Сибэкки устар олохпутугар ураты суолталаах. Кини нарын көстүүтүн хоһооҥҥо хоһуйаллар, ырыаҕа ыллыыллар. Киһи үгүс тыла суох, сибэкки нөҥүө тапталын, ытыктабылын биллэрэр, үөрүүтүн үллэстэр. Маннык истиҥ иэйиилэри тиэрдэр бэлэххэ ордук сибэкки букета кэрэ аҥаардарга кэрэхсэнэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ тыа сирдэригэр араас өҥнөөх, көрүҥнээх букеттары фантазиялаан айан-тутан таһаарар салоннар, лааппылар тэтимнээхтик аһыллаллар. Биир оннук сиринэн Чурапчыга «Твой букет» сибэкки мастарыскыайа буолар. Бу кэрэ, нарын букеттары бэлэмниир мастарыскыайы «Маарыкчаан» эргиэн киинин 2-с этээһигэр айар дьоҕурдаах флорист, урбаанньыт Анастасия Корякина үлэлэтэр. Кини хаһааҥҥыттан биисинэһинэн дьарыктанарын, сибэккилэри хайдах харайарын, көрөрүн-истэрин туһунан сэһэргэстибит.
— Дорообо, Анастасия! Бэйэҥ тускунан ааҕааччыларбытыгар сэһэргээ эрэ.
— Дорообо, мин Хоптоҕо нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Оскуоланы Дириҥҥэ бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы эргиэн уонна экэниэмикэ кэллиэһигэр Товаровед салаатыгар үөрэммитим. Онтон үлэлии сылдьан, кэтэхтэн Сибиирдээҕи потребительскай кооперация университетын Дьокуускайдааҕы филиалыгар товаровед идэтигэр үөрэнэнүрдэтиммитим. Урбаанньыт буолуом иннинэ «Маарыкчаан» ПУо-ҕа идэбинэн үлэлээбитим.
Бу үлэлиир сылларбар куруук бэйэбэр үлэлиэхпин баҕарарым. Ол курдук, 2017 сыллаахха истиҥ дьүөгэм эдьиийэ Дьокуускайга сибэкки маҕаһыыннааҕа. Ону холобур оҥостон, дьүөгэбинээн сибэкки маҕаһыынын арынар баҕа санаалаах этибит. Кэлин дьүөгэм бэйэтин суолунан атын үөрэххэ барбыта. Оттон мин товароведынан үлэлии сырыттахпына, бииргэ үлэлиир кыыһым этии киллэрэн, өр толкуйдаабакка, сибэккинэн дьарыктанарга сөбүлэспитим. Оннук аҕыйах сыл бииргэ тэтимнээхтик үлэлээбиппит. Билигин туспа бэйэ дьыалатын арыммытым сыл буолан эрэр.
— Саҥа саҕалааччыларга көмө буолар Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамалар көдьүүстээхтик үлэлииллэр. Мантан туһаммытыҥ дуо?
— Аан бастаан социальнай хантараакка биисинэс бырайыагы суруйан көмө ылбытым. Онтон үлэтэ суохтарга учуокка туран, туһааннаах көмөнөн туһанан, сибэккилэри харайар анал халадьыынньыгы атыыласпытым.Бу оборудованиены Санкт-Петербург куораттан собуоттан аҕалтарбытым. Маны сэргэ урбаанньыттары өйүүр куонкуруска биисинэс-былааны суруйан көмө ылбытым. Онон сибэкки атыылыыр автомат атыыласпытым. Автомат билигин»Айылгы» НАДь турар, бырааһынньыктарга үлэлиир. Дьон сүрдээҕин ылар, үөрэнэн эрэллэр.
— Туох уустуктары көрсүбүккүнүй?
