Итинник тыллар кырдьыктаахтарын туоһулуур үлэлээх-хамнастаах киһинэн Карл Маркс аатынан сопхуос бастыҥ ыанньыксыта, дьокутаата Христина Степановна Дьячковская буолара. Кини сылын ахсын Кулаадыма ферматыгар ыанньыксыт мындыр уонна чэпчэкитэ суох идэтигэр уһуйара.
Сүүрбэттэн тахса сыл устата кини сүбэтинэн-аматынан элбэх эдэр ыччат олох суолугар үктэммитэ. Үгүстэрэ билигин төһө да ыраах сирдэринэн тэлэһийэн сырытталлар, амарах сүрэхтээх аҕа табаарыстарын истиҥ-иһирэх тылларынан ахтан-санаан ааһаллар.
Христина Степановна сүөсүһүт идэтин олус сөбүлүүрэ уонна ытыктыыра, дэлэҕэ да: “Киһи төһө үлэлиир да, соччонон үлэ үөрүүтүн ис дууһатынан билэр, онно тардыстар”, — диэн оччотооҕуга этиэ дуо?
Кулаадыма комсомольскай-ыччат ферматын кэлэктиибэ үүтү ыаһыҥҥа ылыммыт эбэһээтэлистибэтин мэлдьи чиэстээхтик толороро. Онуоха старшайдарын үтүө холобура кырата суох оруоллааҕа. 1978 сыллаахха уон ый түмүгүнэн, кини бэйэтэ 16 ынаҕыттан валовойунан 36159 киилэ үрүҥ илгэни ылан, эбэһээтэлистибэтин балачча эмэ куоһарбыта, оттон хас биирдии фуражнай ынаҕыттан 2267 киилэ үүтү ыабыта.
Христина Степановна үтүө суобастаах, үрдүк оҥорумтуолаах үлэтэ хас да мэтээллэринэн, социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕын знактарынан, Бочуотунай грамоталарынан уонна махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ. 1977 сылга оройуон чөмпүйүөн ыанньыксытын аала й лиэнтэтин кэппитэ.
Чулуу ыанньыксыт оройуоҥҥа улахан ытыктабылынан туһанара, баартыйа райкомунг чилиэнэ этэ.
Христина Степановна нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаатынан буолан туран, быыбардааччылар накаастарын толорууга кыһамньытын уурара. Үгүс мунньахтарга, сүбэлэһиилэргэ кыттан нэһилиэк, сопхуос олоҕун дьоһуннаах боппуруостарын дьүүллэһиигэ көхтөөхтүк кыттара.
Сопхуос хомуньуустара кинини XXV баартыйа кэмпириэнсийэтигэр дэлэгээтинэн талан үлэ киһитигэр үрдүк итэҕэли биэрбиттээхтэрэ.
Христина Степановна Дьячковская дьоллоох дьиэ кэргэн амарах ийэтэ этэ. Кини бэйэтин кырачааннара үлэни таптыыр, уопсастыбаҕа туһалаах дьон буола улааппыттара. Оҕолоро оскуолаҕа ыытыллар уопсастыбаннай үлэлэргэ көхтөөхтүк кытталлара, мэлдьи бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьаллара.
Кини хойукка диэри: “Анаммыт былааннары ситиһиилээхтик толорор туһугар, үүт ыамын быһа түһэрбэккэ дьаныардаахтык үлэлиэххэ”, — диэн тыллаах буолара.
Сэмэн Жендринскэй