Улахан Күөл үөрэнээччилэрэ айылҕалыын алтыстылар

Самаан сайын барахсан бүтэн, көмүс күһүн тиийэн кэллэҕэ.
Айылҕа кыһыны көрсөөрү бэлэмнэнэн, көмүс дуйунан киэргэнэн, бүтэһик сылаас күннэри бэлэхтээн, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллэр, оҕо аймах таһырдьаттан киирбэт кэмнэрэ кэллилэр.
Биир оннук чаҕылхай күннээх күн Улахан Күөл оскуолатын кэлэктиибэ, үөрэнээччилэрэ «Дорообо, көмүс күһүн»  тэрээһини тыаҕа тахсан, дьиҥ чахчы айылҕалыын алтыһан, үөрэ-көтө атаардылар.
Оҕолорго араас күрэхтэр, оонньуулар тэриллэн олус көхтөөхтүк ыытылыннылар.
Кылаастарынан музыкальнай нүөмэрдэр, сүүрүү, оҕуруот аһыттан бүлүүдэҕэ куонкурус буоллулар. Оҕолор бэйэлэрэ айан айылҕа матырыйаалыттан таҥас оҥостон  көрдөрдүлэр.

Ити курдук биир күн сүрдээх сэргэхтик ааста, оҕолор сибиэһэй салгыны тото эҕэрийэн, сынньанан, айылҕаттан күүс ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Любовь Трофимова,
Улахан Күөл