Мин кинини өрдөөҕүттэн, Арыылаах начаалынай оскуолатын бүтэрэн, Кытаанах аҕыс кылаастаах оскуолатын интэринээтигэр олорбут кэммиттэн билэбин.

Михаил Егорович Друзьянов, 1949 сыллаахха сэтинньи 5 күнүгэр, Белолюбскай нэһилиэгин Арыылаах бөһүөлэгэр колхуостаах дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа Арыылаахха ааспыта. Бэйэтин саастыылаахтарын кытары сырсыакалаһан, тустан, сөтүөлээн, Арыылааҕын алаастарыгар аан маҥнай бугул түгэҕэ харбаһан, кэбиһиигэ оҕус сиэтэн, үөрэх суумкатын сүкпүтүнэн оскуолаҕа үөрэнэн улааппыта.

Сыллар ааһан испиттэрэ… Мишалаах улаатан истэхтэринэ, көрөр-истэр, бүөбэйдиир ийэлэрэ ыалдьан, 1953 сыллаахха күн сириттэн барбыта. Иитэр-аһатар аҕалара Дьөгүөр үс оҕоҕо аҥаардас аҕа буолан хаалбыта. Ол да иһин буолуо, Миша эр киһилии  буһан-хатан тахсыыта, тулуура, үтүө, сиэдэрэй санаалаах буолуута ол кэмтэн  иҥмитэ буолуо диэн испэр сэрэйэ саныыбын. Сааһырбыт киһи быһыытынан, бэйэм көлүөнэ дьонун санаан кэлэбин.

1964 сыллаахха, Кытаанах оскуолатыгар Михаил Егорович Захаров математика учууталынан үлэлии кэлбитэ (кэлин Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ буолбута). Кини оскуола иһигэр көҥүл тустуу сиэксийэтин аһан үлэлэппитэ. Оччотооҕуга биһиги, оҕолор, тустуу бастакы хардыыларын онно барбыппыт. Ол иһигэр Миша Друзьянов эмиэ баара.

Билигин санаатахха, Саха сиригэр көҥүл тустуу тэриллибитэ аҕыс эрэ сыл буолбут кэмэ эбит. Михаил Захаров онно бастакы көлүөнэ тустуу маастардарын тустарынан, туһанар албастарын туһунан кэпсиирэ. Оскуола ыспартыыбынай саалатыгар өрөспүүбүлүкэ 1963-1964 сыллардааҕы күрэхтэһиитин, Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт РСФСР 1964 сыллардааҕы хаартыскаларын ыйаабыта. Ол оҕолорго улахан интэриэһи тардыбыта.

Оҕолор оччолорго сураҕырбыт тустууктар: Николай Гоголев, Алексей Ермолаев, Петр Попов, Эдуард Гегеев, Альберт Захаров тустар маастарыстыбаларыгар улаханнык абылаппыттара. Кыратык да буоллар, ити бөҕөстөр курдук буола сатыырга баҕараллара. Ол курдук, Коля Барашков, Альберт Захаров эмискэ өттүктээн түһэрэрин бэркэ оҥороро, Митя Попов, аатырар Петр Попов сытыытык тустан кылбаҥнатарын, кини тустар стойкатыгар тардыһара, Коля Потапов, осетин Эдуард Гегеев хатыламмат “обвив” албаһын оҥороро, Миша Друзьянов көбүөргэ утарсааччытыгар сөкүүндэ да бокуой биэрбэккэ тэтимнээхтик киирэрэ, Николай Гоголев тустар майгытынан салайтаран тустара.

