Күһүн сахаларга уйгу-быйаҥ кэмэ, сир аһа ситэн, оҕуруот аһын хомуйан быйаҥ кэмэ буолар, ол иһин өбүгэлэрбит “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан” диэн бэрт бэргэн өс хоһоонун этэн ааспыттар эбит. Чахчы даҕаны күһүн кэрэ көстүүтүнэн, көмүс кырааскатынан, уйгулаах быйаҥынан дьыл саамай үтүө кэмнэриттэн биирдэстэрэ.
Бу күннэргэ Алаҕар орто оскуолатыгар “Күһүҥҥү дьаарбаҥка” буолан ааста. Бу дьаарбаҥка сыала: кылаас, оскуола кэлэктиибин биир дьыалаҕа түмүү, оҕону атыы-эргиэн эйгэтигэр сыһыарыы.
Тэрээһиҥҥэ араас күрэх: «Унылая пора! Очей очарованье!» хаартыска күрэҕэ (1-11 кыл.), «Алло, Күһүн, биһиги талааннары көрдүүбүт» талаан көрдөрүүтэ (5-11 кыл.), «Күһүн бэлэҕэ» дьаарбаҥка остуолун киэргэтии (1-11 кыл.) ыытылынна. Маны таһынан алын кылаас оҕолоругар көрдөөх оонньуу буолан ааста.
Оҕолор дьүүллүүр сүбэҕэ хаартыскаларын, талааннарын, дьаарбаҥка остуолун көрдөрдүлэр.
Күрэх түмүгүнэн хаартыскаҕа: алын кылааска 1 м. – 2 кылаас, 2 м. – 4 кылаас, 3 м. – 3 кылаас, орто кылааска 1 м. – 7 кылаас, 2 м. – 5 кылаас. 3 м. — 6 кылаас, үрдүкү кылаастарга 1 м. – 9 кылаас, 2 м. – 10 кылаас, 3 м. – 11 кылаас кэлэктииптэрэ, 1, 8 кылаастар “Көмүс күһүн дьэрэкээн өҥө” номинацияҕа тигистилэр.
Талаан күрэҕэр 5-11 кылаастар номинация ыллылар, онтон “Күһүн бэлэҕэ” остуол киэргэтиитигэр алын кылаастарга 1 м. – 2 кылаас, 2 м. – 4 кылаас, 3 м. – 5 кылаас, үрдүкү кылаастарга 1 м. – 7 кылаас, 2 м. – 11 кылаас, 3 м. – 8 кылаас уоннааҕылар номинация хаһаайыттара буоллулар.
Дьон-сэргэ көмүс күһүнү уруйдаан, быйаҥнаах үүнүү минньигэс астарын үөрэ-көтө атыылаһан, астынан, сэргэхсийэн дьиэлээтилэр.
«Алаҕар кэскилэ» медиа киин