Петр Васильевич Филиппов өр сылларга үтүө суобастаахтык механизаторынан үлэлээбитэ.

Ол былаһын тухары кини тиэрдиллибит сорудаҕы куруутун чиэстээхтик толороро. Кэлиҥҥи сылларга кини бэйэтин баҕа өттүнэн сүөһү көрүүтүгэр үлэлии тахсыбыта. Бастыҥ үлэһит бу да идэҕэ сирдэрбэтэҕэ. Кыһынын борооску көрүүтүгэр, сайынын ыанньык фермаҕа бостуугунан үлэлиирэ. Сарсыарда эрдэттэн сүөһүлэрин мэччирэҥнээх сирдэринэн кэритэ сылдьан көрөрө-истэрэ, аһатара-сиэтэрэ, ыам кэмигэр биир да ынах хойутаабатын туһугар бары күүһүн уурара.

Петр Васильевич бостууктаар “Балыттараҥ” фермата куһаҕана суох ситиһиилэрдээҕэ. Кини аҥардас тустаах үлэтин таһынан механическай ыаһын аппараата алдьаннаҕына, ол-бу кыракый саахалланыы таҕыстаҕына кэмигэр оҥорон иһэр тутаах үлэһитинэн буолара.

 

Сэмэн Жендринскэй