Бүлүү Эбэ хотун халыҥ хаарынан үллүнэн сытар. Хаһан да буолбатах түптэлэс тымныы сатыылаан, тыҥаабыт салгыны быһыта кымньыылыыр. Ол онтон тэбиэһирэн, силлиэ тыал тоҕой аайы улуйан, ытыллан сирилэтэр. Өрүс өрөһө мууһа дөйө тоҥон, хайыта барар бүтэй тыаһа дириҥ уу түгэҕинэн дөрүн-дөрүн ньиргийэн иһиллэр. Бастакы Охонооһойоп таҥаратын саҕана хабыс-хараҥа түүннэр бүрүүкээбитинэн бараллар. Үрдүк куйаар хараҥа уораҕайыгар сүүһүнэн барча сулустар бачыгыраһан ыһыллыбыттар. Быһыттаҕас былыттары быыһынан кэлтэгэй ый уһун муоһа ытарҕалыы ыйанан, өлбөөдүйэн көстөр. Алаас хоту өттүгэр буор сыбахтаах эргэ балаҕан кыстык хаар ыарыгар баттанан, барыйан турар. Көмүлүөк оһоҕун үөлэһиттэн кытыастар кыымнар үтүрүһэн тахсаннар, өндөл халлааҥҥа кыырайа көтөөт, умуллан иһэллэр.
Олунньу ый чыҥкынас тымныыта тууйан, алааһы күдэн туманынан бүрүйэн турар. Сарсыардааҥы хатан дьыбарга кытара көстөр күн улам-улам сырдаан, сайҕаран киирэн барда. Микииппэр Ньалбаахаан оһоҕун өһөн эрэр чоҕун үрэн сирилэтэр. Кураанах мас быраҕан, уотун субу-субу күөдьүтэн, үөттүрэҕинэн булкуйан биэрэр. Чаанньык оргуйбутугар, кытыы тардан, чэй кээһэр. Сарыы этэрбэһин оһуттан хамсатын хостоон таһааран, табаҕын тымтык уотунан уматынна, аҕыйахта оборон, табахтаабыта буолла. Уонна саҥа кыынньыбыт үүттээх чэйи иһэн сыпсырыйда. Оһоҕун сылааһын суоһугар сыламнаан, халыҥ халтаһата сабыллан, төбөтө босхо баран, тоҥхооруҥнаабытынан барда. Дьиэ иһин ыһыырынньык уота барбах эрэ сырдатан кылатар. Кэтэҕириин ороҥҥо ийэтэ Балаайа эмээхсин түүнү быһа сөтөлө бэргээн, түөһүн муҥунан тыын былдьаһа, өрүтэ тыыммахтаан, уһуутаан утуппата. Кини Бараах Уйбаанныын ыал буолуоҕуттан үстэ кыыстана сылдьыбыта да, мэлийбитэ, ытыс соттон хаалбыта. Ол саҕана ас-таҥас да кырыымчыга, дьаҥ-дьаһах да элбэҕэ, бука кыайдаҕа. Хата, оҕонньоро Бараах Уйбаан балыксыт буолан, син онуоха-маныаха диэри тиийиэх быатыгар, ыал буолан олордохторо. Күҥҥэ көрбүт соҕотох уоллара Микииппэр Ньалбаахаан эрэ ордон, харахтарын уутун соттубуттара. Кийииттэрэ Өлөөнө барахсан быйыл эмиэ оҕо күүтэр, ыарахан сылдьар. Кини Өргүөккэ баар Арбаҕастаах аҕатын ууһуттан хааннаах, Туомускайдар кыыстара. Өлөөнө бөлүүн түүнү быһа талыыланан ыарытыйбытыгар, дьиэлээхтэр бары да, сүпсүлгэҥҥэ түһэн утуйбатахтара. Оҕо көтөҕөөччү дьахтары эрдэттэн болдьоһон ыҥырбыттара. Түүн үөһүн ааһыыта эмискэ, саҥа төрөөбүт оҕо ытаан бэбээрбитигэр, Микииппэр Ньалбаахаан ону эрэ күүтэн, долгуйа олорбут киһи быһыытынан, чэпчэкитик тура эккирээбитэ. Быыһы сэгэтэн көрбүтүгэр: “Уол”, – диэн үөрбүт саҥа иһиллибитэ. Өлөөнө барахсан уолланан, этэҥҥэ быыһаннаҕа. Микииппэр Ньалбаахаан урукку өттүгэр уол оҕо сүтүктээх буолан, саҥата суох истэн эрэ кэбиспитэ. Иһигэр “кутуйах хаамарын” сэрэйбит курдук ийэтэ:
— Бу үөрүүнү көр! Оннооҕор былыр эн эбэҥ Каака Кыыс уон биир оҕону оҕолонон, син киһи-хара гыммыта, сүһүөхтэригэр туруорбута. Микииппэр, эн да уолуҥ, таҥара көмөтүнэн, этэҥҥэ буолуоҕа диэн таҥараттан көрдөһүөх, — дии-дии кириэс охсунан сапсыммахтаабыта.