— Улахан суох. Фаина Ивановна Попова салайааччылаах “Маарыкчааҥҥа” товароведынан үлэлиир кэмнэрбэр элбэх уопуту иҥэриммитим. Ону тэҥэийэм, эбэм саастарын тухары атыыһыттаабыттара. Эбэм Екатерина Гаврильевна уонна эһэм Василий Дмитриевич Никоновтар, урут сойуус ыһылла илигинэ, Хадаар маҕаһыыныгар үлэлээбиттэрэ. Онон кыра эрдэхпиттэн атыы-эргиэн эйгэтигэр улааппыт киһи буолабын.
— Букет оҥорорго, үүнээйилэри көрөргө-истэргэ ханна үөрэммиккиний?
— Дьокуускайга, Владивостокка флористикаҕа анаан-минээн үөрэммитим. Былырыын эбии Москваҕа үөрэнэн кэлэн, билиим кэҥээн, билиҥҥи треннэри билэн, «Твой букет» сибэкки мастарыскыайын арыммытым. Күннэтэ флористикаҕа сыһыаннаах сонуннары, туһалаах сүбэлэри интэриниэт ситимиттэн көрөн, ааҕан саҥа информацияны ылабын.
Билигин атыыга сибэкки букеттара, дьиэ үүнээйилэрэ, хара буордар, уоҕурдуулар, бырааһынньыкка шариктар бааллар. Сотору бадааракка сөптөөх табаардар атыыга тахсыахтара.
— Сибэккилэргин хантан аҕалтараҕын?
—Хас да сыл үлэлээбит бастайааннай поставщиктардаахпын. Сибэккилэр Санкт-Петербург, Москва куораттан тиэйиллэн кэлэллэр. Оттон онно Голландия, Эквадор курдук соҕуруу дойдулартан ылаллар.
— Кырыа кыһыммыт чугаһаан, Өлүөнэ өрүскэ паром сырыыта аҕыйах хонугунан тохтуоҕа. Бу кэмҥэ саҥа сибэккилэр кэлэллэр дуо?
— Сылы эргиччи, тохтобула суох тиэйтэрэбин. Үчүгэйдик сууланан, температура эрэсиимэ тутуһуллан, ирбиһинэн этэҥҥэ айаннаан кэлээччилэр.
— Дьон ханнык сибэккини сөбүлээн атыылаһарый? Сибэкки суолтатынан көрөн араараллар дуо?
— Букеты күннэтэ ылаллар. Ордук розаны, хризантеманы сөбүлээн атыылаһаллар. Сибэккини суолтатынан көрөн талар киһи аҕыйах. Үксүгэр «четнай», «нечетнай» ахсааны тутуһаллар.
— Букет өр турарын туһугар тугу сүбэлиигин?
— Сибэкки — нарын, кэбирэх үүнээйи. Ол иһин, биллэн турар, көрүүнү-истиини ирдиир. Түргэнник өлбөттөрүн туһугттан тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн +2-тэн +7 кыраадыс температуралаах халадьыынньыкпытыгар туруорабыт. Биһиги атыылыыр букеттарбытыгар босхо анал бороһуок уонна букеты көрүү-истии туһунан сүбэлэри суруйан угабыт. Бу бороһуогу букет уутугар куттахха, өр турарыгар көмөлөһөр. Уу ыраас буолуохтаах уонна күн аайы уларыйыахтаах.
— Туох саҥа сүүрээн киирдэй?
— Сакалаат, клубника букеттары биирдиилээн сакааһынан оҥорооччубут. Быйылгыттан, Билии күнүттэн саҕалаан, сакалаат букеттары үгүстүк атыылаатыбыт. Учуутал күнүгэр анаан эмиэ атыыга тахсыбыттарын дьон хамаҕатык атыыласпыта. Сакалааттары урбаанньыт, асчыт Ульяна Заровняеваҕа оҥорторон, букет гына хомуйан, холбоон, кыраһыабайдык суулаан атыыга таһаарбыппыт.
— Ханнык дьиэ сибэккилэрэ атыыга баалларый?
