Тугу сүбэлиэҥ этэй,Былатыан? /Мария Герасимова-Сэҥээрэ хоһооно/

Тугу сүбэлиэҥ этэй,Былатыан?
Хотойго тэҥнээх
Хоһуун киһибит
Ойуунускай Былатыан
Охсуспут охсуһууҥ,
Турууласпыт тутулуҥ Оҥкулларын устун
Аныгы саха олоҕо
Хайдах баран иһэрин
Кэпсии түһэн ылыым дуу?!
Хотоннору дьиэттэн араарыы
Былыр үйэҕэ бүппүтэ .
Күлүмүрдэс таас дьиэлэр
Аныгы саха ырата
Аҕыраан көрбөккө
Сылын ахсын тутуллар.
Аҕыс ыйдаах кыһыны
Этэҥҥэ туоруур инниттэн
Тоһуттар тымныыга
Тоҥуу хаардаах тыаҕа тахсан
Оттук мас кэрдэн,тиэнэн
Оҕустаах сыарҕанан
Куучур-хаачыр хаамтаран
Кыыкырдатан кэлэр
Кыһалҕалаах  кэм ааспыта.
Түүннэри -күннэри  оттуллар
Көмүлүөк оһох суоһа
Күдэҥҥэ көппүтэ.
Убаҕас оттугу, айылҕа гаһын
Сир аайы тэнитэн
Ититэр  оһох буолан
Бар дьону абыраата !
Айылҕа соҥнуур курааннарын
От үүммэт кыһалҕатын
Аныгы олох сайдыыта
Таһаҕас оҥостубат аны !
Араас  кыамталаах
Техника барахсан
Төтөлө суох тиэйэр-таһар.
Ханнык  да ыраахтан
Хаайтарбаккка аҕалар.
Араас мааркалаах
Омук массыыната
Ыал аайы үксээтэ.
Сир ырааҕа-чугаһа
Аахсыллыбат буолла.
Көтөр аал эгэлгэтэ,
Уу аалын үтүмэнэ,
Ханнык баҕарар дойдуга
Аҕыйах хонук иһигэр
Күүлэйдэтэн аҕалар.
Ыччат өттө аны
Омук сиригэр үөрэнэр.
Билиитин -көрүүтүн
Күннэтэ хаҥатар.
«Бары бүттүүн үөрэхтээһин»
Норуоккар бигэтик киирбитэ.
Нуучча тылын тыл  оҥостон
Төрүүр оҕо элбээтэ.
Араас омук тылларын
Умсугуйан үөрэтии
Күүскэ ирдэнэр
Кэмэ кэлэн турар.
«Олоҥхону утары
Охсор илии уунуллубат!»
«Киһи -аймах
Тылынан айымньытын
Чыпчаала !»-дэттэрэн
Олоҥхо урааҥхайы
Улуутутта, умсугутта.
Эмтээх  оттор  араастарын
Кииһилэни, үөрэни
Суорат, тар астары
Аныгы саха билбэт.
Соҕуруу дойду сонун астара
Дьаабылака,виноград,
Оҕурсу, помидор,арбуз,
Эҥинэ  ааттаах  хомпуот ,
Эгэлгэ кэнсиэрбэ
Хас тохтобул ахсытын
Лааппы дьиэлэргэ
Дэлэччи тэлгэннилэр,
Дьон -дьону тотордулар.
Торбос, тирии таҥастар
Түҥ былыргы буолтара.
Илин,арҕаа дойдулар
Эгэлгэ табаардара
Дьаарыс -дьаарыс кыстанан
Ырыынак дьиэлэрэ
Ыга анньан тураллар.
Чэрэниилэлээх бөрүө
Төрүт сүппүтэ.
Компьютер,ноутбук
Ыал аайы баар буолла.
Сотовай  сибээс  өҥөтө
Интернет ситимэ
Балысханнык өтөн киирдэ.
Дьиэ иһигэр олорон
Аан дойдуну анаарабыт.
Хайа да бэйэлээх
Ыраах дойдуга
Буола турар көстүүнү
Сонно  тута көрөбүт.
Остуоруйаҕа кэпсэнэр
Олус сиэдэрэй олоххо
Омугун бүгүн олорор.
Эн ыра санааҥ
барыта туолбут курдук!..
Ол эрэн Былатыан
Билигин атын кыһалҕа
Эн омуккун кыһарыйар.
Арай баарын буоллар
Тугу сүбэлиэҥ этэй?!-диэн
Өрүү санаан кэлэбин.
Саха сирин түөрэтин
Кыраныыссатын быһан,
Биир сомоҕо оҥорон,
Автономия ылар туһугар
Өркөн өйдөрү түмэн
Улуу омуктардыын
Тэҥҥэ алтыһар иннигэр
Дойдуҥ  тэбэр сүрэҕэр
Улуу Маскуба куоракка
Оччотооҕу салалтаҕа
Тылгытын -өскүтүн тиэрдэн
Сыалгытын ситэн
Үөрүү өрөгөйүн
Көрсүбүт  кэмҥит
Олус да кылгас эбит!
