Ыам ыйын 18 күнүгэр Аан дойдутааҕы түмэл күнэ бэлиэтэнэр

Бу күнү тэрийии 1977 сыллаахха ССРС киин куораттарыгар Москваҕа уонна Лениградка буолбут Аан дойду түмэллэрин сүбэтин уон биирис глобальнай конференциятыгар быһаарыллыбыт. Бу күнү бэлиэтиири 145 дойду өйөөбүт. Киһи аймаҕы түмэллэр нөҥүө сомоҕолуур өйү – санааны, буоларын курдук, биһиги дойдубут делегацията этии киллэрэн бигэргэппиттэр. А.С.Пушкин аатынан Государственнай ойуулуур дьүһүннүүр искусство түмэлин дириэктэрэ Ирина Антонова салайааччылаах ССРС делегацията ыам ыйын 18 күнэ Аан дойдуга түмэллэр күнннэринэн бэлиэтииргэ тыл көтөхпүтүн араас дойдулар делегациялара тута өйөөбүттэр.

Билигин сорох ырааҕы толкуйдаабат дьон техническэй прогресс сайдан истэҕин аайы түмэллэр наадалара уостан иһиэ диэн толкуйдууллар. Ол сыыһа. Өссө Франция улуу бөлүһүөгэ Вольтер этэн турар : «Тот, кто не знает прошлого, не знает ни настоящего, ни будущего, ни самого себя» — диэн. Ону сэргэ улуу Михаил Ломоносов эмиэ : «Народ, не знающий своего прошлого, не имеет будущего» — диэн бэлиэтээбитин билэбит. Техническэй прогресс биир балысханнык сайдан эрэр үйэтин поэтессата Марина Цветаева : «Сегодня, не имеющее вчера, не имеет завтра» — диэн кынаттаах тыллары хоһооннорун рифматыгар тиспит. Биһиги сахалар былыргыбытын чинчийбит уһулуччулаах энтограф, фольклорист, археолог Сэһэн Боло дневнигэр эмиэ бэлиэтэн турар : “Төрдү –ууһу, өбүгэни эргитэн санатыы – төрөөбүт дойдуну таптыыр бэлиэтэ буолар”- диэн.

Онон түмэллэр үйэлэргэ тэрийэн ыытар үлэлэрэ олус улахан суолталаах, көлүөнэлэр ситимнэрин киччэллээхтик харыстыыр, ааспыты сырдатан үтүө холобурдары ыччакка тириэрдэр, мөкү уонна уодаһыннаах быһыылартан харыстыыр, үйэтитэр, улуу дьоммут кэс этиилэрин уонна кэриэс тылларын санатар ытык аналлаах. Ону таһынан прогресс мэһэйдиэҕин оннугар күүс – көмө буолар. Ол курдук виртуальнай түмэллэр, интернет рессурсатын хото туһанан аныгылыы экспозициялар баар буолуулара, цифровой эйгэҕэ тахсан сырдатыы кэҥээһинэ, араас аныгылыы техниканы туһанан, былыргы кэми моделируйдааһын курдук урукку фантастическай кэпсээннэргэ суруллар ньымалары туттуу олоххо киирэн иһэр. Түмэллэр аныгылыы формакка сөп түбэһэн үлэлиир кэмнэрэ кэллэ. Ол биир холобурунан Дьокуускайга баар “История – моя Россия” улахан түмэл үлэтэ буолар.

Чурапчытааҕы А.А.Саввин аатынан история уонна этнография түмэлин кэпсиир буоллахха, билигин түмэлгэ 6000 тахса экспонат уонна докумуон хараллан, Бүтүн Россиятааҕы реестргэ киирэн сылдьаллар. Хатылытааҕы Көһөрүллүү түмэлигэр 2000 тахса мал, докумуон хараллан сытар. Филиал сэбиэдиссэйэ Чичигинарова Марфа Владимировна республикаҕа биллэр – көстөр үлэни ыытан кэлбитэ биһиги биир киэн туттуубут буолар. Быйылгыттан урукку военкомат, билигин Казначейство дьиэтигэр И.М.Павлов аатынан Бойобуой Албан аат түмэлэ тэриллиэхтээх. Оччотугар Чурапчы түмэлигэр икки филиал үлэлээн, улууспут историятын үйэтитии үлэтэ ситимнэнэн, толору хабааннаахтык тэриллиэҕэ.

