Тускул билгэтэ. Бэс ыйа.

БЭС ЫЙА– ҮРҮҤ АЙЫЫ ТОЙОН ЫЙА

Бэс ыйын – ахсынньы ый батыһар.

Бэс ыйа-сайыҥҥы кэм  саҕаланыыта. Бэс ыйа-Үрүҥ Айыы ыйа. Кини – бары айыылар баһылыктара. Аан дойдуну бүтүннүүтүн айбыт сүдү, саамай күүстээх айыы буолар. Алгыһы, уруйу-айхалы кытта аргыстаһа сылдьар буолан, кини кыаҕа-күүһэ муҥура суох улахан.

Бу ыйга саамай уһун күннэр тураллар. Саамай сырдык үрүҥ түүннэргэ киэһээҥи уонна сарсыардааҥы саһарҕалар оонньууллар. Ый 21 күнэ – саамай уһун күн, саамай кылгас түүн. Ый саҕаланыытыгар тыал үүнээйини кэҕиннэрэр, ииннэрэр эбит буоллаҕына, ый бүтэһигэр тыал от-мас сиэмэлэрин ыһар, кэлэр сыллааҕы кэскили түстэһэр.

Быйылгы ыам ыйа да, бэс ыйа да олох ураты ыйдар кэллиллэр. Ол курдук ыам ыйын саҕаланыыта тымныынан хатаҕалаабыт буоллаҕына, бүтүүтүгэр от ыйын куйааһа түһэн, 30 кыраадыска тиийтэлии сырытта онон илин эҥээр, киин улуустарга анды күүскэ киирэн байанай балай да тосхойдо.Бэс ыйын саҕаланыыта түүнүн наһаа тымныйан, күнүһүн наһаа сылыйан, температура хамсааһына олус улахан ити доруобуйаҕа охсуута үгүс киһини таарыйар.

Быйылгы сайыммыт уратыта диэн – үгүс соһуччу буолар айылҕа дьикти дьайыылара буолуохтара. Эмискэ күүстээх баҕайы тыаллар, холоруктар түһүөхтэрин сөп. Ити барыта температурабыт эмискэ хамсааһыныттан тутулуктаах. Ардаҕа суох этиҥнээх чаҕылҕаннаах буолуоҕа. Ити тыа баһаарын күөнтүөҕэ, сорох сирдэргэ тобурах түһэн хоромньуну аҕалыан, эмискэ-эмискэ биэдэрэнэн куппут курдук ардах түһүөн сөп.

Туохха барытыгар эрдэттэн сэрэхтээх, бэлэмнээх буолуҥ, дьиэҕит сабараанньатын, кырыыһаларын бөҕөргөтүҥ, икки өттүн хаптаһынынан сабыҥ, чэпчэки ыйааһыннаах маллары күлүк сиргэ ууруҥ, хаһан баҕарар сэрэхтээх, хомуна сылдьыы үчүгэй түмүктээх буолар.

БЭС ЫЙА – ҮРҮҤ АЙЫЫ ТОЙОН ЫЙА.

Бэс ыйын 3 күнэ – Саар Көстөкүүн. Анды үгэннээн киирэр. Сайылык Малааһына.
Бэс ыйын 16 күнэ – Хотулуу арҕааттан тыалырдаҕына, сайына ардахтаах.
Бэс ыйын 19 күнэ – Күн уһуна – 19 чаас 46 мүнүүтэ. Мантан ыла, 4 күн, ол аата бэс ыйын 23 күнүгэр диэри, биир таһымҥа турар.
Бэс ыйын 19 күнэХатыҥ туоһун хастааһын кэмэ от ыйын ортотугар диэри

Бэс ыйын 21 күнэ Ыhыах. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ — от хомуура мөлтөх.
Бэс ыйын 22күнэ – саамай уһун күн, саамай кылгас түүн.
Бэс ыйын 25күнэ —  Сайын иэҕиллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
Бэс ыйын 26күнэ —  Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар.Мас кэхтэр тыала түһэр. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ уматыллар.

 ИЛИН ЭҤЭЭР УЛУУСТАР:

Бэс ыйа илин эҥээр үгүс улуустарга, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, соччо түүнүн сылыйыа суох, сөрүүн буолууһу. Ыам ыйа үгүс улуустарга I дэкээдэҕэ түүҥҥү өттүгэр сөрүүн буолууһу уонна ый аҥаара көтө сылдьан ардыыһы, II-III дэкээдэҕэ күнүһүн балай да сылыйыыһы, ардаҕа кэмчи соҕус буолууһу.

Бу ый I Дэкээдэтэ, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, түүнүн сөрүүн, күнүһүн балай да сылыйыыһы – күнүс +21С+24С кыраадыс сылаас, түүнүн +7С+9С. II Дэкээдэ күнүс +24С+26С кыраадыс сылаас, түүнүн  +16С +18С  кыраадыс сылаас.

III Дэкээдэ күнүс да түүн да биллэрдик сылыйар. Күнүс +24С+26С кыраадыс сылаас, түүн  +15С +16С  кыраадыс  сылаас буолууһу.

КИИН УЛУУСТАР:

Бэс ыйа I дэкээдэҕэ киин үгүс улуустарга балай да сөрүүн буолууһу. Көтө сылдьан ардахтаах.Ардах бу ыйга, былырыыҥҥытын курдук, II-III дэкээдэҕэ кэмчи, куйаас-кураан буолууһу.

Бу ый I Дэкээдэтэ урукку сылларга тэҥнээтэххэ, түүнүн ,күнүһүн куйаарыыһы –  күнүс +19С- +23С кыраадыс куйаас, түүнүн +6С+10С сылаас. II Дэкээдэ күнүс +25С+28С кыраадыс сылаас, түүнүн  +12С +17С  кыраадыс сылаас.

