Аллара Бэстээх бөһүөлэгин, Гаврил Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин “River Sound” түөрт киһилээх хамаандатыттан бастыҥ тыас-уус доҕуһуоллаах, сүүһүнэн уот-күөс киэргэтиилээх, “Айыллаан” СК-тэн 20 тэрийээччи, Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата – биир саамай улахан, тыҥааһыннаах, элбэх дьону, тэрилтэлэри түмэ тардар “Миссис Чурапча — 2023” куонкуруһун , ахсынньы 2 күнүгэрАлександр Федотов аатынан успуорт уораҕайыгар үрдүк таһымҥа 400-тэн тахса көрөөччү ортотугар ыыттылар.
Быйылгы күрэх муҥутуур кыайыылааҕынан, Чурапчы нэһилиэгин Прасковья Борисова аатынан “Улыбка” оҕону сайыннарар киин муусука дьарыгын салайааччыта Матрена Пермякова ааттанна.
Тэрилтэ бу куонкуруска маҥнайгы ситиһиитэ буолбатах. Ол курдук, “Миссис Чурапча” ааттарын 2017 сыллаахха – кыайыыга бастакы суолу тэлбит, билигин оҕотун көрөн олорор Сардаана Михайлова,
2021 сыллаахха — иитээччи Семерина Николаева,
2022 сыллаахха — үрдүкү иитээччи, методист Алена Архипова сүкпүттэрэ.
Маны таһынан быйылгы “Дива-2023” кэрэ аҥардар куонкурустарыгар, эмиэ “Улыбка” уһуйааҥҥа бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбит, билигин Москуба куоракка олорор Анжелика Агафонникова өрөгөйдөөбүтэ.
Дьэ, бу инниттэн, “Улыбка” оҕону сайыннарар киин салалтатыгар, чуолаан сэбиэдиссэй Екатерина Семеновна Иванованы итиэннэ “Миссис Чурапча” куонкурус кыайыылаахтарын Алена Архипованы уонна Матрена Пермякованы сирэй көрсөн кэпсэттибит.
Алена Архипова, “Миссис Чурапча-2022” кыайыылааҕа, уһуйаан методиһа: “Бу куонкуруска саамай сүрүнэ — хамаанда өйөбүлэ, бары тэҥҥэ, биир киһи курдук буолууну ааттыахха сөп. Холобура, мин бу тэрилтэҕэ былырыын саҥардыы үлэлии кэлбитим, балаҕан ыйыттан сэтинньигэ эрэ диэри үлэлээбит киһи санаатыгар “Олус иллээх, биир дьиэ-кэргэн курдук кэлэктиип” диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Куонкуруска үлэбит кэнниттэн бары хааламмыт хойукка диэри бэлэмнэнэрбит, улахан үлэни көрсүбүппүт. Бачча элбэх киһи кэлэн мин туспар кыһалларын, үлэлиирин көрөммүн биллэн туран бэйэбэр улахан эппиэтинэһи ылынан, кытаанах сыал-сорук туруоруммутум. Екатерина Семеновна “Үс иһигэр хайаан даҕаны киириэхтээхпит” диэн ийэлии истиҥ этиитин искэр саныы сылдьаҕын. Түмүккэ олус долгутуулаах этэ, иккиэйэх буолан хааллыбыт, кыайыылааҕы биллэрэллэригэр маҥнай Алена Афанасьева диэбиттэрэ онно хайдах эрэ хомойуох курдук санаа баһыйан истэҕинэ “Алена Архипова” диэн көннөрбүттэригэр испэр сып-сылаас буолбута, астыммытым, наһаа үөрбүтүм. Коронаны кэтиэххиттэн атын киһи буолаҕын, бэйэ бодоҕун тардынаҕын. Миэхэ Семерина туттарбыта, онно бэйэбит киһибититтэн миэхэ кэллэ диэн тэрилтэбитинэн киэн туттуу санаата үөскээбитэ, дьон эрэлин түһэн биэрбэтэҕим. Онтон билигин бэйэм Мотяҕа корона кэтэрдэрбэр олус үөрбүтүм, долгуйбутум. Екатерина Семеновна олус болҕомтолоох салайааччы, барытын өйдүүр, кэлии-барыы боппуруостарыгар өрүү өйүүр, сүбэлиир. Кини биһиэхэ иккис ийэбит кэриэтэ, бары биир улахан дьиэ кэргэн курдукпут. Семеновна эрэлин түһэн биэрбэт гына үлэлии-хамсыы сатыыбыт”.
