Тыылга сүрүн күүс буолбуттара (Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө)

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии иннинэ, 1940 сыл саҥатыгар, Чурапчы оройуона 38 тыһ. кэриҥэ ынах сүөһүлээх, 12 тыһ. тахса сылгылаах, 2 тыһ. чугаһыыр сибиинньэни иитэрэ, бытархай да буоллар барыта 71 колхуостаах өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ оройуоннарыттан биирдэстэрэ этэ.

Фашистскай Германия Сэбиэскэй Сойууска сэбилэниилээх түөкүннүү саба түһүүтэ, түөрт сыл кэриҥэ салҕанан барбыт алдьархайдаах сэрии оройуон норуотун хаһаайыстыбатыгар, дойду бүтүннүүтүгэр буолбутун курдук, улахан хоромньуну оҥорбута. Сэрии ыарахаттарыгар эбиилэһэн хас да сылга субуруччу бүрүүкээбит уот кураанынан уонна байыаннай бириэмэ наадыйыыларыгар сөп түбэһиннэрэн Саха сиригэр балык бырамыысалыннаһын сайыннарар туһунан Бырабыыталыстыба дьаһалын олоххо киллэриинэн сибээстээн оройуоҥҥа үлэһит илии лаппа аччаабыта, балаһыанньа урут хаһан да буолбатахтык ыараабыта.

Ол эрээри Сэбиэскэй дьон патриотизмнара, хаан-уруу Хомуньуус баартыйаҕа социалистическай Ийэ дойдуга муҥура суох бэриниилэрэ, немецкэй-фашистскай халабырдьыттары хайаан да үлтү урусхаллыырга бигэ быһаарыныылара ити ыарахаттары эрдээхтик туоратарга көмөлөспүттэрэ.

Сэрии сылларыгар Чурапчы оройуонуттан фроҥҥа ыҥырыллыбыт 2 тыһ. тахса эр дьону тыылга дьахталлар, кырдьаҕастар уонна оҕолор солбуйбуттара.

Бу суруйууга, оройуон дьахталлара Сэбиэскэй норуот уопсай Улуу Кыайыытыгар киллэрбит сорох сэмэй кылаттарын туһунан бэрт кылгастык кэпсиэхпин баҕарабын.

Ол ааспыт ыар сылларга дьахтар кыттыбатах, кини быһаарбатах дьыалата диэн суоҕа.

Оройуон салайар партийнай, Сэбиэскэй уорганнарыгар В.М. Бурнашева, В.Н. Дьячковская, А.П. Трифонова, Е.А. Таппахова, П.Ф. Сидорова, М.Е. Захарова уо.д.а. эппиэттээх дуоһунастарга үлэлээбиттэрэ.

Колхуостар бэрэссэдээтэллэринэн үлэлээбит В.П. Новгородова, В.О. Нестерова, Н. Готовцева, Е.П. Гуляева, фермалары, биригээдэлэри салайбыт Е.Д. Куличкина, А. Пестерова, Д.А. Гуляева уо.д.а. атыттарын билиҥҥи кырдьаҕас көлүөнэ сорох араҥата үчүгэйдик өйдүүр буолуохтаах.

Дьахталлар тулуурдара, дьулуурдара производстваҕа ордук чаҕылхайдык көстүбүтэ. Фроҥҥа барбыт кэргэттэрин, убайдарын уонна бырааттарын солбуйар кинилэр трактор, комбайн, массыына уруулугар олорбуттара уонна бэйэни харыстаммат үрдүк оҥорумтуолаах үлэ холобурун көрдөрбүттэрэ. Механизатордар куурустарын уонна оскуолаларын уонунан ааҕыллар кыргыттар, дьахталлар бүтэртээбиттэрэ уонна дьиэлэрин-уоттарын, оҕолорун-урууларын көрүнэ-көрүнэ, кыһыннары-сайыннары тимир миҥэлэрин тэһииниттэн илиилэрин араарбатахтара.

Үгүстэн аҕыйах холобур. 1944 сыллаахха тырахтарыыска Степанида Крапова салайар ыччат-хомсомуолун звенота 1511 гаа сири хоруппута, элбэх уматыгы кэмчилээбитэ, сыллааҕы былаанын 109 бырыһыанын толорон өрөспүүбүлүкэҕэ биллибитэ. Комбайнерка Анна Картузова 183 гааттан бурдугу хомуйан, сорудаҕын балтараа төгүл толорбута. Эмиэ ити курдук, Мэлдьэхситтэн Ольга Посельская, Чурапчыттан Евдокия Абрамова уо.д.а. механизатор уустук идэтин эҥкилэ суох баһылаабыттара.

Сүөһү иитиитэ, хонуу атын да үлэлэрэ эмиэ бүүс-бүтүннүүлэрэ дьахталлар, кырдьаҕастар, оҕолор санныларыгар сүктэриллибиттэрэ. Сэрии сылларынааҕы байыаннай ыһыыларга Крупская аатынан колхуос звеньевойа Елена Назарова, Чакыртан биригэдьиир Александра Кириллина үчүгэй үлэлэрэ бэлиэтэммитэ. Дарья Ефремова, Марфа Егорова оҕуһунан сири хорутууга, Екатерина Филиппова сиэрпэнэн бурдугу быһыыга, хотуурунан оту охсууга аҥардастыы аатырбыттара. Кинилэр холобурдарын батыһааччылар үксээбиттэрэ.

Быһата, тыылга дьахталлар быһаарар күүһүнэн буолбуттара. Кинилэр көҕүлээһиннэринэн, оҕо-уруу, оҕонньор-эмээхсин – турар-турбат бука барыта кыттыытынан оччотооҕу ыар сылларга оройуоммут сүөһү иитэн, бурдугу ыһан судаарыстыба сакааһын толорон олорбута.

Дьахталлар Сэбиэскэй Армия буойуннарыгар, дойду сэрииттэн эмсэҕэлээбит оройуоннарын олохтоохторугар көмөлөһүүгэ көхтөөхтүк кыттыбыттара. Чуолаан, оройуонтан ыытыллыбыт 5 тыһ. кэриҥэ итии таҥас күнүскү күргүөмнээх үлэ кэнниттэн кинилэр илиилэринэн тигиллибитэ.

Ити курдук оройуон үлэһит дьахталлара, Сэбиэскэй норуот бүттүүнүн кытта бииргэ түмсэн, Улуу Кыайыыны уһансыбыттара. Аҕа көлүөнэ ити үтүө үгэстэрин бүгүҥҥү эдэр ыччат үчүгэйдик үөрэтэрэ, дириҥник өйдүүрэ, сыаналыыра наада.

 

Сэмэн Жендринскэй