III Дэкээдэҕэ күнүс +24С+26С кыраадыс сылаас, түүн  +16С +19С  кыраадыс сылаас буолууһу.

БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР

Бүлүү эҥээр улуустарга киин улуустары кытта тэҥ соҕустук балай да сылыйыыһы, түүнүн биллэ сылаас буолууһу.Дьэ уонна бу ыйга Бүлүү эҥээр улуустарга үһүс дэкээдэҕэ кыра ардахдаах буолууһу.

Бу ый I Дэкээдэ – күнүс +25С+28С кыраадыс сылаас, түүнүн +13С+16С . II Дэкээдэ күнүс +16С+26С кыраадыс сылаас, түүнүн  +16С +19С  кыраадыс сылаас.III Дэкээдэ Күнүс+24С+27С кыраадыс сылаас, түүн  +17С +19С  кыраадыс сылаас буолууһу.

ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ:

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга быйыл III-с дэкээдэҕэ балай да сөҥүүлээх буолара сабаҕаланар.  Ол оннугар I –II дэкээдэҕэ ардаҕа кэмчи буолууһу. Салгын температурата былырыыҥҥы куйааска тиийиэ суох. Бу ый I Дэкээдэтэ күнүс +21С+25С кыраадыс сылаас, түүнүн +10С+14С сылаас. II Дэкээдэ –  күнүс +23С+25С кыраадыс сылаас, түүнүн  +13С +17С  кыраадыс сылаас. III Дэкээдэ Күнүс+23С+26С кыраадыс сылаас, түүн  +15С +18С  кыраадыс сылаас буолууһу.

 ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА:

Өймөкөөн улууһугар Бэс ыйа балай да сөрүүн буолууһу. Бастакы да, иккис да дэкээдэлэргэ ардах олох кэмчи соҕус  буолууһу. Үһүс дэкээдэҕэ балай да ардахтаах буолууһу. Бу ый I Дэкээдэтэ күнүс +17С+19С кыраадыс сылаас, түүн -3С-7С сылаас. II Дэкээдэ күнүһүн  +20С+23С кыраадыс сылаас, түүнүн +9С+12С  кыраадыс сылаас. III Дэкээдэҕэ.Күнүһүн +20С+23С кыраадыс сылаас, түүн +11С+14С кыраадыс сылаас.

 ҮӨҺЭЭ ДЬААҤЫ  УЛУУҺА:

Үөһээ Дьааҥы улууһугар, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, быйыл онно тиийбэт гына сылыйыыһы. Ардах I уонна III дэкээдэлэлэргэ этиҥнээх уонна  көннөрү ардах балай да баар буолууһу . Бу ый I Дэкээдэтэ күнүс +24С+27С кыраадыс сылаас, түүнүн +10С+12С сылаас. II Дэкээдэ күнүһүн +24С+28С кыраадыс сылаас, түүнүн +12С+15С  кыраадыс сылаас. III Дэкээдэҕэ Күнүһүн+21С+23С кыраадыс сылаас, түүн +13С+14С кыраадыс буолар.

АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА-ХАЛЫМА, АЛАҺЫАЙ УЛУУСТАРА:

 Халыма-Индигир эҥээр улуустарга бу сайын былырыыҥҥытын курдук куйаас буолууһу. Бу бэс ыйыгар ардах олох суоҕун кэриэтэ.

Бу ый I Дэкээдэтэ күнүс +24С+28С кыраадыс сылаас, түүн +10С+12С кыраадыс сылаас. II Дэкээдэ күнүһүн +22С+26С кыраадыс сылаас, түүнүн +9С+11С  кыраадыс сылаас. III Дэкээдэҕэ күнүһүн +21С+23С кыраадыс сылаас, түүн +12С+14С кыраадыс сылаас.

 АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИ:

Арктика эҥээр улуустарга быйыл өтөрүнэн кэлбэтэх сылаас кэлииһи. Ол курдук, урукку сылларга наар бэс ыйа тымныынан аҥылыйар буоллаҕына,  быйылгы ый саҕаланыытыттан сылыйан барда. Бастакы иккис дэкээдэлэргэ сөҥүү олох да суох, арай үһүс дэкээдэҕэ син балай да биллииһи.

Бу ый I Дэкээдэтэ күнүс +9С +12С кыраадыс сылаас, түүн +6С +8С сылаас. II Дэкээдэ түүҥҥү өттүгэр балай да тымныйыыһы. Күнүһүн +12С+2С кыраадыс сылаас, түүнүн +2С+6С  кыраадыс сылаас. III Дэкээдэҕэ күнүһүн +9С+12С кыраадыс сылаас, түүн +4С+5С кыраадыс сылаас.

Ааптар иһитиннэрэр

Бу кэнники кэмҥэ ватсапка, инстаграмҥа о.д.а. социальнай  сайтарга “Тускул ыйдааҕы билгэтэ”, урут былырыын тахсыбыт билгэлээһиннэри булан дьону бутуйан ыыталлар. Ону билбэт дьон итэҕэйэр. Өссө төгүл санатыахпын баҕарабын Тускул ыйы билгэлээһинэ ый бүтүүтэ уонна ый бастакы күннэригэр “Саха Сирэ”, “Якутия”, “Кыым”, “Ил-Түмэн”, “Саҥа олох” хаһыаттарга бэчээттэнэр, онтон атын СМИ-лэргэ тахсарын итэҕэйбэт буолуҥ, бу хаһыаттартан булан дьиҥнээх билгэни ааҕыҥ.

Тускул