Тэрийбит былааһыҥ
Баара -суоҕа  Эйиэхэ
45 сылы эрэ
Анаабыт буолбаат дьылҕаҕар.!
Хаһан да,хайа да кэмҥэ
Кыра омук буоларбытын
Умнар  төрүт сатамматын
Эн дьылҕаҥ  кэпсиир …
Ханнык да былааска ,
Ханнык  да тутулга ,
Ханнык да үйэҕэ
Аҕыйах ахсааннаах
Айыы аймаҕа
Адьас сэрэхтээх буолара
Наада эбит доҕоттоор!
Аныгы саха билигин
Тирээн турар кыһалҕата
Омукпут тылын -өһүн
Симэлиппэт туһугар
Туруулаһыы үлэтэ
Сүрүн сорук  буолла.
Саха итэҕэлин үөрэҕэ
Салаа -салаа хайысханан
Сайдан иһэр эрээри
Биир сүрүҥҥэ  киллэрэр
Бигэ тыл көстүбэт.
Саха ырыата -тойуга
Саха таҥаһа -саба
Саха аһа -үөлэ ,
Саха олоҥхото
Саха төрүт оонньуулара
Аан дойдуну сөхтөрдүлэр эрээри
Төһө уһун кэмҥэ
Салҕанан барыаҕын
Кээмэй быһар кэрэгэй курдук …
Омук омуктуун холбоһуута
Төрөөбүт тыл сүтэн иһиитэ
Кутталы үөскэтэр сыллата .
Ойуу -оһуор тыллары
Аныгы саха өйдөөбөт.
Кылгас-кыараҕас тыллар
Айбардыыллар күннэтэ.!
Эн баарын.буоллар
Туох диэн эбитэ буолла?!
Куруук итинник санаалар
Үүйэ-хаайа туталлар…
Ол эрээри эрэниэҕиҥ
Ойуунускайы удьуордуур
Уһулуччу талааннар
баар буолуохтара!
Саха омук сир үрдүттэн
Симэлийбэтин туһугар
Туруулаһан,охсуһар,
Бар дьонун иннигэр
Хорсуннук  туруорсар
Суолдьут сулус буолан
Сирдиир , салайар
Өркөн өйдөр үөскүөхтэрэ.
Өбүгэ өспөт ситимин
Эн холобургунан
Өлбөт үөстүөхтэрэ,
Уһун тыынныахтара,
Самныбат саргылыахтара.-
Диэн эрэл санаа кыыма
Өрүү өйбөр күөдьүйэр.
Оннук киэҥ билиилээх
Төлөн түөстэр элбэхтэригэр
Эрэнэбин экчи.
Эн ааккын ааттатыахтара
Эн суолгун солуохтара !
Оннук эрэ буоллун !
Эйиэхэ сүгүрүйэр
Үүнэр ыччаты уһуйар,
Көлүөнэ дьону ситимниир
Төрөөбүт төгүрүк сылгын
Үбүлүөйдүүр дьоро киэһэҕэ
Саха омук санаата кэлэн
Түмсэн, сэһэргэһэн ааһыаҕа.
Кэнчээри ыччатыгар
Кэс тылын аныаҕа!
Норуоккар хааалларбыт
Хомоҕой тыллаах  хоһоонноргун,
Сүдү суруйууларгын,
Дьоһуннаах айымньыларгын
Анаан -минээн толоруохтара
Саха талба талааннара.
Сөрүүн сүөгэй курдук
Оһуор-ойуу тылларын
Дириҥ далайдарын
Иэйэр илбистэрин
Сүрэххэ сөҥүрдүөхтэрэ,
Дьоһун сураххын дьохсотуохтара ,
Албан ааккын аатырдыахтара
Суон сураххын суруйуохтара!
Эн уһун тыыннаныан
Эн өлбөт үөстэниэн !
Оннук  эрэ буоллун!
Итинник ыра санаанан
Салайтаран олоробун.
Ол иһин хойгур тыллаахтары
Күннэтэ үөхсэр саҥнаахтары,
Өйдөөбөтөҕө буолабын,
Куруук тумна хаамабын. .
Эн хаалларбыт кэриэс тылларгын
Өрүү сүрэххэ сөҥүрдэн
Тулалыыр эйгэбэр
Өйүм -санаам тиийэринэн
Тарҕата сатыыбын.
Олохпор холобур оҥостон
Дьоллоох олох норуоппар
Илэ-бааччы кэлэригэр
Ис-сүрэхтэн эрэнэбин
Ил-эйэ эҥэрдэстин !
Саргы талаан
Тосхойдун диибин!
2018 с. Чурапчы
(П.А.Ойуунускай  125 сылыгар суруллубута)