Ол кэмнэргэ оскуола физкултуураҕа учууталлара күрэхтэһиилэри иилээн-саҕалаан ыыталлара. Күрэхтэһиилэр аҕыйах буолаллара. Оскуола күрэхтэһиитэ, Уус Алдан Тандатын, Таатта Туора Күөлүн, Сылаҥ, интэринээт-оскуола оскуолаларын кытары успуорт да көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэр, табаарыстыы даҕаны көрсүһүүлэрэ буолаталыыллара. Миша бу күрэхтэһиилэргэ бэйэтин боруобаланан бастакы буһууну-хатыыны барбыта. Самаай күүтүүлээх күрэхтэһиинэн оройуон үөрэнээччилэрин сайыҥҥы ыспартакыйаадалара буолар этэ. Ол кэмнэргэ умнуллубат тэрээһиннэринэн биллиилээх ыспарсымыаннары кытары көрсүһүүлэр этэ. Итиннэ боксаҕа ССРС успуордун маастарын Филипп Анисимовы, Кытаанах нэһилиэгиттэн төрүттээх көҥүл тустууга сахалартан аан маҥнайгынан Сэбиэскэй Сойууска бастаабыт Алексей Ермолаев тириэньэриниин Дмитрий Петрович Коркинныын кэлэн, төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгин кытары көрсүһүүтэ, кыһыл көмүс мэтээлин тутан-хабан көрүү, тылын-өһүн истии оскуола үөрэнээччилэрин төһөлөөх долгуппута буолуой?! Кинилэр курдук биллиилээх ыспарсымыаннар буолуохтарын төһөлөөх баҕарбатахтара баарай?!

Миша аҕата Дьөгүөр Друзьянов, Сылаҥтан ойох ылан, Уһун Күөл бөһүөлэгэр көһөн кэлбиттэрэ. Онон Миша Уһун Күөлтэн күһүн Чурапчыга ыспартыыбынай оскуолаҕа 1967 сыллаахха тириэньэр Дмитрий Петровичка эрчиллэ, үөрэнэ киирбитэ. Дьэ,  көҥүл тустуунан утумнаахтык дьарыктанан барбыта.

Бу иннинэ Кытаанах оскуолатыттан Дмитрий Коркин анаан-минээн, чинчийэн, Сеня Морфунову Чурапчыга ыспартыыбынай оскуолаҕа үөрэттэрэ киллэрбитэ. Кини кэнниттэн икки сыл буолан баран, Дмитрий Петровичка эрчиллэ, Кытаанах оскуолатын бүтэрэн, Афанасий Захаров, Семен Окоемов, ини-бии Роман, Константин Лазаревтар, Гоша Местников уо.д.а. киирбиттэрэ. Олоххо бэйэлэрин суолларын булуммуттара, ССРС успуордун маастарыгар тиийэ үүммүттэрэ.

Миша Чурапчытааҕы оҕо ыспартыыбынай оскуолатыгар үөрэммит кэмнэрин олус күндүтүк саныыра, учууталларыгар Екатерина Семеновна Лукинаҕа, Ирина Семеновна Шадринаҕа, Василий Федотович Ермолаевка о.д.а. бииргэ эрчиллибит, оскуоланы бииргэ бүтэрбит, оҕо сааһын доҕотторун Валерий Семеновы, Павел Пинигини, Афоня Захаровы, Павел Васильевы, Юрий Цыкунову, Игорь Кудрявцевы, Дима Пахомовы уо.д.а. наһаа күндүтүк саныыра.

1970 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн, Таджикистан Душанбе куоратыгар физкултуура үнүстүүтүгэр үөрэнэ киирэр. Үөрэнэ барарыгар тириэньэрэ Дмитрий Петрович бэйэтигэр анаан-минээн: “Эйигиттэн улахан тустуук тахсыа суоҕа, маастар буоллаххына үчүгэй, онон үөрэхтэнэн, үлэһит буолуоххун наада, успуорду тэрийээччи үөрэхтээх дьон наадалар”, — диэн алгыһын эппит.

