Бэҕэһээ улуус оскуолаларын уонна уһуйааннарын төрөппүттэригэр, бэрэссэдээтэллэригэр, Аҕа сүбэтин салайааччыларыгар анаан мунньах тэрилиннэ. Барыта 51 киһи кытынна. Мунньах сыала-соруга: төрөппүттэр сүбэлэрин түмэн, биир ситимнээх үлэни тэрийии, ону сүрүннүүр улууска төрөппүт Сүбэтин талыы.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын иитэр үлэни уонна эбии үөрэхтээһини сүрүннүүр салаа начаалынньыга Евгения Чичигинарова Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо аймах, улууспутугар Ыал саргыта сыла биллэриллибитинэн, эҕэрдэлээтэ. Улууска иккис сылын үлэлээн эрэр “Боотур Уус сыдьааннара” бырагыраама туһунан иһитиннэрдэ.
“Бастыҥнар хамсааһыннара” Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын улуустааҕы салаатын исписэлииһэ Тимур Смирников Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар улахан бырайыактарга дьиэ кэргэнинэн кытталларыгар ыҥырда уонна сүбэ- ама биэрэргэ бэлэмин эттэ. Мунньах сүрүн чааһын иитэр үлэни уонна эбии үөрэхтээһини сүрүннүүр салаа исписэлииһэ Екатерина Хоютанова салайан ыытта. Кини улуустааҕы төрөппүт сүбэтин балаһыанньатын, үлэ былаанын мунньах кыттыылаахтарын дьүүлүгэр туруорда. Мунньах кыттыылаахтара көхтөөхтүк кыттан, биир санаанан Сүбэ балаһыанньатын, үлэ былаанын ылыннылар. Түмүгэр 11 киһиттэн састаапттаах улуустааҕы төрөппүт Сүбэтэ тэрилиннэ. Сүбэ бэрэссэдээтэлинэн Одьулуун орто оскуолатын төрөппүтэ Парасковья Гладкина талалынна. Саҥа талыллыбыт улуустааҕы төрөппүт сүбэтигэр таһаарыылаах үлэни баҕарабыт.
Хас биирдии дьиэ кэргэн туруктаах, оҕо-аймах дьоллоох, ситиһиилээх буоларын туһугар хас биирдии төрөппүт, учуутал, иитээччи өйдөрүн-санааларын, кыһамньыларын ууран туран туруоруммут сыалларын-соруктарын ситиһэр бары биир санааҕа кэллилэр. Бары түмсэн, үлэлииргэ-хамсыырга соруктаах тарҕастылар.
Анна Захарова.