— Биһиги бадааракка аналлаах табаарга болҕомтобутун уурабыт. Ол эрээри, дьиэ сибэккилэрин кэмиттэн-кэмигэр көрөн аҕалааччыбын. Дьон сөбүлээн үүннэрэр, киэҥник тарҕаммыт үүнээйилэр куруук атыыга бааллар. Холобур, харчыны тардар доллар маһа.
— Мастарыскыайгар хас үлэһиттээххиний?
— Уопсайа түөрт буолан үлэлиибит. Кыргыттарым флористикаҕа айылҕаттан ураты дьоҕурдаахтар, кыһамньылаахтар, эппиэтинэстээхтэр. Кинилэр сылаас илиилэринэн тутан-хабан оҥорбут букеттара сонуннук көстөллөр, ураты истииллээхтэр. Ол иһин дьон сөбүлээн ылар. Былырыын биһиэхэ үөрэммит кыыс билигин Москва куоракка сибэкки маҕаһыыныгар флориһынан таһаарыылаахтык үлэлиир.
— Бассаап сыһыарыытыгар араас бөлөхтөргө маҕаһыыныҥ рекламата кэлээччи, сэргээн көрөөччүбүн. Рекламаҕытын ким оҥороруй?
— Реклама чааһыгар киирдэххэ, кыргыттарым манна да ураты идиэйэлээхтэр. Онон дьоҥҥо тиийимтиэ буоларын туһуттан бу тула кинилэри кытта хайаан да ырытыһабын. Ол кэнниттэн бииргэ видеоҕа устан, хаартыскаҕа түһэрэн, таҥан, бэлэм рекламабытын дьоҥҥо тарҕатабыт. Рекламаҕа анаан уһуллар кыыстаахпыт, ол эбэтэр аныгылыы «амбассадор» диэн буолар. Оҕолонуом иннинэ Арассыыйаҕа бобуллар социальнай ситимҥэ баар страницабын күүскэ үлэлэтэр этим. Билигин оҕолонон, чуумпуруу туругар сылдьабын. Иэйии киирдэҕинэ, кыралаан оҥорбут букеттарбытын угабыт.
— «Твой букет» аат хайдах киирбитэй?
— Кэнники кэмҥэ нумерология, китайскай астрология науката киэҥник тарҕанна. Нумерологтөрөөбүт күн чыыһылатынан киһи олоҕор буолар уларыйыылары ааҕар. Бу билии киһи олоҕор сөптөөх быһаарыныыны ыларыгар көмөлөһөр. Мин сибэкким мастарыскыайын аатын толкуйдуур кэммэр, исписэлиискэ аахтаран көрбүтүм.Онуоха икки тылтан турар аат барсар диэбитэ. Онон элбэх вариантан, чуолаан «Твой букет» ааты талбытым.
— Эн санааҕар урбаанньыт хайдах буолуохтааҕый?
— Биир хардыы инники сылдьыахтаах киһи. Урбаанньыт уһуннук толкуйдуу барбакка,санаабытын оҥорон иһиэхтээх. «Табыллыа дуу, табыллыа суоҕа дуу?» диэн ыйааһыннаныа суохтаах. Судургутук эттэххэ, толкуйдаата, ылла, оҥордо. Урбааньыт бэйэтин интэриэһигэр үлэлиир буоллаҕа дии, ол иһин өрөбүлэ суох үлэлииргэ бэлэм, сүрэхтээх үлэһит буолуохтаах дии саныыбын. Маны тэҥэ ийэ быһыытынан, биисинэһи эрэ өрө туппакка, дьиэ кэргэҥҥэ эмиэ болҕомтоҕун ууруохха наада.
Флористикаҕа айымньылаах киһи үлэлиирэ судургу. Ол эрээри бу эйгэҕэ биисинэс арынар туһунан толкуйдуур киһи ырыынак ымпыгын-чымпыгын сиһилии үөрэтиэхтээх, билиэхтээх.
— Анастасия, үлэҕиттэн быыс булан, ыйытыыларбар эппиэттээбиккэр махтал! Үлэҕэр-хамнаскар ситиһиилэри уонна элбэх эрэллээх атыылаһааччылары баҕарабын.