Улахан Күөллэр Кыайыы күнүн өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтилэр

 

Улуу Кыайыы парада мэлдьи буоларын курдук өрө көтөҕүллүүлээхтик, үрдүк тэрээһиннээхтик ааста.

Олохтоох энтузиаст Дмитрий Трофимов оҥорбут байыаннай техникалара парады киэргэттилэр, оҕо-аймах сэҥээриитин ыллылар. Ону таһынан коляска, велосипед киэргэтиитигэр куонкурустар, сүүрүүгэ күрэхтэһии бэрт сэргэхтик аастылар. Байыаннай формалаах оҕолор эҕэрдэ ырыалара, хоһоонноро бырааһынньыгы ситэрэн биэрдилэр.

Улуу Кыайыыга аналлаах мемориалга сибэкки уурдулар, буойуннары чиэстээн чуумпуран ыллылар.

Олохтоохтор бу өйдөбүнньүк күнү ити курдук атаардылар, өрүү эйэлээх халлаан буоларыгар баҕа санаалаах тарҕастылар.

 

Любовь Трофимова, Улахан Күөл