Тууйас /Сэҥээрэ хоһуйуута/

Тууйас иһит
Туһатын туһунан
Тугу билэрбин,
Тоҕо саха омуга
Таптаан туттубутун ,
Туох сөбүлэтэр
Тууйаска баарын
Тэнитэн кэпсиим,
Тэһийэн истиҥ!

Сайын от үлэтигэр
Алааска,үрэххэ
Хоно сылдьар отчукка
Өйүө арыытын
Өрүү тууйаска
«Уһун хонукка
минньигэс амтаннаах
Сибиэһэй буол!»-диэн
Ыга симэн ыыталлара.

Кыра соҕус
ньолбучах быһыылаах,
Хатыҥтан түгэхтээх,
Эмиэ оннук хаппахтаах,
Иккилии хос туоһунан
Кичэллик тигиллибит
Өҥүрүк куйаастан Арыыны харыстыыр
Абыраллаах иһит кини  этэ.

Саха булчута,
Отчута, масчыта
Ыраах айаҥҥа
Таһаҕасчыта-
Эр дьон бары да тууйаска
Арыы таптайан,
Суорат кутан
Тото-хана аһыыллара .

Бэл оннооҕор
Сэриигэ аттаммыттар
Тууйастаах арыыларын
Илдьэ бараннар
Айаннаан иһэннэр
Аһа бүппүт тууйаһы
«Дойдубар  тиийээр !»-диэн
Өлүөнэ эбэнэн
Алҕаан  ыыппыттар .

«Ийэ дойдубут
Ыҥырыытын ылынан
Сэриигэ бардыбыт !
Үйэ-саас өйдөтөөр
Иччигит мөссүөнүн! »
Улуу Эбэ тууйастары
Кытылларга  тиэрдибит
Харах уулаах хоһоонноро
Кинигэҕэ үйэтийбит !

Ыал күбэй ийэтэ
Эйэҕэс-сайаҕас
Элэккэй эбээтэ
Илиилэрин сылааһын,
Сүрэхтэрин тапталын
Саха кутун -сүрүн
Иҥэрэн тикпит
Ытык иһиттэрин
Тууйаһы умнумаҥ!

Өрүү сэргээн
Саха былыргы
Кыһалҕалаах олоҕор
Солбуллубат суолталаах
Тууйас  барахсаны
Туората тутумаҥ!
Көлүөнэттэн көлүөнэ
Тууйаһы кэрэхсээн
Тэнийдэр тэнийдин!

Сэҥээрэ

Хаартыска интернет ситимиттэн ылылынна