“Билиҥҥи сүүрбэччэ саастаах оҕолор олус да дьоллоох үйэҕэ төрөөбүт барахсаттар”,  — диэн эппиттээҕэ биирдэ Социалистическай Үлэ Дьоруойа Роман Константинов.

  • Оттон мин итиччэлээх эрдэхпинэ хотон салҕааһыннаах, саах сыбахтаах балаҕантан быкпат этим. Баай баттала, дьадаҥы киһи аччык, аас-туор олоҕо. Итиннэ тыыннаах буолар, күн сырдыгын батыһар эрэ кыһалҕата диэни эппинэн-хааммынан билбитим. Ол эрээри улуу Ленин баартыйата төрүттээбит Сэбиэскэй былааһын сылларыгар көҥүл үй киһи үйэтин айымньылаах үлэтин чүөмчүтэ, ол үрдүк үөрүүтэ диэни толору билбиппинэн бэйэбин дьоллооҕунан ааҕынабын. Сааһым тухары сыспай сиэллээҕи үөрдээбитим, үтүмэн эмис эти, үтүөкэннээх төрүөҕү ыларым. Ол үлүскэннээх үлэ кыайыыта үрдүк сыанабылы ылбыта, миэхэ саха киһитигэр, колхуостаах бааһынайга Социалистическай Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибитэ. Норуот былааһа диэн тугун-ханныгын эмиэ билэр чиэстэммитим: төрөөбүт өрөспүүбүлүкэм Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан быыбардаммытым. Оттон билигин оройуонааҕы Сэбиэт дьокутаата уонна хомуньуус буоларбынан оройуонум, сопхуоһум экэниэмикэтэ салгыы сайдарыгар, култуурата чэлгийэ үүнэригэр күүс-күдэх тиийэринэн кыттабын, биһигини солбуйуохтаах эдэр көлүөнэни иитиигэ үтүө сүбэбинэн, олорон ааспыт олоҕум үөрүйэҕинэн көмөлөһөбүн”

 

Сэмэн Жендринскэй