Пенсионер Николай Антонович Сергеев түөһүгэр Албан аат III-с степеннээх уордьана, элбэх мэтээллэрэ күлүмүрдэһэллэрэ. Мин биирдэ кини Ийэ дойдунан итинник үрдүк сыаналаммыт бойобуой суолун туһунан кэпсииригэр көрдөспүтүм.
- Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр 1942 сыл бэс ыйын 21 күнүгэр Мындаҕаайыттан ыҥырыллыбытым, — диэбитэ бэтэрээн. – Фроҥҥа, Сталинград анныгар, тиийиибитигэр алтынньы ортото буола охсубута. Үстүү хонукка тиийэ аһаабакка да эрэ ардах-хаар анныгар оборуонаҕа олорорбут. Биир сарсыарда, халлаан саҥардыы сырдаан эрдэҕинэ, тыһыынчанан орудиелар салгыны сатараппыттара, сир титирэстии түспүтэ. Онтон таанкалар, сатыы сэриилэр иннибит диэки дьулуспуппут. Үрдүбүтүнэн самолеттар, халлааны хайа суруйан эрэр курдук, ньирилэспиттэрэ. Өстөөх быыстала суох кутаа уотунан көрсүбүтэ. Хантас гына-гына ойон туран иннибит диэки сүүрэбит. Бодоруһа охсубут доҕотторум, араас тыллаах-өстөөх, араас кыраайдар халлааннарын анныгар төрөөбүт эрээри аймах-хаан курдук санаһар барахсаттар, буулдьаҕа табыллан хаалар-хаалан испиттэрэ. Онтон ордук абарбытым-сатарбытым, өһөгөйдөһөр санаам күүһүрбүтэ. Хабыр хапсыһыы күнтэн-күн сэллиэхтээҕэр күүһүрэн испитэ. Бэһис күммэр хаҥас атахпар бааһырбытым. Биир эмиэ бааһырбыт нуучча киһитиниин үс биэрэстэ сиргэ үҥкүрүйэн айаннаан, санитарнай чааһы сыра бөҕөнөн булбуппут. Түөрт ый эмтэнэн баран 1943 сыл от ыйыгар кыргыһыы хонуутугар иккиһин киирбитим. Бу сырыыга – аатырбыт Курскай тоҕойго. Сарсыарда немецтэр, күүстээх уоту аһан баран, кимэн киирбиттэрэ. Биһиги уҥа өттүбүтүгэр сытар батальон биир ротата улахан сүтүктэммитэ. Кыргыһыы арыый уҕараабыт кэмигэр биһигини онно көмөлөһүннэрэ ыыппыттара. Умайа турар дьиэ таһыгар өстөөхтөрү көрсөн хапсыһан ылбыппыт, өстөөх уҥуор-маҥаар ытыалыы сытар уулуссаларын ааспыппыт. Сэрии уота арыый – уҕараабыта. Биһиги сэттиэ буолан массыына хаспыт хаспаҕар киирэн табах тарда олорбуппут. Эмискэ аттыбытынааҕы тииккэ өстөөх миинэлэрэ түһэн дэлбэритэ барбыттара. Биирдэ өйдөнөн көрбүтүм хамандыырбынаан иккиэйэх эрэ ордубут этибит. Хамандыырым “кытаат, ытыалаһа сыт” диэн баран, штабка биллэрэ сүүрбүтэ. Сотору эбии күүс кэлэн салгыы сэриилэспиппит. Кэнники ити курдук сэриилэһэ сылдьан икки илиибэр ыараханнык бааһырбытым”.
Алта ый устата эмтэнэн баран, Николай Антонович дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Онто ыла колхуоска, оскуолаҕа оробуочайынан илиитин араарбакка үлэлээбитэ.
Н. Соловьев
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй