Кырдьаҕас көлүөнэни эдэрдэр солбуйуулара – олох сокуона. Аҕа көлүөнэ бэрэстэбиитэллэрэ эдэрдэргэ бэйэлэрин билиилэрин-көрүүлэрин, үлэҕэ, охсуһууга уопуттарын, олоххо дьоҕурдарын төһө сатабыллаахтык биэрэллэриттэн, үүнэр көлүөнэ эстафетаны хайдах ыларыттан уонна айымньылаахтык салгыы сайыннарарыттан уопсастыба сайдыыта улахан тутулуктаах.

Итинэн сибээстээн биһиги бүгүҥҥү сурукпутугар уопсастыбаннай сүөһү иитиитигэр үйэ чиэппэриттэн ордук кэмҥэ илиитин араарбакка үлэлээбит бастыҥ сүөсүһүт Парасковья Кривошапкина туһунан кэпсиэхпитин баҕарабыт.

Эрдэ тулаайах хаалбыт кыысчаан, кыра саастааҕыттан илии үлэтин эриирин-мускуурун, итиитин-тымныытын этинэн-хаанынан билбитэ. Чороччу улаатан иһэн Боккуойа сопхуоска ыанньыксытынан киирбитэ. Үлэҕэ дьоҕурдаах, дьулуурдаах кыыс сотору бииргэ үлэлиир дьонугар сөбүлэппитэ. Сыыйа уопутуран, аны бэйэтэ киһини үөрэтэр үлэһит буолбута.

Парасковья Федотовна хас да төгүл нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаатынан, биирдэ райсэбиэт дьокутаатынан талыллан быыбардааччылар итэҕэллэрин чиэстээхтик толорбута.

Бастыҥ ыанньыксыт – эдэрдэри шефтэһэн оройуоҥҥа настаабынньыктааһыны саҕалаабыттартан биирдэстэрэ. Кини бу маннык кэскиллээх хамсааһыҥҥа быһаччы кыттан уонтан тахса сыл үлэлээбитэ. Ити бириэмэҕэ Парасковья Федотовна көмөтүнэн 50-ҕа чугаһыыр кыргыттар уонна уолаттар сүөсүһүт идэтин баһылаабыттара.

Кини настаабынньыктыыр үлэтигэр ордук көрдөбүллээхтик, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар, эдэрдэри итэҕэскэ эйэлэспэт буоларга иитэрэ. Үлэ эрэсиимин куруутун кытаанахтык тутуһара, бириэмэни олору көдьүүстээхтик туһанара. Ынахтарын олус таптыыра, ньирэйдэрин оҕолорун курдук бүөбэйдиирэ. Итиниэхэ эдэрдэри күннэтэ уһуйара.

Фермаҕа саҥа кэлбит ыччаттар кыайбаттарынааҕар сатаабаттара үгүс буолара. Ол иһин настаабынньыктара кинилэргэ үлэни тус бэйэтинэн көрдөрөн биэрэргэ кыһанара. Холобура, хаҥыл уол оҕо эбэтэр кыыс даҕаны хотону дэбигис сатаан сыбаабаттара. Ону бииргэ сылдьан көрдөрүөххэ наада этэ. 1979 сыл сайыныгар куоратынан-тыананан сылдьан үөрэнэн орто оскуоланы бүтэрбит, урут хотон, ынах аттыгар чугаһаабатах даҕаны Агнеса Попова диэн кыыс фермаҕа үлэлии кэлбитэ. Парасковья Федотовна киниэхэ ийэлии сыһыаннаспыта, батыһыннара сылдьан көмөлөспүтэ. Ол түмүгэр кыыс хайыы-үйэ дьоһун үлэһит буола үүммүттэ.

“Кэлэктииппит сотору-сотору уларыйа турар: үлэлии түспүттэр үөрэнэ бараллар, саҥа, букатын хаҥыл ыччаттар кэлэн иһэллэр. Онон көмөлөһөртөн, сүбэлииртэн соло булбаккын”, — диэн кэпсээбиттээҕэ настаабынньык. “Ону аахсыбаккын. Үөрэтэн, үлэлэтэн истэххэ сатанар. Оччоҕо эрэ дьыала барар, сыал-сорук ситиһиллэр”.

Парасковья Федотовна таптыыр идэтигэр ииппит, уһуйбут кыргыттарыттан Лариса Седалищева уонна Мария Чичигинарова 1980 сыллааха оройуон Сэбиэтин дьокутааттарынан талыллыбыттара. Бу – настаабынньыкка кинилэр үлэлиир кэлэктииптэригэр улахан үөрүүнэн буолбута.

Парасковья Кривошапкина старшайдыыр Лахалдьы племенной ядротун хотоно өрүү сылаас, ыраас буолара. Сүөһүлэр туруктара, куҥнара-таастара үчүгэй, үүттэрэ-астара даҕаны соччо куһаҕана суох этэ. Итиннэ барытыгар кырдьаҕас ыанньыксыт, ыччат настаабынньыга Парасковья Федотовна кылаата кырата суох.

 

Сэмэн Жендринскэй