-Эһэҕит Кындыл Уйбаан алта уончатыгар да хап курдук оҕонньор этэ. Кэлиэх иннинэ кэлэн, барыах иннинэ баран, сүрдээх тэтиэнэх киһи этэ. Кини курдук үлэһит, кыайыгас-хотугас буоллаххытына, өлөн-охтон биэриэххит суоҕа. Кини даҕаны ыал соҕотох уола этэ. Ийэтэ Үчүгэй эмээхсин Дьэбдьиэйэ, аҕата Тимэппиэй барахсаттар үтүө да дьон этилэрэ, диэн салгыы санаатын ситэрэн, өссө да элбэҕи ахтыах киһини, эмискэ саҥа киһи ытаан, аралдьытан кэбистэ.
-Уол кэллэ, иэхэйбиин, дии-дии Балаайа сирэйэ-хараҕа сырдаан, оһоҕун уотун күөдьүппүтүнэн барбыта. Тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу арыылаах алаадьыны уокка биэрбитэ. Көмүлүөк оһох уота үөрбүт курдук таһыгырыы умайан, өрө күүдэпчилэнэ түспүтэ. Кытыастар кыымнарын үөлэһинэн өрүтэ ыспахтаабыта. Ол үөмэхтэспит кыымнартан чорбойон, биир чаҕыл кыым тугу эрэ биттэммиттии, үөһэ сырдык сулус буолан, тыҥ хатыыта чаҕылыйа умайбыта…
Эрдэ үлэспиттэрин курдук, оҕону төрөөтүн кытта хотон кэтэҕириин түннүгүнэн таһааран, ким да билбэтинэн, Өргүөккэ Чэччэйдээххэ илдьэн биэрбиттэрэ. Баһылай Наҕабыыһыннаах Өлөөнө чугас аймахтара этэ. Инньэ гынан үгүс элбэх айдаана суох, оҕону абааһыттан куоттаран аҕалбыттарын ылбыттара.
Аҕыйах хонугунан саҥа төрөөбүт оҕону сүрэхтэтээри аҕабыыты ыҥырбыттара. Аҕабыыт Микииппэр Ньалбаахаанннаахха уол оҕо турбатын туһунан истэн баран, ким да истибэтэх сэдэх аатынан сүрэхтээбитэ. Ол саҕана Исиидэр диэн ааттаах киһи чугаһынан суоҕа. Уолларын абааһыттан да күрэтэн буоллаҕа, итинник аатынан сүрэхтэнэрин ылыммыттара. Үс сыл устата Исиидэр таайыгар Баһылай Наҕабыыһыннаах аахха иитиллэн олорбутун кэннэ, дьоно оҕолорун төттөрү ылбыттара. Ол кэмҥэ кинилэр өссө биир уолламмыттара. Дьуона диэн аатынан ааттаабыттара. Уонна оҕолоругар ханыы гынаары элбэх оҕолоох чугас аймахтарыттан өссө биир уол оҕону Анньыыһыны ииттэ ылбыттара. Кини сааһынан Исиидэртэн арыыйда аҕа этэ.
