Ып-ыраастык күрдьүллүбүт хотон көрүдүөрүн устун эдэр кыысчаан уонна сааһыра барбыт дьахтар тугу эрэ сибигинэһэн кэпсэтэ-кэпсэтэ хааман иһэллэрэ
“Саҥа төрөөбүт ньирэйбин хас чаас буолан баран аһатабын?” – диэн ыйытар кыыс оҕолуу нарын куолаһынан.
Онуоха кэккэлэһэ иһээччитэ тохтуу түһэн тугу эрэ эйэҕэстик этэр, илиитинэн ыйан көрдөрөн биэрэрэ.
Ити Эрилик Эристиин аатынан сопхуос Эбэ комсомольскай-ыччат ферматын эдэр ыанньыксыта Варя Адамова аан бастаан хотоҥҥо киирдэҕин утаа этэ. Кини хара маҥнайгыттан эрэллээх настаабынньыкка, эйэҕэс иккис ийэҕэ Ольга Луковцеваҕа түбэспитэ. Ольга Дмитриевна өр сылларга үлэлээн мунньуммут баай уопутун орто оскуоланы бүтэрэн производстваҕа саҥа үлэлии тахсыбыт кыргыттарга күн ахсын кыһамньылаахтык биэрэн испитэ, кинилэри ынаҕы ыаһын, көрүү-харайыы, аһатыы, саҥа төрүөҕү иитии кистэлэҥнэригэр утумнаахтык үөрэппитэ. Ол түмүгэр кыргыттар ыанньыксыт үгүс түбүктээх уустук идэтин сыыйа ситиһиилээхтик баһылаан барбыттара. Кинилэр кэлин бэйэлэрэ киһини үөрэтэр, балыс саастаахтары такайар дьон буола үүммүттэрэ.
Ол кэмтэн ылата, Варя хайыы-үйэ отделение, сопхуос бастыҥ ыанньыксыттарын кэккэтигэр тахсыбыта. Кини 1977 сыл кыстыгар хас биирдии фуражнай ынаҕыттан 900 киилэ үүтү ыыр былааннааҕыттан 1120 киилэнэн толорбута. Кыыс үбүлүөйдээх дьылга өссө үчүгэйдик үлэлииргэ, күөх сайын быйаҥыттан өлгөм үүтү сомсорго соруктаммыта.
Комсомолка күнүскү күүстээх үлэни көрдөөх сынньалаҥы кытта дьүөрэлиир бииргэ үлэлиир дьүөгэлэрин кытта иллэҥ бириэмэтигэр билиитин-көрүүтүн үрдэтиигэ, үрдүк үөрэххэ киирэргэ бэлэмнэнэрэ.
Варя Адамова сырдык ырата – производствоҕа өссө үчүгэйдик үлэлииргэ, ленинскэй комсомол албан ааттаах үбүлүөйүн саҥа бэлэхтэрдээх көрсөргө этэ.
Сэмэн Жендринскэй