Матрена Пермякова, “Миссис Чурапча-2023” кыайыылааҕа, уһуйаан муусука дьарыгын салайааччыта: “Маннык улахан куонкуруска аан бастакыбын кытынным, улаханнык тыл эппэтэҕим даҕаны. 70-ча киһи мин тула түмсэн, кыһамньытын уурда. “Бэйэни билиһиннэрии” итиэннэ “Интеллектуальнай” түһүмэхтэртэн саллар этим, “Ханнык ыйытыктар түбэһэннэр, хайдах хоруйдуубунуй?” диэн санаа ордук үүйэ-хаайа туппута. Бу куонкуруска тоҕус кыыс буолан кыттаммыт, бары бэйэ-бэйэбитин кытары билсэммит, ким даҕаны “мин эрэ диэн” чорбойбокко, иллээх-эйэлээх куонкурсааннар быһыытынан бэйэбитин көрдөрдүбүт дии санаатым. Кылгас, икки нэдиэлэ иһигэр биир дьиэ — кэргэн оҕолорун курдук буоллубут. Итиннэ барытыгар Екатерина Семеновнабыт улахан сабыдыаллаах, кини баар буолан бу 10 сыл үлэлээбитим тухары мин элбэх ситиһиилэнним, сайынным. Кини өҥөтүнэн икки үрдүк үөрэҕи кыһыл дипломунан түмүктээтим: Санкт-Петербург куоракка хореография салаатыгар идэм таһымын үрдэттим уонна Дьокуускай куоракка АГИКИ-га муусука учууталын идэтин баһылаатым. Бу иннинэ Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэһи эрэ бүтэрбит исписэлиис этим буоллаҕа. Ону таһынан салайааччыбыт быһаччы өйөбүлүнэн IT-технологияҕа сыстан саайт оҥорорго үөрэммитим, барытын манна баһылаатым, Мария Петровна Саввина мин настаабынньыгым буолар. Кини салайыытынан саайт оҥорон, ютуб ханаалыгар, видео редакторга профессиональнай таһымҥа таҕыстым диэхпин сөп. Ылбыт билиибэр тирэҕирэн 100-тэн тахса киһилээх, чуолаан IT-технология салаатыгар анал куурустары тэрийэбин. Иллэҥ кэммэр ырыа айабын, уопсайа холбоон 60-тан тахса айымньы буолла, ол барыта Екатерина Семеновна нөҥүө ааһар, кини хаһан баҕарар күүскэ өйүүр. Кини өйөөбөтө буоллар ырыа айыам да биллибэт этэ. Түгэнинэн туһанан кэлэктииппэр улаханнык махтанабын. Тэрилтэм талааммын бары өттүттэн арыйда”.
Үс этээстээх баараҕай уораҕайга 300-кэ иитиллээччи сылдьар, бу тэрилтэ бэл диэтэр пандемия кэмигэр, -50-60С кыраадыс томороон тымныыларга биир даҕаны тохтобулу, өрөбүлү билиммэккэ эбиитин тиһигин быспакка үлэлиир тэрилтэлэр исписэлиистэригэр туспа дьуһуурунай бөлөхтөрү арыйан бэрт таһаарыылаахтык үлэлии-хамныы олорор.
Екатерина Иванова,“Улыбка” оҕону сайыннарар киин салайааччыта, улуус мунньаҕын дьокутаата: “Бастатан туран ханнык баҕарар күрэхтэһии, улахан дьаһал биир киһиттэн хаһан даҕаны турбат. Уопсай дьон сабыдыала итиннэ наһаа улахан оруоллаах, киһи — киһитэ суох сатамматын курдук туох барыта дьонтон тутулуктанар. Бу куонкуруска аҥардас тас көстүү тугу даҕаны быһаарбат. Киһи бэйэтэ көнө сүнньүлээх, тирэхтээх, духуобунастаах буолаҕына эрэ итинник күрэххэ киирэр. Кэрэ аҥар элбэх, дьахтар барыта кыраһыабай, ким баҕарар киирсиэн сөптөөх. Итиннэ олорон толкуйдуубут, онтон үс хас кыыһы таламмыт, кэлэктиипкэ таһаараммыт ырытабыт – ити бастакы бэлэмнэнии. Онтон сиппит-хоппут киһи буолуохтаах диэммит түмүк оҥостобут. Бастакы ирдэбилигэр – үлэтинэн-хамнаһынан, өйүнэн-санаатынан, дьиэтинэн-уотунан бары өттүнэн таһымнаах буолуохтаах. Аҥардас тас көстүү тугу да эппэт. Онтон кыттааччыбытын таллахпытына ыҥыраммыт кэпсэтэбит. Бэйэбин урукку, кытаанах салайааччыларга киллэрэбин, ол да иһин буолуо кэпсэтии быһаччы буолар. Бастакытынан, хайаан даҕаны тулуйаҕын диибин. Үлэҕин, дьиэҕин-уоккун, оҕоҕун-уруугун хаһан да хаалларбаккын, бастакы уочарат буолуохтаахтар диэн ирдэбил турар. Ону таһынан ноҕоруускалаах күрэхтэһиини тулуйуохтааххын диэн этэбит. Арааһынай тыл-өс тахсыан