Күннэтэ ыччаты үөрэх, билии үөһүгэр сирдиир, дэгиттэр сайдыылаах гына иитэр соруктаах ханнык баҕарар оскуола, педагогическай кэлэктиип үлэтэ-хамнаһа биэс-алта уруогунан, хонугунан, сылынан даҕаны сыаналана охсубат. Кини эппиэтинэһэ оскуола ииппит-үөрэппит оҕолорун үйэлэрин тухары салҕанан барар.
Бу быыкайкаан дьон төһө билиилэнэн, үүнэн-сайдан иһэллэригэр, үлэни, дьону-сэргэни төһө ытыктыыр, таптыыр буолалларыгар оскуола, учуутал бэйэтин айымньылаах үлэтин түмүгэ көстөн кэлэр. Биһиги кэнэҕэски кэскилбит, күндү ыччаттарбыт уопсастыбаҕа бэйэлэрин миэстэлэрин булунуулара, норуокка туһаны аҕалыылара – бу буолар оскуола үлэтин түмүгэ. Оттон ол сыралаах үлэ үчүгэй түмүктээх буоллаҕына бар дьон бу оскуола кэлэктиибигэр, учууталларыгар барҕа баһыыбатын этэр, махтал тылларын тиэрдэр, киэн туттар. Чурапчы оройуонун биир оннук киэн туттар учуутала – Татьяна Степановна Кононова.
Чурапчы 2-с нүөмэрдээх аҕыс кылаастаах оскуолатыгар Татьяна Степановна күн ахсын сарсыарда эрдэлээн үлэтигэр тиэтэйэ-саарайа кэлэрин үгүс киһи күн бүгүҥҥээҥи диэри өйдүүллэр. Кини киэҥ теоретическай билиилээх, үрдүк маастарыстыбалаах, оҕо барыта дьиҥнээхтик таптыыр учууталынан буолара.
Татьяна Кононова 1954 сыллаахха Чурапчытааҕы педагогическай училищены бүтэриэҕиттэн оройуон эдэр ыччатын олох үөһүгэр үктэннэрэр сыралаах үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини учуутал мындыр үлэтин аан бастаан төрөөбүт Кытаанаҕар саҕалаабыта.
Ити кэмнэр усталарыгар Татьяна Степановна Кононова саха тылын уонна литературатын дьоһуннук үөрэппитин сэргэ, оскуолаҕа методическай үлэни тэрийиигэ үгүс кэрэхсэбиллээх саҕалааһыннары оҥорбута, балачча киэҥ практическай уопуту түмпүтэ. Олортон сүрүннээн, атыттарга холобур буоллун диэн манныктары этиэҕи баҕарыллар.
Кини Москва, Калинин, Казань уонна Ленинград учууталларын бастыҥ уопуттарын сиһилии үөрэтэн, бэйэ салайар педагогическай кэлэктиибин үлэтигэр утумнаахтык киллэрбитэ. Оскуолаҕа иитэр-үөрэтэр үлэни методическай сэбиэт сүрүннээн ыытара. Бу сэбиэккэ уопуттаах учууталлар, профсойуус меткомун чилиэннэрэ киирэллэрэ. Кинилэр учууталлар үлэлэрин систиэмэтин үөрэтэллэрэ. Маныаха оскуола иһинэн инспектированиены тэрийиилэрэ ордук кэрэхсэбиллээҕэ. Учууталлар аһаҕас уруоктары, “аһаҕас аан күннэрин” тэрээһиннээхтик ыыталлара. Ол араас көрүҥнээх педагогическай үлэлэр куруутун бириэмэтигэр түмүктэнэн иһэллэрэ. Олортон сорох кыһалҕалаах боппуруостар кэлэктиип дьүүлүгэр таһаарыллаллара.
Татьяна Степановна ити ыытар түбүктээх үлэлэрин түмэн 1965 сыллаахха “Нуучча тылын уонна литературатын үөрэтии уопуттуттан”, “Биолог-учуутал М.П. Макаров үлэтин туһунан”, “Чурапчы аҕыс кылаастаах оскуолатын математикаҕа учуутала К.Д. Платонов педагогическай үлэлэрэ” диэн рефераттары суруйталаан педагогическай ааҕыыларга кыттыбыта.
Татьяна Кононова салайар педагогическай сэбиэтин хас биирдии чилиэнэ методическай үлэҕэ чопчу сорудаҕы толороро. Кинилэр “проблемнай семинардары”, предметнэй кабинеттары, методическай кабинет библиотекаларын үлэлэтиинэн, билиилэрин үрдэтиинэн дьарыктаналлара. Сэбиэт мунньаҕа чиэппэр ахсын 1-2 төгүл ыытыллара.
