Модун Арассыыйаҕа дьон саамай элбэхтик сылдьар кэрэ-бэлиэ ленинскэй миэстэлэриттэн биирдэстэринэн Москубаҕа баар Владимир Ленин Киин мусуойа буолар. Күн ахсын манна биһиги Ийэ дойдубут бары уһуктарыттан, кыраныысса таһыттан тыһыынчанан көрөөччүлэр сылдьаллар. Мусуой үлэлээбит 99 сылын устатыгар манна мөлүйүөнүнэн киһи сырытта. Сыл ахсын кини экспонаттарын кытта аан дойду 200-тэн тахса дойдуларын бэрэстэбиитэллэрэ билсэллэр.
Владимир Ленин Мусуойун баай экспозицията 34 саалаҕа тардыллыбыт, билигин 12 тыһ. тахса экспонаттаах. Ити – Ленин илиитинэн суруйбут суруйууларын куоппуйалара, Владимир Ильич тус бэйэтэ тутта сылдьыбыт маллара, туттубут предметтэрэ, документальнай хаартыскалара, сирдьит айымньыларын бастакы таһаарыылара, кини үлэлэрэ бэчээттэммит хаһыаттара уонна сурунааллара. Ити кэмҥэ Ильич аан дойду 118 норуоттарын тылларынан бэчээттэнэн тахсыбыт үлэлэрэ туруоруллубуттар. Мусуойга уус-уран Лениниана – живопись болотуналара, скульптурнай үлэлэлэр о.д.а. – киэҥник көрдөрүллэр.
Сылдьааччылар саалаттан саалаҕа киирэн гениальнай революционер уонна мыслитель олоҕун долгутуулаах страницаларын кытары билсиһэллэр. Уонна биһиги ситиһиилэрбит биһиктэригэр турбут, коммунизм улууканнаах дьиэтин акылаатын уурбут, биһиэхэ улуу тутууну тиһэҕэр тиэрдэргэ кэриэһин хаалларбыт киһиэхэ сүрэх махталынан туолар.
Ленин баайтан-баай идиэйинэй нэһилиэстибэтин көрдөрөр икки саалаҕа тохтоон ааһыаҕын. Бастакыта кинигэтэ дэлэйинэн сөхтөрөр. Оскуолаҕа үөрэммит сылларыттан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри кинилэр улуу сирдьит эрэллээх аргыстарынан буолбуттара. Аймымньыларын толору хомуурунньугар баар литэрэтиирэ ыйынньыгар, холобура, Владимир Ильич цитата ылбыт, ахтан аһарбыт 16 тыһыынчаттан тахса кинигэлэрэ, брошюралара, периодическай таһаарыылара ыйыллаллар.
Атын саалаҕа В.И. Ленин айымньыларын ССРС-гар бэчээттэнэн тахсыбыт бары хомуурунньуктара көрдөрүллэллэр. Олортон бастакылара Ильич тыыннааҕар баартыйа IX сийиэһин уурааҕынан таһаарыллыбыта. Балтараа тыһыынчаттан ордук үлэни хабар 20 том таһаарыллыбыта. В. Ленин айымньыларын тиһэх, бэһис, таһаарыыта 55 томнаах. Олорго тоҕус тыһыынча кэриҥэ айымньылар уонна докумуоннар киирбиттэрэ. 1924-1975 сылларга бэчээттэммит 38 ленинскэй хомуурунньуктар, Ильич талыллыбыт айымньылара, сойуустааҕы уонна автономнай өрөспүүбүлүкэлэр издательстволарынан нуучча итиэннэ национальнай тылларынан таһаарыллыбыт кини айымньыларын хомуурунньуктара уонна биирдиилээн үлэлэрэ туруоруллубуттар. ССРС-гар Ленин айымньылара 14 тыһыынчаҕа чугасаһар төгүл барыта 531 мөлүйүөнтэн тахса ахсааннаах таһаарыллыбыттара.
