Улахан Күөл оскуолатыгар «Илиим сылааһа» куонкурус ыытылынна

 

Россия ийэлэрин күнүн көрсө, Улахан Күөл оскуолатыгар «Илиим сылааһа»  куонкурус тэрилиннэ.  Манна ийэлэр оҕолорун кытта хас да түһүмэҕинэн күрэхтэстилэр. Ийэлэр бэйэлэрин сөбүлүүр утахтарын, бүлүүдэлэрин астаан аҕалан, дьүүллүүр сүбэ иннигэр көмүскээтилэр.

Бүлүүдэлэр аукциоҥҥа туран, сэмэй да буоллар, оскуола туһатыгар 2750 солк туттардылар.
Ону таһынан бэйэни билиһиннэрии, ыйытыыларга хоруй, талаан түһүмэхтэрэ  солуннук көһүннүлэр.
Түмүккэ  Саргылаана Трофимова үс оҕотунаан бастаатылар.

Оскуола оҕолоро эҕэрдэ номердарын бэлэхтээтилэр. Үҥкүү куруһуогун уолаттара (сал. Лилиана Божедонова) Боотурдар үҥкүүлэрин, кукольнай театр оҕолоро (сал. Наталья Божедонова, Виктория Филиппова) «Теремок» остуоруйаны английскай тылынан туруорбуттара бэрт солуннук көһүннүлэр. Кэрэ эйгэ муода театрын (сал. Эльза Макарова, Надежда Пермякова) кыргыттара бэйэлэрэ айан уруһуйдаан, тигэн оҥорбут таҥастарын кэтэн, хааман көрдөрдүлэр. Уһуйааммыт кырачааннара (сал. Мария Макарова)  «Мама»  ырыалара ийэлэри долгутта.

Ийэлэргэ анаан, музыкальнай эҕэрдэтин оскуолабы  завхоһа Федор Трофимов толорбут ырыатынан биэчэрбит түмүктэннэ.

Любовь Трофимова