Үөрэххэ киирээт, биир дойдулааҕа, сахалартан 1959 сыллаахха ССРС успуордун бастакы маастарыгар, үтүөлээх тириэньэргэ Борис Герасимович Аргуновка эрчиллибитэ. Уолбут сотору Таджикистан  өрөспүүбүлүкэтин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэр. Миша үөрэнэр сылларыгар Орто Азия Кубогар, Таджикистан өрөспүүбүлүкэтин күрэхтэһиилэригэр сотору-сотору, сылын аайы кыттар буолбута. Онтуката барыта үтүө түмүктээх буолбута. 1974 сыллаахха ССРС успуордун маастарын дастабырыанньатын уонна түөскэ иилиллэр значогу илиитигэр туппута.

Үөрэҕин 1974 сыллаахха бүтэрэн баран, Памирга Куляб куорат педагогическай үнүстүүтүгэр биир сыл үлэлээн баран, Дьокуускай куоракка кэлэн ДСО “Спартак” ыспартыыбынай оскуолаҕа дириэктэринэн анаммыта. Ол кэмҥэ каадырдары сүүмэрдээһиҥҥэ уонна аттаран туруоруунан улахан болҕомтолорун ууран дьарыктаналлара.

1977 сыллаахха Дмитрий Коркины  Дьокуускайга үрдүкү маастарыстыба оскуолатыгар үлэлэтэ киллэрбиттэрэ. Онно Михаил Егорович Друзьяновы завуһунан ылбыттара. Онтон салгыы өр сылларга  өрөспүүбүлүкэ успуорт кэмитиэтин үөрэтэр ыспартыыбынай отделын салайбыта. Успуорт араас көрүҥнэрэ сайдалларыгар үгүс сыратын биэрбитэ. Ол да иһин киниэхэ физкултуура уонна успуорт үтүөлээх үлэһитин Бочуоттаах аата иҥэриллибитэ.

Михаил Егорович СӨ Бырабыыталыстыбатын эппиэттээх дуоһунаһыгар үлэлии сылдьан, туризм, физкултуура уонна успуорт министиэристибэтэ тэриллибитигэр, миниистири солбуйааччынан ананан үлэлээбитэ. Кини оҕо успуорда сайдарыгар улахан болҕомтотун уурбута, норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” оонньуулары тэрийээччинэн, салайааччы быһыытынан сылдьыбыта.

Америка Вашингтон штатын Аубрун куорат уонна Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, РФ уонна СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка туйгуна, көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ категориялаах судьуйа. Манна даҕатан эттэххэ, Олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев АХШ Колорадо штатын Бочуоттаах олохтооҕо буолбут эбит.

Кэнники кэмнэргэ репрессия дьылҕаларын чинчийиинэн дьарыктанар. Былатыан Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы кытары бииргэ үлэлээбит биир дойдулаахпыт Иван Николаевич Винокуров аатын тилиннэриигэ Михаил Егорович Друзьянов дьаныһан туран үлэлээбитэ. Иван Винокуров Саха сиригэр төрдүс киһинэн Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбыта биллэр. Чурапчы киинигэр политическай диэйэтэллэргэ анаммыт томторго киниэхэ анаан бүүс туруоруллубута. Бу томтор “Судаарыстыбаннас искибиэринэн” биллэриллибитэ.

Михаил Егорович өрүү успуорт туһунан тугу эрэ үйэлээҕи оҥорорго дьулуурдааҕын көрдөрбүтэ. Кини  ааптар быһыытынан элбэх буклеттары, бырагыраамалары таһаарбыта. Хаартыска альбомнарын бэлэмнээн таһааран, биллиилээх ыспарсымыаннар ааттарын үйэтитиигэ үгүстүк түбүгүрбүтэ. Итинэн успуорду таптааччыларга бэртээхэй бэлэҕи оҥорбута. ХХ-с үйэ бастыҥ ыспарсымыаннарын тириэньэрдэрин үйэтиппитэ.

 

Былатыан КУОРКУН – үлэ, успуорт, Саха сирин киинэтин бэтэрээнэ

Сурукка талла, бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