Улахан Күөлтэн Акулина Протасова-Макарова туһунан

Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сыла биллэриллибитинэн үтүө үлэһит дьоммут туһунан сырдатыах, кинилэри чиэстиэх тустаахпыт. Бу туһунан улууспут баһылыга Степан Саргыдаев этэн турар.

Чурапчы улууһа элбэх кыһалҕаны, суту-курааны көрсүбүт, сэрии сылларыгар көһүүгэ бэрт элбэх киһитин сүтэрбит, уруккуттан үлэни өрө тутан, үлэлээн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, от үүммэтэх сылларыгар чугастааҕы улуустарга көһөн оттоон, «Чурапчылар дуо» дэппит үтүө үлэһит дьоннордоох, өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр-көстөр улуус буолабыт.

Биһиги дэриэбинэбитигэр Акулина Протасова-Макарова диэн ытыктанар киһилээхпит.

Өкүү сэтинньи 13 күнүгэр 1952 сыллаахха Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгэр Протасовтар диэн үлэни өрө туппут дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ, бииргэ төрөөбүт үһүөлэр. Аҕата Г.Протасов сааһын тухары колхуоска булчутунан, от-мас тиэйээччинэн, ийэтэ А.Лебедева ыанньыксытынан үлэлээбиттэрэ.

Өкүү ыанньыксыт оҕото буолан оҕо сааһа ферма үлэтин кытта ыкса сибээстээх, сүөһүгэ сыстаҕас буолан оскуоланы 1969 сыллаахха бүтэрээт Баһырҕас ферматыгар ыанньыксытынан үлэтин саҕалаабыта.Чакыр эбэтигэр, Мэҥэри Уус күөлүгэр, кэлин Кэтит күөл фермаларыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Сүрдээх ыраас, түргэн-тарҕан туттуулаах, кыайыгас, үлэтигэр эппиэтинэстээх кыыс сопхуос ыарахан үлэтигэр миккиллэн, хомуньуус баартыйа ыйбыт соругун толорон, хас да пятилетка кыайыылааҕа буолуталаабыта. Сүрэхтээх-бэлэстээх кыыһы таба көрөн, нэһилиэк сэбиэтигэр дьокутаатынан таланнар, кэккэ сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Күүрээннээх үлэтэ сыаналанан үгүс грамоталарынан, махтал суруктарынан, вымпелларынан, сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаламмыта.

«Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа» бэлиэни 4 төгүл, Эрилик Эристиин сопхуоска коммунистическай үлэ ударнигын аатын З төгүл туттарбыттара.3-с степеннээх «Үлэ Албан аата» уордьаны 1984 сыллаахха ылбыта.  1980 сыллаахха Үрдүкү Сэбиэт 10-с ыҥырыытыгар дьокутаатынан талыллар чиэскэ тиксибитэ.

Итилэри таһынан «Наставник молодежи», «Молодой Передовик пятилетки», «Заслуженный работник 20 века», «Мастер Умелец», «Ударник 11 пятилетки» диэн бэлиэлэри ылаттаабыта.

2022 сыллаахха «Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ» буолбута, ону тэҥэ «Улахан Күөл нэһилиэгин социальнай-экэнэмиическэй сайдыытыгар тус кылаатын иһин» бэлиэ, «Саха өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын 100 сыла»,»Комсомол 100 сыла» мэтээллэр хаһаайкалара.

1988 сыллаахха олоҕун аргыһын, эмиэ бэйэтин курдук туруу үлэһит, «Чурапчы» сопхуос сылгыһытын Баһылайын көрсөн, ыал буолан Улахан Күөлгэ көһөн кэлбитэ, уол оҕолонон быр бааччы ыал буолан олорбуттара. Манна кэлэн баран кыһынын борооску, сайынын ньирэй көрүүтүгэр үлэлээбитэ. Сопхуос үлэтин таһынан кэтэх хаһаайыстыбаларыгар, тыа ыалын сиэринэн, оттоон-мастаан, сылгы, сүөһү ииттэн олорбуттара. Кэлин Баһылайа ыарахан ыарыыттан олохтон туораабытын да кэннэ сүөһүтүн эспэккэ, кэккэ сылларга туруулаһан үлэлээбитэ.

Акулина Гаврильевна, төһө да сааһырдар, билигин да дойду оҥостубут Улахан Күөлүн оскуолатыгар үлэлии-хамсыы, нэһилиэк общественнай олоҕуттан туора турбакка, олох үөһүгэр сылдьар.

Тумус туттар чулуу үлэһит киһибит этэҥҥэ сылдьан, кэлэр кэнчээри ыччакка үтүө холобур буола тур!

 

Любовь Трофимова, Улахан Күөл