Исиидэр аҕыс сааһын туолуутугар Куорамыкыга Монастырев учууталга аан бастаан үөрэммитэ. Василий Григорьевич сүрдээх кытаанах уонна олус ирдэбиллээх учуутал этэ. Кини Иркутскайдааҕы учуутал сэминээрийэтин бүтэрбит, саха бастакы үөрэхтээх учууталларыттан биирдэстэрэ этэ. Куруук кортиктаах мундиры кэтэрэ, үчүгэй үлэтин иһин наҕараадаламмыт түөрт мэтээлин иилинэ сылдьара. Үөрэҕэр ситиспэт оҕолору эбэтэр мэниктээн баппатахтары муннукка туруорара, тобуктатара, кулгаахтыыра, сороҕор эбиэтэ суох да хаалларара. Инньэ гынан, оҕолор барахсаттар төһө кыалларынан учууталларын хараҕын далыгар киирэ сатаабат этилэрэ. Ол да буоллар, кини иитэлээн таһаарбыт оҕолоро үксүлэрэ үөрэхтэрин салҕаабыттара, сорохторо нэһилиэккэ суруксутунан, дьыаланы устааччыларынан үлэлээбиттэрэ. Бу үөрэнэр сылларыгар Исиидэрдээх Анньыыһа дьонноро оҕолорун Дьөгүөр Батаакап диэн атыыһыт дьиэтигэр олордубуттара. Батаакаптар Муся уонна Серафим диэн оҕолордоохторо. Оҕолору кытта уолаттар бэрт дөбөҥнүк бодоруһан, тапсан сылдьыбыттара. Исиидэр оччоттон аҕыйах саҥалаах, элбэх доҕоро суох, боччумнаах уол этэ. Элбэхтик ааҕарын, суруйарын, олоҥхо, остуоруйа истэрин сөбүлүүрэ, үчүгэйдик уруһуйдуура. Оҕолору мунньан араас кэпсээннэри сэһэргиирэ, оннооҕор оттуу бардаҕына кытта кинигэ кыбыныылаах буолара.
Уон икки сааһыгар Исиидэр Иванов Бүлүү куорат начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Ол саҕана улахан сиргэ оҕону ыалга олохтуур уустуктардаах соҕус этэ. Микииппэр Ньалбаахаан бэйэтин хара күүһүнэн үлэлээн, син сэниэтик олороро. Кыралаан хаартылаан эбинэрэ, сир оҥорон бурдук ыһара, сүөһү иитэн айахтарын көрүнэллэрэ, этин-аһын атыылаан, мэнэйдэһэллэрэ. Инньэ гынан, уолун билэр атыыһытыгар Николай Расторгуев дьиэтигэр олохтообута. Учуулуссаҕа үөрэнэр кэмигэр кинини математика уонна физика уруоктарыгар учууталынан Өксөкүлээх Өлөксөй үөрэппитэ, кылгас кэмҥэ нуучча тылыгар Сэмэн Ноҕуруодап үөрэтэ сылдьыбыта. Исиидэр элбэх билиини ылан, үөрэҕин бүтэрэн баран атыыһыт Расторгуевка үлэлээбитэ. Бу сылдьан үөрэххэ талаһыыта күүһүрэн, тохсунньуга Дьокуускайдааҕы учууталлары бэлэмниир сэминээрийэ дириэктэригэр үөрэххэ киирэр туһунан көрдөһүү суруйбута. Быстах Үөһээ Бүлүү быраабатыгар дьыаланы устааччынан үлэлээбитэ. Онтон суруксуттаабыта. Күһүнүгэр Дьокуускайдааҕы сэминээрийэҕэ уон сэттиэ буолан үөрэххэ киирбиттэрэ. Сэминээрийэҕэ үөрэнэ сылдьан литературнай куруһуокка сылдьыбыта, саха бастыҥ өйдөөх-санаалаах ыччааттарын кытта ыкса билсиһэн барбыта. Куруһуок кистэлэҥинэн үлэлиирэ. Ырыа-үҥкүү биэчэрин тэрийбитэ буолан мусталлара. Өрөбүл аайы литературнай сарсыарда диэн тэриллэр буолбута. Кистэлэҥ кинигэлэри ааҕаллара, илиинэн суруллар сурунааллары таһаараллара. Исиидэр нуучча классиктарын айымньыларын барыларын кэриэтэ аахпыта. Омук тылын үлүһүйэн туран үөрэппитэ, ордук немецкэй тылы үөрэтэн, холкутук кэпсэтэр кыахтаммыта. Уустук кэм буолан үөрэхтэрэ быста-быста салҕаммыта. Үс сыллаах үөрэхтэрин 1918 сыл муус устарга түмүктээбиттэрэ.
