаҕас тураллар.

Маннык хартыына сыл ахсын хатылана турар. Онон оскуоланы бүтэрэллэрэ чугаһаабыт оҕолоох төрөппүттэргэ оҕолорун доруобуйа харыстабылын, үөрэх, тутуу, энергетика эйгэтин үөрэхтэригэр киллэрэллэригэр сүбэлиибит.

  • Биһиги улууспутугар «Олохтоох каадыры — бырамыысыланнаска» бырайыак тэтимнээтик үлэлиир. Бу чэрчитинэн туох үлэ былааннанарый?
  • Маннык бырайыак чэрчитинэн туһааннаах тэрилтэлэри кытта үлэ ситимнээхтик тэриллэр. Бу сылга бырамыысыланнаска үлэлиэн баҕалаах үлэтэ суох дьону «Водитель БелАЗ», «Машинист крана», «Стропальщик», «Управление торговлей складом» курдук араас категориялаах суоппардарга, улахан тиэхиньикэ машинистарыгар үөрэттэрэ ыыттыбыт.

Бу бырайыак чэрчитинэн мелицинскэй көрүүнү ааһыы, үөрэнэр кэмнэригэр стипендия, айанныыр ороскуоттара толору төлөнөр. Ону таһынан үлэҕэ киирдэхтэринэ, 17400,0 солк матырыйаалынай көмө оҥоһуллар.

Ааспыт сыл түмүгүнэн, бырайыак көмөтүнэн, 11 ыччат араас бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр үлэлии киирбиттэрэ. Биллэн турар, маннык тэрилтэлэргэ вакансия ахсаана элбэх, хамнастара үрдүк, ону тэҥэ үлэҕэ киирэргэ ирдэбиллэрэ улахан.

  • Үлэ көрдөнөр дьоҥҥо бэриллэр босуобуйа төһө буолан турарый?
  • Уопсайынан, Дьарыктаах буолуу кииннэрэ нэһилиэнньэҕэ көмөлөрө барыта РФ Конституциятын 37 ыстатыйатынан бигэргэммит, үлэтэ суох буолууттан көмүскэллээх буолууга туһуланар. Ол курдук, үлэбит сүрүн соруга үлэ көрдүүр дьоҥҥо үлэ булуналларыгар, үлэһит көрдөнөр тэрилтэлэргэ үлэһит буларга көмөлөһүү буолар. Үлэ көрдөнөр кэмҥэ социальнай гарантия быһыытынан алын кээмэйдээх босуобуйа ыйдааҕы төлөбүрэ 2100 солкуобай, оттон үрдүк кээмэйдээх босуобуйа 17908,80 солкуобайга тэҥнэһэр. Бу босуобуйалар: алын кээмэйдээх 3 ый устата, үрдүк кээмэйдээх босуобуйа 6 ыйга диэри төлөнүөн сөп. Оттон үлэ көрдөнөөччү биэнсийэҕэ тахсара 5 сыла хаалбыт диэн категорияҕа киирсэр буоллаҕына, босуобуйа үрдүкү кээмэйинэн 12 ый устата ылыан сөп. Туохтан маннык босуобуйа кээмэйэ араастаһар диир буоллахха, үрдүк кээмэйдээх босуобуйа учуокка турбут киһи бүтэһик 12 ый устата 6 ыйтан итэҕэһэ суох үлэлээбит буоллаҕына ананар. Босуобуйа төлөммүт кэмэ үлэ ыстааһыгар ааҕыллар.

Маны таһынан, дьарыктаах буолуу киинэ анал бырагырааманан ыччакка идэ таларга профориентация өҥөтүн, быстах үлэ миэстэтин, уопсастыбаннай үлэлэри, бэйэ дьыалатын тэринэргэ көмө, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго сайыҥҥы кэмҥэ анал үлэлэри, уһун кэмҥэ үлэлээбэтэх дьоҥҥо психологическай уонна социальнай адаптацияҕа көмө уонна да атын өҥөлөрү оҥорор.

  • Быйыл туох уларыйыылар киирдилэр?
  • Биир сүрүн уларыйыынан – нэһилиэнньэҕэ уонна тэрилтэлэргэ оҥорор өҥөлөрбүт барыта электроннай ситимҥэ толору көстө. Үлэ көрдөнөөччү сайабылыанньатын Дьарыктаах буолуу киинигэр www.trudvsem.ru («Работа России» портал) диэн сайт нөҥүө ыытар. Тэрилтэ үлэһит көрдөнөрүгэр вакансиятын эмиэ бу сайт көмөтүнэн арыйар. Онон үлэҕэ, үлэһиккэ наадыйар дьон сайабылыанньаларын, вакансияларын хантан баҕарар ыытар кыахтаннылар. Сайтка киирэллэригэр, «Госуслуги» порталга туттар логиннарынан уонна паролларынан авторизация ааһаллар.

Үөрэх өттүгэр этэр буоллахха, быйылгыттан ыытыллар куурустар ахсааннара биллэрдик эбилиннэ. Бу сылга уопсайа 128 үлэтэ суох киһини үс хайысханан босхо үөрэххэ ыытыахтаахпыт. Билигин араас категориялаах суоппардары, иистэнньэҥнэри үөрэтэр куурустарга, «Основы предпринимательской деятельности», «Управление торговлей и складом», «Мастер по оформлению бровей», «Медицинский регистратор», «Охранник 6 разряда» уонна да атын куурустарга 52 киһи үөрэнэ сылдьаллар. Үөрэммит дьоммут үгүстэрэ тута үлэҕэ киирэн иһэллэриттэн үөрэбит.

Ону таһынан, «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн оробуочай идэлэри таһынан, орто анал эбэтэр үрдүк үөрэхтээх дьоҥҥо үрдэтинии куурустара тэрилиннилэр. Холобур, «Оператор 1С», «Социальный работник», «Специалист по персоналу», «Специалист в сфере закупок», «Торгитолог и SMM-специалист», «Интернет маркетинг: введение в профессию маркетолог», «Машинист установок обогащения и брикетирования» курдук саҥа идэлэр баар буоллулар.

Бу анал бырагырааманан оҕо көрөн олорор ийэлэр, пенсионердар уонна биэнсийэҕэ тахсаллара 5 сыл хаалбыт дьон, ону таһынан 35тэригэр диэри саастаах идэтэ суох уонна аармыйаттан кэлбиттэрэ 4 ый ааһа илик ыччаттар, 35тэригэр диэри саастаах, үөрэхтэрэ бүтэрэ 1 сыл хаалбыт устудьуоннар босхо үөрэниэхтэрин сөп.

Үөһэ этиллибит үөрэх куурустара үлэ ырыынагар баар аһаҕас үлэ миэстэлэригэр ананан тэриллэллэр уонна үөрэх түмүгүнэн үлэлии киирии булгуччулаах.

 

Ити курдук, дьон дьарыктаах буолуутугар анаан араас хайысханан үгүс үлэ ыытыллар. Көмө бырагыраамалар тустарынан сиһилии 42-708 нүөмэргэ эрийэн эбэтэр Чурапчы сэлиэнньэтин Ленин 35А-дээх дьиэтигэр кэлэн билсиэххитин сөп.

 

Марфа ПЕТРОВА