сөп, таптааһын, мөҕүллүү да баар буолуон сөп – ону барытын тулуйар буоллаххына диэн. Иккиһинэн, инники кыайыылар статустара оннунан хааларыгар улахан сыал-сорук туруоруллар. Дьэ, ити тургутуулары барытын тулуйан Мотяны бэлэмнээһиҥҥэ киирдибит. Ити иннинээҕи Миссистэрбэр улаханнык махтанабын, кинилэр ити оскуоланы ааспыт буоланнар писхологическай, духуобунас да өттүгэр сүбэлэрэ улахан күүс буолла. Ону таһынан кэлэктиибим эппиэтинэһи өйдүүрүттэн наһаа үөрэбин, биһиэхэ туора турбут харабыл даҕаны суох, уолаттар илиилэринэн от-мас барыта оҥоһуллар, манна чуолаан Максимова Наталья Егоровнабытын бэлиэтиэхпин баҕарабын, ити кынаттарбыт, уоппут-күөспүт бүтүннүү кини өйүнэн-санаатынан оҥоһулунна. Элбэх куонкуруһу тэрийбит киһи быһыытынан, атын тэрилтэлэргэ кэлэктиип, хамаанда улахан көмөтүн көрбөппүн. Кыргыттар барахсаттар сөбүлэһэн киирэн бараннар аҥар өттүн барытын бэйэлэрэ соһо сатыыллар. Оттон биһиэхэ аҥар-аҥарга диэн суох, 100% түһүнэбит, хас биирдиибит миссис курдук сананабыт. Ити оруол биһиги испитинэн ааһар. Сарсыарда, күнүс, киэһэ – ханна муста түстүбүт эрэ мунньахтаан иһэбит, планерка диэн ааттыыбыт. Саамай махтанарым — Мотя хорсун санаатыгар, төрөппүт кыргыттарыгар, наһаа үчүгэйдик кэлэннэр ийэлэрин бары өттүнэн өйөөннөр, тэбис-тэҥҥэ сылдьыстылар. Ыраах Үөһээ Дьааҥыттан ийэтэ Сардаана Христофоровна кэлэн кыыһыгар күүс-көмө, өй-санаа буолбутугар дириҥник махтанабыт. Мотя биир улахан ситиһиитэ диэн — элбэх профессиональнай куонкурустарга кытынна, хамаандаҕа сылдьарга үөрэннэ, үгүс доҕордонно итини таһынан “Чурапчыына” дьахтар сүбэтигэр киирэн кыргыттары кытары тэбис-тэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьарын көрөммүн улаханнык астынабын. Кыргыттарбар барыларыгар наһаа махтанабын, этэргэ диэри кэлэктиип күүһэ диэн баар, баҕар ити былыргы Сэбиэскэй иитииллиим буолуо, ол эрэн кэлэктиип барытын быһаарар. Билигин олус эдэр кэлэктииптээхпин, ортотунан 32-33 саастаах кыргыттар. Билигин даҕаны элбэххэ үөрэниэхпитин наада, “Улыбка” имиджин түһэн биэриэ суохтаахпыт, бэйэбит тэрилтэбитин уопсастыбаҕа хамнатабыт уонна кэлэктиип түмсүүлээх, биир өйдөөх-санаалаах буолуутугар үлэлэһэбит. Биир киһи курдук буоллахпытына тугу барытын кыайабыт, хас биирдии киһибит биһиэхэ наһаа күндү, наһаа наадалаах.Механизм курдук, ити өйдөбүлгэ киллэрэбит уонна ити өйдөбүлүнэн олоробут. Ол да иһин ситиһиилэнэрбит буолуо диэн сэмэйдик этэбин. Биһиэхэ Саргылаана Александровна диэн сүрдээх эдэр профсойуус бэрэссэдээтэллээхпит, кини хас биирдии үлэһиппит олоҕор ымпыгар-чымпыгар тиийэ үлэлэһэр. Биһиги дьахталларбыт, дьиэҕэ, үлэҕэ, бэйэ икки ардыгар кыһалҕабыт үгүс буоллаҕа ол иһин салайааччы быһыытынан итини барытын испэр бэлиэтиибин, робот-үлэһиттэр курдук буолбакка, бастатан туран барыларын киһи быһыытынан көрөбүн. Үөрүүгэ-хомолтоҕо барытыгар бииргэ буоларга кыһаллабыт, көмөнү хайаан даҕаны оҥоробут. Эһиилги куонкуруска биһиги тэрилтэ сынньабылы биллэрдэ эрээри манна нэһилиэкпитин өйөөммүт, бу куонкурус таһымын үрдэтээри инникитин өссө даҕаны кыттыахпыт диэн эрэннэрэбит”.
Биир тэрилтэттэн түөрт “Миссис Чурапча” куонкурус кыайыылааҕа тахсара элбэҕи этэр. Манна бүтүн тэрилтэ, ону ааһан Чурапчы түмсүүтэ, өйө-санаата, инникигэ эрэлэ, тулхадыйбат тулуура барыта көстөр. “Улыбка” уһуйаан салалтатыгар, хас биирдии үлэһитигэр кытаанах доруобуйаны, ситиһиини баҕарыаҕыҥ.
Сэмэн Жендринскэй. Хаартыска ааптар уонна «Улыбка» уһуйаан тус архыыптарыттан.