Куорат дьалхааннаах олоҕо оргуйан олорбута. Күн аайы миитиннэргэ сылдьара, ааһан эрэр кэм, сэрии туһунан лекциялары көтүппэккэ истэрэ. Политсыылынайдары кытта өрөбөлүүссүйэ кыайарын туһугар бииргэ үлэлэспитэ. Ол кэмҥэ Арассыыйаҕа Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолан, саҥа былаас дойдуга кимиилээхтик киирэн испитэ. Саха сирэ саҥа былааһы утаран, билиниэн баҕарбатаҕа. Онон уларытыы күүрээнигэр Бараховтаах бастаанньаҕа бэлэмнэнэн, эсердэри утары улахан охсуһууну тэрийбитинэн барбыттара. Кистэлэҥ хаһыаттары таһаараллара, сэп-сэбиргэл хомуйан барбыттара. Куоракка былааһы эсердэр, үрүҥнэр уонна тойоттор тутан олорбуттара. Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтуурга Иркутскайтан Рыдзинскай хамандыырдаах этэрээт кэлбитэ. Бэс ыйыгар киэһэ Дьокуускай куораты төгүрүйбүтэ, үтүө көҥүллэринэн бэриммэтэх үрүҥнэр этэрээттэрин утары кимэн киирбитэ уонна аҕыйах чаастаах сэрии кэнниттэн өстөөҕү үлтүрүппүтэ. Сэбиэскэй былаас кыайыылаах Кыһыл былааҕа тэлимнээбитэ, былаас олохтоммутун кэннэ элбэх дьаһаллары ылаттаабыттара, күүрээннээх үлэ саҕаламмыта. Ол да буоллар Сибиир улахан куораттара өстөөх илиитигэр киирбиттэрэ. 1918 сыл атырдьах ыйыгар Гордеев хамандыырдаах үрүҥ гвардейскай этэрээтэ Дьокуускайга Сэбиэскэй былааһы суулларбыта. Харса-хабыра суох хаайталааһыннар, суута-сокуона суох өлөртөөһүн саҕаламмыыта. Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтуур иһин охсуспут дьоннору тутуталаан ылан хаайыыга быраҕыталаабыттара. Ол иһигэр Исиидэр эмиэ баара. Саха чулуу уолаттарын төрөөбүт дойдуларын тас өттүгэр көскө ыыппыттара. Хаайыылаахтар хаары-сииги аннынан сатыы Иркутскайга айаннаабыттара. Үгүс дьоннор аара аччыктаан, тоҥон охтубуттара. Хаайыы хараҥа кэмнэрэ сабардаабыттара, быстарыы-аччыктааһын ыар эрэйин көрсүбүттэрэ. Исиидэр сыылкаҕа сылдьан, дэриэбинэҕэ тахсан учууталлаабыта, онно да кистэлэҥ үлэтин тохтоппотоҕо. Колчак былааһын утары подпольнай үлэни ыыппыта. Колчак аармыйата сатарыйан, үлтүрүтүллүбүтэ. Хаайыыттан кинилэри Иркутскайга өрө турбут рабочайдар, бартыһааннар ахсынньы ыйга босхолообуттара. Өстөөх үлтүрүллээтин кытта кинини партия Иркутскайдааҕы горкомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан талбыттара. Саха сиригэр былааһы бөҕөргөтөргө Максим Аммосов боломуочунайдаах политическай бөлөх үлэһиттэрэ Дьокуускайдыыр буолбуттара. Саа-саадах тутан охсуһуу, хараҥа хаайыы, аччыктааһын эрэйин кэнниттэн Саха сиригэр “Революционный” диэн борохуотунан айаннаан кэлбиттэрэ. Борохуокка айаннаан иһэн Исиидэр “Сахатытыы-биһиги биир чугас бойобуой сорукпут” диэн ыстатыйатын суруйбута. Исиидэр Барахов саха тылын, суругун сокуонун чуолкайдааһына, нуучча тылын сахатытыы наадалааҕын, тыллар тэҥ бырааптаах буолууларын туһунан ити ыстатыйаҕа сиһилии суруйар. Кини тыл устуоруйатын уһулуччу үчүгэйдик билэрэ. Сахалыы бэчээт сайдарыгар сүҥкэн үтүөлээх этэ. Оҕолору сахалыы үөрэтии саҕаламмыта, төрөөбүт тылга ураты суолта биэрбиттэрэ.
Үөһэттэн саҥа сырдык күүстэр кутуллубуттарын курдук айылҕа тупсан турар кэмэ этэ. Тула барыта көнньүөрэн, сылаас, сымнаҕас салгынынан илгийэрэ. От-мас сарсыардааҥы сииги утаппыттыы иҥэринэн иһэрэ. Быстах ардахтар кылгастык курулатаат, сири-уоту ньүөлсүппэккэ ааһа тураллара. Исиидэр төрөөбүт дойдутугар күүс-сэниэ ыла айаннаабыта.
Сайыҥҥы сылаас күннэргэ дьон бары от үлэтигэр умса түспүттэрэ. Исиидэр дойдутугар сайылыы кэлбитэ. Төрөөбүт дойдута, ахтылҕаннаах алаастара умайар уот куйааска өссө кууран-хатан, сэндэҥэ мастардаах ойуурдара ыраахха дылы сэндээрэн көстөргө дылылара. Саҥардыы бытыгыраан быкпыт күөх оту аһыҥа хайы-үйэ тимир тииһинэн тиниктээн, “оттоон” бүтэрбит этэ. Күүттэриилээх уһун ардахтар түһэн биэрбэккэ, алаас иһэ онон-манан тараҕайданан, кытаран көстөрө. Хаһан эрэ өрт уота сиэбит куруҥ тыаларга арай кучу от хойуутук үүммүтэ. Исиидэр хаһан да маннык кураан дьыл кэлбитин өйдөөбөт. “Быйыл хайаан да өрүсүһэн окко эрдэ киириэххэ баар эбит”,- диэн санааҕа кэлбитэ. Былырыын от үүммэккэ, салаа да оту ылбатахтара, дьон үксэ ытыс соттон мэлийбиттэрэ. Инньэ гынан сүөһүлэрин эһэр дьон эспиттэрэ, сүөһү өлүүтэ сыл аайы элбии турар буолбута. Аҥардас сүөһү этинэн, үүтүнэн олорор саха дьонугар ыарахан дьыллар кэлбиттэрэ. Бурдук үүнүүтэ эмиэ биир оннук буолбута. Сир оҥоһуута кыайтарбат. Кураан дьылларга бааһыналарга сыыс от эрэ дэлэччи үүммүтэ.