Хас биирдии учуутал айар былааннаахтык үлэлиирэ ирдэниллэрэ, ону таһынан аттестация чааһа ордук чорботуллан туруоруллара. Татьяна Степановна инспектированиены сүнньүнэн үс көрүҥнээхтик тэрийэрэ. Туох ханнык иннинэ, педагог тус бэйэтин үлэтин үөрэтэрэ. Биир кылааска үлэлиир учууталлар уопуттарын түмэрэ. Үөрэнээччилэр ылбыт билиилэрин уонна дьоҕурдарын хаачыстыбатын оперативнай ньыманана быһаарара. Инспектирование тэриллиэн иннинэ бэлэмнэнии үлэ ыытыллара, сыал-сорук чуолкайдык туруоруллара.
Дьэ ити курдук тэрээһиннээхтик оҥоһуллар инспектированиелар, араас суол методическай көмөлөр, уруоктар көдьүүстэрин муҥутуурдук үрдэтэргэ кыаҕы үөскэтэллэрэ. Ол да иһин Татьяна Кононова салайар кэлэктиибэ куруутун үрдүк көрдөрүүлээх буолара.
Оттон уопуттаах учуутал, норуот үөрэҕириитин туйгуна Татьяна Степановна уруоктарыгар сылдьыбыт эрэ киһи барыта, көрүөҕүн көрөн, билиэхтэрин билэн, дуоһуйан тахсаллара. Быһата, мэлдьи үчүгэй, туйгун уруоктар ыытыллаллара. Кини бэйэтин предметин үөрэтиитигэр куруутун оҕо билэр өйдөбүллэригэр уонна урут ылбыт билиилэригэр тирэҕирэн ыытара. Ол да иһин түргэнник чиҥ билиини ситиһэрэ. Татьяна Степановна уруогар оҕо биирдэ да соло булбата, араас элбэх ньымалары туттара, үксүн бэйэтэ оҥорбут уонна муспут көрдөрөн үөрэтэр босуобуйаларын туһанара. Уруокка, саараама, биир да оҕону тумнубат этэ. Мөлтөххө да, үчүгэйгэ да кини тыла-өһө, көмөтө тиийбитэ баар буолара. Татьяна Степановна бэйэтин уруоктарыгар хас биирдии үөрэнээччигэ тустаах көмөнү, үлэни тэрийэрэ ордук кэрэхсэбиллээх этэ. Маныаха ханнык да оҕо, хайа тиэмэлэри ситэ үөрэппэккэ доҕолоҥнуурун быһаарара. Онно олоҕуран бу оҕолорго эрдэттэн былааннаммыт сорудаҕы бэлэмниирэ. Оттон үчүгэй үөрэнээччилэр кэтэһиспэккэ, салгыы дьарыктанан, ыаратыллыбыт үлэни толороллоро.
Кыһамньылаах, дьоҕурдаах учуутал идэтин ис сүрэҕиттэн иэйэн туран таптыыр буолан үлэтэ үчүгэй түмүктэрдээх этэ. Ону кини уонунан сыл иитэн-үөрэтэн, бүөбэйдээн таһаарбыт оҕолоруттан – билигин норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар айымньылаахтык үлэлии сылдьар дьон суруктара даҕаны туоһулууллар.
“Биһиэхэ үтүөнү-кэрэни өйдөтөргө үгүс сыраҕын биэрбитиҥ иһин эйиэхэ ис сүрэхтэн этиллэр истиҥ махталбытын, бастыҥ баҕарыыларбытын тиэрдэбит!…” – диэн суруйбуттааҕа Ригатааҕы авиационнай институт выпускнига Николай Харайбатов.
Оттон интернат-сокуола завуһа Д.С. Терютина бэйэтин суругар бу курдук кэпсээбиттээҕэ: “Мин үлэбэр-хамнаспар үгүс күчүмэҕэйдэри туоруурбар Татьяна Степановна курдук уопуттаах педагог көмөтө, күннэтэ сүбэтэ-амата улаханнык көмөлөспүтэ. Биһиги киниттэн, бэйэбит настаабынньыкпытыттан педагогика мындыр көрдөбүллэрин кистэлэҥнэригэр олус элбэххэ үөрэннибит. Ол да иһин биһиги барҕа баһыыбабытын этэбит…”
Субуруускай аатынан сопхуос биригэдьиирэ, бастык производственник Василий Прокопьев: “Ытыктабыллаах Татьяна Степановна, биһиги үлэттэн дьолу буларбытыгар, Ийэ дойдутугар ордук улахан көдьүүстээх дьон буоларбытыгар эн көмөҥ иһин истиҥ сүрэхтэн махталбытын тиэрдэбит…” – диэн эппиттээҕэ.
Дьэ ити курдук, биһиги оройуоммут биир кырдьаҕас учуутала, бастык уопсастыбанньык бэйэтин өр кэмнээх айымньылаах үлэтинэн, бар дьонун ытыктабылын ылбыта эдэрдэргэ үтүө холобурунан буолар.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