Устудьуоннар этэрээттэрин байыаһа Настя Аммосова: “Чурапчы сайдыытынан, дьоно-сэргэтэ аламаҕайынан сөхтөрдө”

Саха сиригэр быйыл устудьуоннар этэрээттэрин 2700 байыаһын үлэнэн хааччыйдылар. Ол курдук, 1000 устудьуон муниципальнай тэриллиилэргэ, бырамыысыланнас, суол-иис уонна тутуу тэрилтэлэригэр, хампаанньаларыгар тутууга, чөлүгэр түһэрэр уонна тупсарар үлэҕэ сылдьаллар. Итини сэргэ өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар хапытаалынай өрөмүөнүгэр, национальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ эбийиэктэри тутууга көмөлөһөллөр, Дьокуускай куоракка атын даҕаны кэриҥнээх үлэ бырайыактарыгар уонна бырамыысыланнай хампаанньаларга кыттыыны ылаллар.

Чурапчы нэһилиэгэр төрүттэммитэ 375 сылын көрсө, бөһүөлэк иһин ырааһырдыыга, тупсаҕай көстүүлээх буолуутугар устудьуоннар этэрээттэрэ кырата суох кылааттарын киллэрэ сылдьаллар.

Настя Аммосова, Кэбээйи улууһа, Максим Аммосов аатынан ХИФУ ФЭИ отделениетын 4 кууруһун устудьуона:  “Дьиҥэр Чурапчыга дьоммор сынньана диэн кэлбитим. Онтон манна устудьуоннар этэрээттэрин тэрийэн эрэллэрин дьоммуттан истэммин тутатына сайаапка ыыппытым уонна хапсан хаалбытым. Билигин этэрээппитигэр 5 кыыс, 16 уол баар. Үлэбитин маҥнай бырасыака ыраастааһыныттан саҕалаабыппыт онтон кэлин кыргыттары үксүн сууйуу-тарааһын, кырааска, бөх хомуйуутун үлэтигэр анаабыттара. Бөлөх-бөлөх буолан арахсаммыт, 5-7 киһилии буолан араас таһымнаах үлэҕэ сылдьабыт. Кэлэр нэдиэлэҕэ үлэбит түмүктэнэр. Чурапчы улууһа быдан сайдыылаах эбит, дьон-сэргэ сыһыана олус үчүгэй, ааһан иһэннэр “маладьыастар” эҥин диэн үлэбитин хайҕыыллар. Нэһилиэк дьаһалтата үлэлиир усулуобуйабытын барытын сөптөөхтүк тэрийдэ, туох наада буоларын барытын булан аҕалан биэрэллэр. Ыраах сытар учаастакка массыынанан таһаллар, “Байым” кафеҕа толуонунан босхо эбиэттиибит, хонукпутугар эрэ дьиэлиибит. Бэйэм Кэбээйиттэн сылдьабын, төрөөбүт нэһилиэкпин кытары Чурапчыны тэҥнээн көрдөхпүнэ… Чурапчыны киһи дэриэбинэ да диэбэт, сайдыыта балысхан эбит, саҥаттан саҥа тутуулар. Биһигини маннык сиргэ аҕалан үлэлэтэллэрэ наһаа үчүгэй  диэн саныыбын, элбэх саҥа доҕоттор эбилиннилэр, бары олус иллээхтик сылдьабыт”.