Саала атын бэлиэтии көрүллэрэ – сүҥкэн улахан глобус. Онно кыһыл ойууларынан Ленин үлэлэрэ бэчээттэнэн тахсыбыт куораттара уонна дойдулара бэлиэтэммиттэр. Сүүһүнэн итинник эмблемаларынан сир шарын бары чаастара бэлиэтэммиттэр. Кинилэр Европаҕа ордук хойуулар, кинилэр Африкаҕа уонна Соҕуруу Америкаҕа бааллар. Аан дойду тылбаастаммыт литэрэтиирэтигэр Владимир Ильич айымньылара бастакы миэстэни ылаллар. Ленин күн бүгүҥҥээҥи диэри – планетаҕа саамай элбэхтик ааҕыллар ааптар.
Көрдөрүүгэ турар кинигэлэр ортолоругар – 1919 сыллаахха Будапешка венгерскэй тылынан таһаарыллыбыт “Охсуһуу суола” диэн ленинскэй үлэлэр хомуурунньуктара турар. Онно “Тактика туһунан суруктар”, муус устардааҕы тезистэр, Сэбиэттэр III сийиэстэригэр этии киллэриллибиттэр. Болгария хомуньуустара 1922 сыллаахха В.И. Ленин “Кыһыл көмүс урукку уонна билиҥҥи суолтатын туһунан” диэн ыстатыйатын уонна кини атын үлэлэрин туспа брошюранан таһаарбыттара. Фашистскай реакция сылларыгар немец хомуньуустара, кистээн Ильич “Коммунизмҥа “хаҥастыйыы” оҕо ыарыыта” диэн кинигэтин бэчээттээн таһаарбыттара уонна туризмҥа, успуорка ыйынньык көрүҥүн биэрэн тарҕаппыттара.
Европа социалистическай дойдуларыгар Ленин үлэлэрэ үс тыһыынчаттан тахса төгүл бэчээттэммиттэрэ. В.И. Ленин үлэлэринэн интэриэһиргээһин сайдан иһэр дойдуларга үүнэр. Тиһэх ааҕынан, онно кинилэр 2000 төгүл таһаарылыннылар.
Владимир Ильич айымньылара Англияҕа, Фрнацияҕа, АХШ-гар, Бразилияҕа, Италияҕа, Швейцарияҕа, Финляндияҕа, Индияҕа уонна атын дойдуларга таһарыллыбыттара. Болҕомтону улуу сирдьит төрөөбүтэ 90 сыла туолуутугар Японияҕа бэчээттэммит В.И. Ленин айымньыларын 12 томнаах үбүлүөйүнэй таһаарыыта тардар. Сэрии кэннинээҕи сылларга Ленин иккилии томнаах айымньылара күн сирин Нью-Йорка, Афиныга, Милаҥҥа, Ослаҕа, Брюссельга, Токиоҕа көрбүттэрэ. Кэлиҥҥи сылларга В.И. Ленин үлэлэрэ араас дойдулар 200-кэ тылларынан бэчээттэнэн таҕыстылар.
Экскурсаннар иккис этээстэн сүҥкэн улахан, көй уоттарынан дьиримнии турар саалаҕа киирэллэр. “В.И. Ленин уонна билиҥҥи революционнай хамсааһын” диэн экспозиция көрдөрүллэр.
Аан дойду истиэнэни тилэри сабардыыр сүүнэ улахан политическай каартата планетаҕа Октябрь кыайыытын кэнниттэн тахсыбыт уларыйыылары көрдөрөр. Социализм соҕотох дойду иититтэн тахсан, бырааттыы социалистическай судаарыстыбалар бииргэ доҕордоһуулара үөскээбитэ. Сир иэнин уонна нэһилиэнньэтин үс гыммыт биирдэрин хаппыт империализм колониальнай систиэмэтэ суох оҥоһуллубута. Сүүстэн тахса туспа судаарыстыбалар үөскээбиттэрэ, олортон үгүстэрэ сайдыы социалистическай хайысхатын талбыттара. Ити каартаны көрдөххүнэ, хайдах даҕаны бэйиэт бу тыллара тиллэллэр:
Күн сирин үрдүнэн
тэнийдэр тэнийэллэр
Ленин өйө,
тыллара,
дьыалалара.
Сэмэн Жендринскэй