Төлөй-Дириҥин алаастарынан сайынын от оттоон, кыһынын фермаҕа үлэлээн отчут-масчыт бэрдэ дэттэрбитэ. Оччотооҕу Калинин аатынан колхуоска хонуу үлэтигэр хоһуунунан, кыайыылааҕынан тэҥнээҕэ аҕыйах буолара. Оннук да буолан Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай Грамотатын тутар чиэстэммитэ.
Василий Коркины колхуоһа Одьулууннааҕы 13-с №-дээх СПТУ-га ыытан трактористар куурустарыгар үөрэттэрбитэ. Онтон ыла тиэхэньикэ модун күүһүн эт илиитигэр тутан, өссө ордук дьулуурдаахтык, үрдүк оҥорумтуолаахтык үлэлээн-хамсаан барбыта. Бүтүн Сойуустааҕы социалистическай куоталаһыы киэҥник тэнийбит 1973 сылга “Беларусь” тракторынан 1739 условнай гектарга тэҥнэһэр үлэни оҥорбута. Ити үрдүк ситиһиитин иһин “Бочуот Знага” уордьанынан наҕараадаламмыта.
Төлөйдөр туораахтаах култууралар ыһыыларыттан үчүгэй үүнүүнү ылалларыгар, уопсастыбаннай сүөһү аһылыгын урукку сыллардааҕар балачча элбэх соҕотуопкалааһыннарыгар Василий Васильевич кырата суох кылааттаах.
Тутаах сыл түмүгүнэн Карл Маркс аатынан сопхуос Мугудайдааҕы отделениетын механизатора Василий Коркин саамай үрдүк көрдөрүүлэммитэ: 1973 сыллааҕы кирбиитин 166 гектарынан аһаран, “Беларусь” тракторынан сыл устата 1905 условнай эталоннай гектарга тэҥнэһэр үлэни толорбута. Онон итинник мааркалаах трактордарынан үлэлээччилэр социалистическай куоталаһыыларыгар бастаан, 1974 сылга ОРОЙУОН ЧӨМПҮЙҮӨН-РЕКОРДСМЕН ТРАКТОРИҺЫН аатын ылбыта.
Василий Васильевич пятилетка түмүктээһиннээх сылын кыстыгар 800-кэ ынах сүөһү турар Төлөй-Дириҥин ферматыгар дулҕа кырбатар звенону салайбыта, эбии аһылыгы дэлэччи бэлэмнээн сиэтиини тэрийсибитэ. Ол быыһыгар бааһынаҕа ноһуом таһара. Ылыммыт хардары былаанын ситиһиилээхтик толорорго дьулуһара.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй