Убайдарын ааттарын мэлдьи өрө тутар улахан суоппар (Суоппар күнүнэн)

Тус бэйэм Николай Николаевиһы көрсөн элбэхтэ кэпсэтэн турардаахпын. Кини мэлдьи күлэ-үөрэ, үлэлээн ааспыт доҕотторун, кинини үөрэппит настаабынньыктарын туһунан сэһэргиирин астына истэбин. Онно биирдэ:  “Өбүгэлэрбит туох үчүгэйдээхтэрэ удьуорунан бэриллэр эбит. Олоххо ситиһиибин — мин үчүгэйим диэбэппин, ол барыта кинилэртэн бэриллибит сатабылларым эбит. Төрүттэрбитигэр өрүү махталлаах буолуохха”, — диэн этиитин өйдөөн хаалбыппын. Итиэннэ “үлэһит киһи туохтан да толлон турбат” эбэтэр “үлэ батыһа сылдьар киһитэ” диэн бэргэн этиилэр Николай Пономаревка анаммыттарын бигэ итэҕэйэбин. Кытаанахтааҕы аҕа доҕорум, Николай Николаевич, суоппар күнүнэн!


Күн бүгүҥҥэ диэри илиитин уруултан араарбат

Николай Николаевич үлэлээн кэлбит массыыналарын барыларын хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр үтүө үгэстээх киһи. Ол туһунан бэйэтэ маннык кэпсээбиттээҕэ:

— Аҕам эдэриттэн ат ыарыылаах киһи. Кини кэмигэр тыраахтардар, массыыналар хото кэлэн бараллар. Арай, кини, барытын оҕуһунан тиэйэн аҕалар киһи көрдөҕүнэ, тиэхиньикэлээх дьон отторо-мастара дьиэлэрин таһыгар бэрт судургутук тиэллэн кэлэр. Ол иһин аармыйаттан кэлбитим кэннэ суоппардар куурустарыгар үөрэттэрэ ыытар. Дьиҥэр, бэйэм баҕабынан успуорт диэки чарапчыланарым. Оччолорго Павел Пинигин — Киевкэ, Михаил Друзьянов — Душанбеҕа, сорохтор — Казахстаҥҥа. Кэлбитим, аҕам олохтоох “Саҥа олох” хаһыаты тутан олорор: “Одьулууннааҕы СПТУ-га суоппар кууруһугар киһи тиийбэт, кэлэн үөрэниҥ”, — диэн балаҕан ыйыгар ыҥырыы таһаарбыттар. “Билигин ахсынньы эбээт, түөрт ый ааспыт”, — диэбиппин, — “баран сэмээр ыйыталас”, — диэн модьуйбутун быһа гыммакка тиийдим. Ол тиийэн оскуола-интэринээти бүтэрбит, тустуук Гавриил Николаевы көрсө түстүм, СПТУ-га үлэлиир эбит: “Оо, бу Коляны, баһаалыста, ылыҥ. Аны саас 57 киилэҕэ тустар киһи бэйэтинэн тиийэн кэллэ”, — диэн көрдөһөн ылларда. Билсэ тиийбит киһи ол күнтэн, ол курдук устудьуон буолан хаалар. Үөрэҕин кэнниттэн идэтинэн Кытаанах оскуолатыгар миэстэ тахсан үлэһит аатын ылар. “Аан бастакы үлэлээбит массыынам бу турар” — диэн ойоҕоһугар “7576” суруктаах массыына хаартыскатын ыйбыта. “Оскуола үбэ-аһа кырыымчык, эргэ массыыналары ылан холбоон-илбээн оҥостон сүүрдэбин. Инньэ гынан, массыынаҕа бэркэ быһаарсабын. Аны гарааспыт тымныы, онно сытан өрөмүөннэнэбит, билиҥҥи курдук сырдатар лаампалар кэлиэхтэрэ дуо”, — диэн суоппар оччотооҕу сылларын ахтан аһарбыттааҕа. Салгыы 1975–1994 сс. Чурапчы улууһунааҕы холбоһукка “ЗИЛ”, “Урал”, “КАМАЗ” массыыналарга суоппарынан эҥкилэ суох үлэлээбит туруу үлэһит. Дьэ кини итиннэ, баара-суоҕа 25 саастааҕар чурапчылартан бастакынан Дьааҥыга саппаас чаас тиэйиитигэр барсар. Онтон ыла уһун айаҥҥа тиһигин быспакка күн бүгүҥҥэ диэри сылдьар.