Улууспутугар нэһилиэктэринэн бэрт үчүгэй түмэллэр Одьулуун, Алаҕар, Болугур, Кытаанах уонна Соловьев нэһилиэктэригэр тэриллэн үлэлииллэр. Одьулууҥҥа Окорокова Евдокия Егоровна, Алаҕарга Сорокоумов Егор Дмитриевич, Мындаҕаайыга Попова Мария Петровна, Кытаанахха Скрябина Екатерина Прокопьевна, Мырылаҕа Собакин Иннокентий Иннокентьевич салайаллар, түмэл үлэтин иилииллэр – саҕалыыллар. Бу түмэллэргэ олус сэдэх, дьикти көстүүлээх, дьоһун историялаах маллар үгүстэр. Энтузиаст, бэйэлэрин дьыалаларыгар олус бэриниилээх  дьон үйэтитиигэ бэрт кэскиллээхтик үлэлииллэр, кинигэ таһаараллар, нэһилиэктэрин үтүө — мааны дьонун — сэргэтин, историятын сырдаталлар.  Улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин түмэлэ улууспут биир ытык сирэ буолар. Салайааччы Пудов Егор Васильевич өр кэмҥэ спортивнай Албан аат түмэлин салайан кэллэ, бэрт элбэх чинчийэр, сырдатар үлэни тэрийдэ. Педагогическай түмэл улууспутугар үөрэхтээһин сайдыытын киччэллээхтик үйэтитэн үлэлээн кэллэ. Өр сылларга Пермяков Кирилл Кириллович үлэлээн бэрт элбэх мал, докумуон түмүллүбүтэ, история суруллан үйэтитиллибитэ. Араас сылларга кэҥээн, кыараан үлэлээтэ, ол эрэн бэрт элбэх кинигэ тахсыытыгар солбуллубат кылааттааҕын ыйар, махтанар тоҕоостоох. Салайааччы Егорова Екатерина Иннокентьевна олус элбэҕи билэр, түмэл үлэтигэр улахан уопуттаах киһи. Доруобуйа харыстабылын эйгэтин сырдатыыга Пермяков Афанасий Иннокентьевич сыратын ууран тэрийбит олус үчүгэй түмэлэ баар этэ. Билигин Григорьева Любовь Михайловна туруорсуутунан иккистээн сөргөхсүйэр кыахха киирдэ. Любовь Михайловна республика таһымыгар биллэр краевед, олус үчүгэй кинигэлэрдээх, Чурапчы историятын сырдатыыга элбэх үлэлэрдээх.

Аны улууспут иһигэр оскуолаларга киһи сөҕөр тэриллиилээх түмэллэрэ бааллар. Ол курдук Болтоҥоҕо, Сылаҥҥа, Мугудайга, Хайахсыкка, Хадаарга, Одьулууҥҥа, Төлөйгө, Чурапчыга С.А.Новгородов уонна И.М.Павлов аатынан оскуолаларга олус таһымнаах үлэни ыыталлар. Манна эмиэ энтузиаст, историяны дириҥник хасыһан үлэлиир, түмэл киэҥ далааһынннаахтык үлэлиирин тэрийэр салайааччы дьон баара билиҥҥи кэмҥэ олус улахан суолталаах. Бүтүн Россия үрдүнэн үүнэр көлүөнэни патриотическай иитиигэ туһуламмыт үлэ дьэ дьиҥ хорутуулаахтык саҕаланна, онно кинилэр биир бастыҥнар истэригэр сылдьаллара кэрэхсэбиллээх. Салайааччылар Михаил Владимирович Дьячковскай (Чурапчы),  Захар Егорович Егоров (Болтоҥо), Клара Гаврильевна Макарова (Сылан), Лидия Петровна Саввина (Одьулуун, Хадаар), Татьяна Кононовна Матвеева (Чурапчы), Күннэй Григорьевна Аммосова (Мугудай), Василий Васильевич Дьячковскай (Хаяхсыт), Елена Егоровна Попова (Төлөй) уонна да атыттар бэрт ситиһиилээхтик үлэлииллэрин кэрэхсии бэлиэтиибит. Манна оскуола дириэктэрдэрэ улахан болҕомто уураллара суолталааҕын ыйан, үөһэ ыйыллыбыт оскуолалар салалталарыгар махтанабыт.

