Чурапчы бастакы нүөмэрдээх уһуйааныгар Ирина Егоровна Васильева иитээччинэн айымньылаахтык үлэлээбитэ. Кини 46 сыл устата туох баар күүһүн-күдэҕин, билиитин-көрүүтүн кырачааннарга анаабыта.
Кини маҥнай 1951 сыллаахха Амма оройуонун Покровкатыгар уһуйаан иитээччитинэн киирбитэ. Эдэр эрчимнээх үлэһити сотору сэбиэдиссэйинэн үүннэрбиттэрэ. Кини итинтэн салгыы Мэҥэ Хаҥалас, Орджоникидзевскай оройуоннарыгар уһуйаан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1967 сылтан төрөөбүт Чурапчытыгар 1-кы нүөмэрдээх уһуйааныгар иитээччитинэн анаммыта. Биллэрин курдук, үөрэтиигэ саҥа бырагыраамма киирбитинэн сибээстээн, алта саастаах оҕолору оскуолаҕа бэлэмниир саҥа бөлөх арыллыбыта. Манна төрөөбүт саҥаҕа дорҕооннору истэн араартара үөрэтии, сурукка бэлэмнээһин, ахсааҥҥа бэйэ толкуйдааһынын, нуучча тылын баһылааһыҥҥа уустук көрдөбүллэр турбуттара. Итилэри олоххо киллэриигэ Ирина Егоровна үгүс сыратын биэрэн дьаныардаахтык үлэлээбитэ, үтүө түмүктэри көрдөрбүтэ.
Ситиһиитин кистэлэҥэ туохханый? Кини бэйэтин билиитин утумнаахтык үрдэтэрэ, үөрэтэр-иитэр үлэ методикатын таба туһанара, саҥа, бастыҥ уопуту киэҥник олохтуура, оройуоннааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай ааҕыыларга көхөөхтүк кыттара. Кини “Оҕолорго айылҕаны билиһиннэриигэ олохтоох матырыйаалы туттуу” диэн тиэмэҕэ суруйбут реферата өрөспүүбүлүкэ дьүүллүүр сүбэтин биһирэбилин ылбыта.
Ирина Егоровна оҕолор психологическай уратыларын, биирдиилээн үлэни көдьүүстээхтик тэрийэрэ. Инньэ гынан оҕолор дорҕооннору истэн араара, таба саҥара, сорудахтары суоттуу үөрэнэллэрэ, биир тэҥник сайдаллара. Хас биирдии иитэр оҕотун таптааһына, ийэлии амарах сыһыана, төрөппүттэри кытта ыкса сибээһи тутуһан үлэлээһинэ – бу буолар кини ситиһиилэрин кэрэһэлиир бэлиэлэрэ.
Туйгун үлэлээх иитээччи “илиитин иһинэн” ааспыт оҕолор оскуолаҕа хайдах үөрэммиттэрин маннык чахчылартан көрөбүт:
1971 сыллаахха 27 оҕону бэлэмнээн оскуолаҕа биэрбититтэн 49 бырыһыаннара туйгуннук уонна үчүгэйдик үөрэммиттэрэ. 1972 сыллаахха — 28 оҕоттон – 50, 1973 сыллаахха – 29 оҕоттон – 55, 1974 сыллаахха – 26 оҕоттон – 55, 1975 сыллаахха – 28 оҕоттон – 50 бырыһыаннара наар туйгун уонна үчүгэй сыанаҕа үөрэнэллэрэ. Маныаха кини начаалынай кылаас учууталларын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиирэ эмиэ көмөлөһөрө.
Ирина Егоровна Васильева оҕолорго айылҕаттан талааннаах артыыс курдук сөптөөх ырыалары, хоһооннору талан үөрэтэрэ. Бэйэтэ олус үчүгэйдик ыллыыра, хоһоон ааҕара, үҥкүүлүүрэ, муусуканы билэр буолан кырачааннар дууһаларын абылыыра, сүргэлэрин көтөҕөрө. Бу уһуйааҥҥа хас бырааһынньык ахсын төрөппүттэргэ аналлаах кэнсиэрт туруоруллара.
Бу оҕо кэлэктиибигэр ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба куруһуога утумнаахтык үлэлиирэ. Иитээччи тустаах үлэтин таһынан үгүс уопсастыбаннай сорудахтары толороро. Ол курдук, кини – Саха АССР Үөрэҕин министиэристибэтин оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго штаты таһынан иниспиэктэрдиирэ, дьааһылалар, уһуйааннар иитээччилэрин методическай холбоһугун, салайааччы, оройуоннааҕы дьахтар кэмитиэтин, профсойуус олохтоох кэмитиэтин чилиэнэ Ирина Егоровна настаабынньык быһыытынан эмиэ эдэрдэргэ куруутун сүбэтин-аматын биэрэрэ. Сотору буолаат Ирина Васильева өр сыллаах эҥкилэ суох айымньылаах үлэтин иһин “ССРС норуот үөрэҕириитин туйгуна” значогунан наҕараадаламмыта. Туйгун иитээччи Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумуттан Бочуотунай Грамоталааҕа, үбүлүөйүнэй мэтээллэрдээҕэ. 1976 сыллаахха оройуоҥҥа идэтигэр чулуунан ааттаммыта.
Бастыҥ педагог бу үрдүк наҕараадатынан уонна 50 сааһын туолуутунан оччотооҕуга төрөппүттэр, дьүөгэлэрин, табаарыстарын, урукку иитиллээччитин барҕа махталларын ылбыта. Ити кэмҥэ Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала П.Е. Дьячковская уонна В.Е. Дьячковскай: “Биһиги оҕолорбутун аччыгый саастарыттан үөрэх-билии сырдык сыдьаайыгар уһуйбутуҥ оскуолаҕа киирэн салгыы үөрэнэллэригэр улаханнык көмөлөстө. Ол иһин эйиэхэ истиҥник махтанабыт”, — диэн суруйбуттара.
Оттон кини ииппит, үөрэппит оҕолоро И. Макарова, Ф. Постникова, Ш. Оконешникова уо.д.а. маннык эппиттэрэ: “Күндүн Ирина Егоровна, биһиэхэ үтүөнү-кэрэни өйдөтөргө үгүс сыраҕын биэрбитиҥ, элбэххэ үөрэппитиҥ, такайбытыҥ иһин эйиэхэ махталбытын, бастыҥ баҕарыыларбытын тиэрдэбит…”
Ити курдук дьон-сэргэ ытыктабылын ылыан ылбыт туйгун иитээччи сырдык тыына 2005 сыллаахха быстыбыта, кини үлэлээбит уопсай ыстааһа 46 сылга тэҥнэспитэ ол иһигэр педагогическай ыстааһа – 44 оттон бу этиллибит уһуйааҥҥа үлэлээбит сыла – 42 этэ. Ирина Егоровна “СССР норуотун үөрэҕириитин туйгуна”, “РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна”, “Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа”, “1941-1945 Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин”, “В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан” үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, Чурапчы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо аат иҥэриллибитэ.
Сэмэн Жендринскэй