Тыһыынчаттан тахса табалаах Сидоровтар – Василий Кладкин аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни туттулар

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев муус устар 27 күнүнээҕи 266 нүөмэрдээх Ыйааҕынан хотугу дьиэ табатын иитиигэ, идэлэригэр маастарыстыбаларын, үлэҕэ ситиһиилэрин уонна үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын көһө сылдьар общинатын табаһыттара — эбэҥкилэр Олег Владимирович уонна Любовь Игорьевна Сидоровтарга 2023 сыллааҕы Василий Михайлович Кладкин аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэтэ туттарылынна.

Алдан олохтоохторо Любовь Игорьевна уонна Олег Владимирович Сидоровтар дьиэ кэргэттэрэ удьуор табаһыттар. Кинилэр 1000-тан тахса табалаахтар, ол иһигэр сэдэх уонна ураты боруодалар кытары бааллар. Кэнники сылларга таба ахсаана элбээн иһэр, оҥорон таһаарыы көрдөрүүлэрэ улаатар.

Кэргэнниилэр үс оҕолоохтор. Любовь Игорьевна уонна Олег Владимирович уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар, өрөспүүбүлүкэ университеттарыгар уонна тас дойдуларынан лиэксийэлэри ааҕаллар: эбэҥки табатын иитиитин билиҥҥи олохторун уонна уратыларын кытта үллэстэллэр.

Хотугу сир тыатын хаһаайыстыбатын уонна төрүт үгэс салааларын сайдыытыгар кылааттарын иһин Сидоровтар дьиэ кэргэттэрэ элбэх наҕараадалаахтар, араас куонкурустар кыайыылаахтара.

ЫСПЫРААПКА

Кладкин Василий Михайлович (10.01.1931—27.05.2003) — «Томпо» сопхуос дириэктэрэ, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.

  • 1931сыллаахха тохсунньу 10 күнүгэр Саха АССР Чурапчы оройуонун Болтоҥо нэһилиэгэр Кындалга төрөөбүтэ.
  • 1939—1942 сс. — Арыылаах началынай оскуолатыгар үөрэммит. 1942 с. дьиэ кэргэнин кытта Кэбээйи оройуонугаркөспүт.
  • 1944—1947 сс. — Мындаҕаайыорто оскуолатыгар, оҕо дьиэтигэр олорон, үөрэммит.
  • 1947—1950 сс. — Дьокуускайдааҕы финансовай-кредитнай техникумҥа үөрэммит. Бүтэрээт, Томпо оройуонугар ананан үлэлии барбыт.
  • 1950 сыл атырдьах ыйын 14 күнүттэн Томпо оройуонун үбүн салаатыгар үлэлээбит.
  • 1957 сыл ыам ыйын 6 күнүттэн сэтинньи 13 күнүгэр дылы — Томпо оройуонун үбүн салаатын үрдүкү иниспиэктэрэ.
  • 1957—1959 сс. — ЫБСЛКС Томпо оройуонунааҕы райкомугар иккис сэкирэтээрэ.
  • 1959—1960 сс. — ЫБСЛКС Томпо оройуонунааҕы райкомугар бастакы сэкирэтээрэ.
  • 1960 сыл тохсунньу 25 күнүттэн — Томпо оройуонун Жданов аатынан колхуос бэрэссэдээтэлэ.
  • 1970 сыл тохсунньу 1 күнүттэн — «Томпо» сопхуоска Томпо отделениетын салайааччыта.
  • 1974 сыл олунньу 26 күнүттэн — табаны иитэр «Томпо» сопхуос дириэктэрэ.
  • 1974—1979 сс. — Саха судаарыстыбаннай университетыгар тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар «зоотехния» идэтигэр кэтэхтэн үөрэммитэ.
  • 1988 с. — Сан-Францискоҕа (АХШ) үөрэммитэ.

Тыа хаһаайыстыбатыгар үрдүк ситиһиилэрин иһин ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1990 сыл атырдьах ыйын 27 күнүнээҕи Ыйааҕынан Кладкин Василий Михайловичка Социалистическай Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит, Ленин уордьана уонна «Сиэрпэ уонна Балта» кыһыл сулус туттарыллыбыт.

  • 1994 сыл муус устар 13 күнүттэн — «Томпо» таба иитэр община бэрэссэдээтэлэ.
  • 1997 с. — Аляска Анкоридж куоратыгар (АХШ) үөрэммит.
  • 1999 сыл от ыйын 27 күнүттэн — СПК (фактория) «Томпо» дириэктэрэ.
  • 2003 сыллаахха ыам ыйын 27 күнүгэр Дьокуускайга өлбүт.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • «Бочуот Знага» уордьан (22.03.1966);
  • «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан (08.04.1971);
  • Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ (09.12.1972);
  • «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан (10.03.1976);
  • Ленин уордьана (14.12.1984);
  • Социалистическай Үлэ Дьоруойа (1990);
  • Ленин уордьана (27.08.1990);
  • Томпо улууһун Ытык олохтооҕо (1995);
  • Чурапчы улууһун Ытык олохтооҕо (2001).

Сэмэн Жендринскэй