Суоппар сырыытыттан биир түгэн

Суоппар киһи мүччүргэннээх сырыыта баһаам буоллааҕа. Ол онтон биири ахтан аһарбыта: “Чурапчылар бэрт бэрээдэктээх дьоммут, онон, дьолго, улахан быһылааннарга түбэспэтэхпит. Биир сырыыбын умнубаттык өйдөөн хаалбыппын. 1979 сыл улахан ардахтаах сайын этэ. Үс массыынанан, толору тимир тиэнэн Большой Невергэ туруннубут. Мугудай таһыттан ардахха баттатан, аҕыйах килэмиэтир бараат турунан кэбистибит. Ол олордохпутуна Тааттаттан үс уол, Чурапчыттан икки РАЙПО массыыната кэллэ. Нэдиэлэни быһа хаайтаран олордубут. Хаһаас аспыт баранна. Чурапчы төлөпүөнүн лиинийэтин саҥарда сылдьар кэмнэрэ, сибээс суох. Сибээс тиэхиньикумун устудьуоннара бааллара, ардах саҕаланаатын кытта куораттаабыттар, 50‑ча киһи батар балааккалара хаалбыт. Чурапчыттан кэлбит маастар уол барарыгар тута Чурапчы АТС-гар тиийэр сибээс дьоно туттар аппараата баар диэбитин өйдүү биэрэн көрдөөн, илдьит ыыттыбыт. Икки хонон баран “Урал” массыынанан дьоммут тиийэн кэллилэр. Биир “Урал” соһон, күн устата икки эрэ килэмиэтири айанныыбыт. Ол курдук үстэ-түөртэ хонон Чаачыгыйы буллубут. Саамай эрэйдээх сырыым этэ”, — диэн кэпсиир. Ити сыл аҥаардас Большой Невергэ үстэ баран кэлэр. 29 сааһыгар суоппардар ортолоругар улууска чөмпүйүөннээн лиэнтэ иилэллэр, кыраамата туттараллар, бэлэх ууналлар. Эдэркээн киһи хайҕанан: “Киһи үлэлээтэҕинэ сэҥээрэллэр эбит ээ”, — диэн түмүк оҥостон, күн бүгүҥҥэ диэри илиитин үлэттэн араарбакка сылдьар. 1980 сылтан халыҥ тэтэрээккэ күннэтэ тугу гыммытын, ханна баран кэлбитин, төһө, туох таһаҕаһы тиэйбитин, хас килэмиэтири сүүрбүтүн барытын тиһэн, хамнаһын аахсар эбит. Бэл диэтэр, ким-хаһыс буолбутун кытта бэлиэтэнэр эбит. “Билиҥҥи массыынам бу баар, 2001 сылтан олоҕум аргыһын Аксинья Светлановнаны кытта урбаан эйгэтигэр көспүппүт”, — диэт УАЗ массыынаҕа өйөнөн турар хаартыскатын диэки ыйбыттааҕа.

Түгэнинэн туһанан, итиини-тымныыны аахсыбакка, тимир көлөнү доҕор оҥостон, дьон туһугар үлэлиир мындыр, үлэһит улууспут суоппардарыгар көнө суолу, үтүө аргыһы баҕарабыт. Сыралаах үлэҕит сыаналана турдун, аартыккыт аһаҕас, алгыстаах буоллун!

 

Сэмэн Жендринскэй