Биһиги улууска үлэлээбит баһылыктар үйэтитиигэ олус болҕомтолоохторо. Билигин баһылыкпыт Степан Анатольевич Саргыдаев түмэл эйгэтэ сайдарыгар, үйэтитии боппуруостара таһымнаах буолалларыгар эмиэ дьоһуннаах болҕомтону уурар. Билиҥҥи түмэлбит улахан өрөмүөнэ, саҥа филиал арыллыыта барыта кини быһаччы өйөбүлүнэн барбытын махтана бэлиэтиибит. Бүтүн дойду үрдүнэн уустук геополитическай балаһыанньа үөскээбит кэмигэр патриотическай өй санаа инники күөҥҥэ сылдьара хайаан да наадалаах, инники сайдыыбытын тэрийэр үлэ буолара саарбахтаммат. Онно түмэллэр улахан биир кэлимсэ үлэҕэ солбуллубат кылааттаахтара дьулуурга тэтим эбэр, эйгэ үөскэтэр. Култуура управлениетын салайааччыта Петр Егорович Гуляев улууспут түмэллэрин уонна үйэтитии үлэтигэр баар биир сытыы боппуруоска дьоһун соруктааҕа үөрдэр. Ол курдук фондабытын харайар анал дьиэ тутуутун туруорсабыт. Билигин сэдэх, сыаналаах малларбыт контейнерга хараллан тураллара ханнык да ирдэбилгэ эппиэттээбэт. Сүүһүнэн сыл илииттэн илиигэ кичэллээхтик бэриллэн кэлбит чорооннорбут, араас мас, тирии, таҥас малларбыт алдьанар, эмэҕирэр дьылҕалаахтар. Аны сүүрбэ, отут сылынан олох да уостан хаалыахтарын сөп. Онон фонда харайар дьиэ тутуута хайаан да бу сылларга олоххо киирэн, түмэлгэ уонна нэһилиэктэринэн сарайга харалла сытар хартыыналар, иһиттэр, ат тэриллэрэ барыта үһүн үйэлэнэн кэлэр көлүөнэлэргэ историябыт, культурабыт, улууспут дьиҥ сахалыы тыынын кэрэһиттэрэ буолуохтара этэ.

Түмэллэр республикаҕа олус түмсүүлээхтэр, Культура министиэристибэтэ элбэх үөрэҕи ыытар, араас конференциялары көҕүлээн кыраайы үөрэтиини, история билимин сайдыытын көдьүүстээхтик тэрийэр. Биһиги чурапчылар ол тэтимтэн хаалсыбакка үлэлии – хамсыы сылдьарбыт эрдэ үлэлээн ааспыт көлүөнэ дьон дьоһун ситиһиилэригэр тирэҕирэр. Ефимов Гаврил Дмитриевич, Павлов Иван Михайлович, Чечебутов Дмитрий Павлович, Пинигина Валентина Дмитриевна, Турантаев Григорий Григорьевич, Попова Варвара Дмитриевна, Толстоухов Юрий Семенович уонна да атыттар сыралаах үлэлэрин үтүө холобура биһиэхэ эркээйи буолар. Саамай үлэбитигэр маяк буолар, кини аатын инники күөҥҥэ тута сылдьар киһибитинэн Андрей Андреевич Саввин буолуон буолар, кини үлэлээбит, хаалларбыт нэһилиэстибэтэ олус сүҥкэн суолталаах, культурабыт бөҕө акылаата, чиҥ тирэҕэ буолар. Өссө да кини үлэлээбит үлэтэ ситэ үөрэтиллэ, ситэ дьоҥҥо биллэ илик. Онон үлэбит барыта иннибитигэр.

Афанасий Захаров