Исиидэр чугас эргиннээҕи ходуһалары көрө таарыйа кыараҕас от үрэхтэри сатыы кэрийтэлээбитэ. Тыа саҕатынан тутуллубут ачаах бүтэйи кыйа айан суола тыргыллара. Ол суол илин өттүгэр үөт талах кылдьыылаах күөл нэлэһийэ түспүтэ. Күөл уута ньамаҕыра уолан, бу сылларга кус да түспэт бадараана буолбут. Исиидэр халыҥ сис тыаны уҥуордаан, күн тыа кэтэҕэр түһэн, саһарҕата эрэ көстөр кэмигэр сайылыгар кэлбитэ. Сайылык дьоно күннээҕи түбүктэрин үмүрүтэн, ынахтарын ыан бүппүттэр этэ. Титииги тула кии түптэ күөх буруота өрө унааран, сайылык үрдүнэн тэнийэн, хойуу сытынан тунуйбута.
Сайыҥҥы былдьаһыктаах ыгым кэмнэр түмүктэммиттэрэ. Күргүөмнээх үлэлэрин күүрээнигэр күн-дьыл түргэнник устан ааспытын билбэккэ да хаалбыттара. Хайы-үйэ от хомуура бүтэн, Исиидэрдээх быйылгы курааҥҥа сөп буолар отторун ылбыттара. Сыл туоруур отторун булан, арыыйда кэҥээбиттэрэ. Хонук хоннох аайы халлаан улам тымныйан киирэн барбыта. Ордук түүнүн тымныйара. Инчэҕэй хаар булкаастаах ардах сиппэрэҥэ хас да күнү супту түһэн сытыппыта. Тыа баһа тыалтан суугунуур, “кырдьыбыт” тииттэр субу сууллан түһүөх айылаах “айака-дьойоко” буолан кыычыгыраан ылаллара.
Исиидэрдээх куоракка хаһыа да буолан айанныыр күннэригэр былытыран, сиппэрэҥ ардах түһэн ибиирбитэ. Уруккуттан айанныы үөрэммит суолларынан халыҥ систэри быһан, дабааннары үөһэ-таҥнары сыыйан, тус илин түһэ турбуттара. Аара халыҥ сискэ тохтоон хонон-өрөөн, сынньанан ылбыттара. Мантан антах алаастарынан быһа суоллары булан айанныахтаахтар. Бу дойду тула ыраахха диэри тэнийэн барар халыҥ сис тыалаах буолан бултаах-алтаах сир. Бэһис күннэригэр киэһэлик тиийиэхтээх сирдэригэр айаннаан кэлбиттэрэ.
Куоракка сэбиэскэй былаас олохтонон гражданскай сэрии маҥнайгы сылларыгар нэһилиэнньэни аһынан-таҥаһынан хааччыйыы үлэтэ барбыта. Аһылык, аҕыйах табаар саппааһа бүтэн хаалбыта. Үрүҥ гвардеецтар ол кэмҥэ муҥкук саха дьонун куттаан туран сүөһүлэрин-астарын былдьаан, бас-баттах барбыттара, суута-сокуона суох дьону кэрдии, ытыалааһын саҕаламмыта. Бараахап ити кэмҥэ Бүлүү уеһын партийнай сэкирэтээринэн анаммыта. Саха сирин салайан олорбут Губбюро сэкирэтээрэ Г.И.Лебедев Сиббюроҕа:”Норуоту барытын кыргар эрэ балаһыанньа үөскээтэ”-, диэн тэлэгэрээмэ ыытар. Саха норуота Сэбиэскэй былааһы утары турда, онон кыргарга диэн Губбюро сэкирэтээрэ Г.И.Лебедев, ГПУ бэрэссэдээтэлэ А.В.Агеев, губревтрибунал бэрэссэдээтэлэ А.Г.Козлов көҥүл көрдүүллэр. Ити кэмҥэ Каландарашвили этэрээтэ 54 киһи тоһуурга түбэһэн кыргыллыбытыгар, Строд “дедушканы” көмүү кэмигэр хааннаах андаҕар биэрэр. Сахалары эһэргэ, иэстэһэргэ диэн. Историческай суолталаах түгэн буолбута. Саха норуотун дьылҕата ыйааһыҥҥа ууруллубут ыар кэмнэрэ үүммүттэрэ. Исиидэр балаһыанньаны барытын көрө-билэ сылдьар буолан олус аймаммыта. Ол кэмҥэ Иркутскай хаайыытыгар бииргэ хаайылла сылдьыбыт политсыылынай Строду, Каландаришвили этэрээтин политкөмөлөһөөччүтүн С.Ю. Широких-Полянскайы кытары көрсөн кэпсэппитэ. Сэбилэниилээх күүстэр командующайдарын П.И Савлугу тылларыгар киллэрэллэр, саха норуотун хааннаах кыргыы буолуохтааҕын тохтоппута. Кинилэрдиин биир санааҕа кэлэн Лебедевтээҕи былаастан устарга быһаарыныы ылыналлар. Исиидэр киһи быһыытынан тыйыһын, халбаҥнаабат кытаанах санаалааҕын, сахатын дьонун туһугар өлөрүн да кэрэйбэтин көрдөрбүтэ. Кини баар буолан балаһыанньаны ыраастык арыйан ити переворот, былаас уларыйыыта оҥоһулларын ситиспитэ. Ити кулун 1922 сыл кулун тутар уонун түүнэ этэ…
Онтон 1922 сыл кулун тутар 15 күнүгэр Екатеринбууртан төрүттээх Черепанова Александра Андреевна диэн кыыһы кэргэн ылар. Кинилэр саас Москуба куоракка билсибиттэрэ. Ити күн Исиидэр төрөөбүт араспаанньатын уларытан, Бараах Уйбаан диэн эһэтин кэриэстээн, кини хос аатынан Барахов диэн араспаанньаны ылыммыта. Исиидэр Барахов 1929 сыллаахха Ярослав диэн уолламмыта.
Исиидэри үөрэппит саха омук чулуу дьоно Өксөкүлээх Өлөксөй уонна сахалыы маассабай суругу-бичиги төрүттээбит Сэмэн Ноҕуруодап саха суруга-бичигэ хайдах буолуохтааҕын туһунан утарыта санаалаахтара. Өксөкүлээх Өлөксөй саха суругар-бичигэр кирииллиссэ сөп түбэһэр диирэ. Оттон Сэмэн Ноҥуруодап латыыныссаҕа олоҕурара. Сэмэн Бараахап учууталларын иккиэннэрин ытыктыыра, ол гынан баран Сэмэн Ноҕуруодап тутуһар суолун өйөөбүтэ. Ноҕуруодап алпаабыта олоххо, сурукка-бичиккэ киирэн барбыта, сахалыы тыл судаарыстыбаннай тыл буолбута. Дьаһаллар, уураахтар сахалыы суруллар, тылбаастанар буолбуттара. Ол саҕана Исиидэр Никифорович Барахов өрөспүүбүлүкэ тутаах салайааччытынан үлэлиирэ-Саха АССР Норуот хамыһаардарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ этэ. Баку куоракка буолан ааспыт Түүр тылын үөрэхтээхтэрин бастакы сийиэһигэр саха сирин дэлэгээссийэтин салайан илдьэ барбыта. Алампа, Күндэ, Барахов буолан кыттыыны ылбыттара. Исиидэр онно бэһис киһинэн ыҥырыллан, тыл эппитэ.
Кини иннигэр түһүүлээх-тахсыылаах, киирсиилээх олох суола күүтэрэ. Төрөөбүт дойдутун, норуотун көҥүл олоҕун туһугар охсуһарга бэлэмэ. Тоҕус үрэх уута тоҕуоруйан киирэн түмүллэ устубутунуу, Бүлүү өрүс дохсун сүүрүгэ кытылга охсуллан, бааллыран барбыта…
Римма Корякина-ХОТУУНА
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй