Тимир көлөнү тэһииннээбит (Үлэнэн дьолломмут Чурапчы)

Аармыйаттан саҥа кэлбит сүүрбэччэлээх Федя Иванов маҥнай туох да идэтэ суоҕа, арай үлэлиир баҕа эрэ баара. Биригэдьиир араас үлэҕэ анаан испитэ. Уол даҕаны ону аккаастыы барбат этэ. Оччотооҕу колхуоска от оҕустарара, мас кэрдэрэ, таһаҕас таһара. “Үрүҥ” үлэттэн тииһиммитэ диэн лавочнай хамыыһыйаҕа киллэриллэн, учуоту ыытыспыта. Ол курдук кыстаабыта.

Эдэр киһи туох эмэ идэлэннэҕинэ сатаныыһыгын өйдөөбүтэ. Аҕыс кылаас да үөрэхтээх буоллар, аармыйа барахсан уһуйан нууччалыы дьулугураччы саҥарар, бэйэтигэр сөп билиилээх-көрүүлээх, балачча сытыы-хотуу эрэт этэ. Онон хайаан да суолун тобулунарга туруммута. Механизатордар оскуолаларыгар үөрэнэ киирбитэ уонна биир сылынан бүтэрэн, колхуоһугар суоппар идэлэнэн эргиллибитэ. Биир сыл кэриҥэ дьиэ эргин суоппардаан холоруктаппыта, быстах-остох сорудахтары толорбута. Онтон колхуоһун салалтата интэринээт-оскуолаҕа суоппарынан ыыппыта. Онтон эмиэ идэтинэн милииссийэҕэ үлэлээбитэ. Төһө өр мээчик курдук бырахсыыга сылдьыа эбитэ буолла – биллибэт этэ. Ону хата райкомол, хомсомуол суоппары “Сельхозтехника” оройуоннааҕы холбоһугар үлэҕэ ыыппыта. Олохтоох сирин, сөптөөх миэстэтин дьэ булбута.

Федор Николаевич Иванов “Сельхозтехника” холбоһугун биир саамай ытыктанар киһитэ буола үүммүтэ. Кини сааһынан төһө да эдэр сырыттар, оччотооҕуга кэлэктиип кырдьаҕас чилиэнэ дэтэрэ. Бу тэрилтэҕэ өр кэмҥэ үлэлээбитэ, этэргэ дылы дьыл диэн – хонук. Ити кэм устатыгар араас уларыйыылар тахсыталаабыттара. Уруккута дьадаҥы соҕус тэрилтэ хайыы үйэ баараҕай кыахтаммыта, баай тиэхэньикэлэммитэ. Аҕыйах биллэр-көстөр үлэһиттээх бэйэтэ бэтэрээннэрэ да, эдэр да үлэһиттэрэ үксээбитэ. Олортон биир чулууттан чулуулара – Федор этэ.

Бастаан утаа эдэр суоппар ымсыыран-баҕаран туран, илиитин араарбакка үлэлиирэ, массыынатын матырыйаалынай чааһын кичэйэн үөрэтэрэ. Сыыйа үлэтин биэскэтин билэн, массыынатын баһылаан барбыта. Онуоха эдэр эрчимэ, сылааны-элээни тулуйара улаханнык көмөлөспүтэ. Айылҕаттан дьоҕурдаах, дьэллэккэй майгылаах суоппарга киһи барыта кэриэтэ көмөлөһөрө, үтүөнү баҕарара.

Федор Иванов үлэҕэ эрдэ тахсара, үлэттэн хойут уурайара. Сылтан сыл ахсын санаата күүһүрэн, бэйэтигэр эрэлэ эбиллэн испитэ. Киниэхэ Константин Колесов, Петр Макаров атас-доҕор, күүс-көмө буолан абырыыллара. Сайаҕас, сымса, кэлиини-барыыны кыайар механизатор туһааннаах сорудаҕын толорор, аһарар буолан барбыта. Табаарыстара кини сырыыта сыыдамын сөҕөн, сөбүлээн “Сүүс Сүөдэр” диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Ол аата чааска сүүс биэрэстэни “үктүүр” диэн эппит тыллара. Дьиҥинэн, биһиги лаҕырҕай суолбутугар куруук итинник тэтиминэн ким кыайан айанныа буоллаҕай?! Ол эрээри Федор Иванов түптэлэтэн түһэн түргэн сырыылаах этэ буоллаҕа.

Албан аат, дьон-сэргэ ытыктабыла дэбигис кэлэ тардыбат. Ол уһун кэмнээх үлэнэн, элбэх сыранан ситиһиллэр. Оттон куһаҕан аат-суол иҥэрэ дөбөҥ. Холобур, суоппар биирдэ эмэ уһун, түүҥҥү айаҥҥа алларыйан, уруулун кыратык да халты тутта да, туох эмэ саахалы оҥордоҕуна, куһаҕан аатырдаҕа ол.

Биһиги кэпсиир киһибит үлэлээбитин тухары ол-бу саахал диэни билбэккэ, оннукка-манныкка түбэспэккэ этэҥҥэ үлэлээн кэлбитэ. Этэҥҥэ эрэ буолбатах, бастыҥтан бастыҥ буолан таҕыста. Федор Николаевич  туһунан “Сельхозтехника” холбоһугун баартыйа тэрилтэтин сэкирэтээрэ, кылаабынай инженер Иннокентий Иннокентьевич Сивцев маннык кэпсээбиттээҕэ: “Иванов – биһиги баар эрэ бастыҥ суоппарбыт, саамай көхтөөх хомуньууспут. Кини тохсус пятилеткатааҕы сорудаҕын былырыын, 1974 сыл сэтинньи 15 күнүгэр толорбута. Ол аата, биир сыл балтараа ыйынан урутаабыта. Онтон бэттэх онус пятилетка ахсааныгар үлэлии сылдьар. Быйылгы сорудаҕын – 170 тыһ. туонна-биэрэстэни уон ый устатыгар 219 тыһыынчанан толоро оҕуста. Ол былааны быдан таһынан 290 тыһыынча туонна биэрэстэни оҥорорго сирэй эбэһээтэлистибэ ылынан үлэлии сылдьар. Кини өссө уматыгын уон бырыһыаны кэмчилиэх буолбута. Онтукатын эмиэ толорон иһэр. Оттон массыына эрэһиинэтигэр кэмчилээһини оҥорон 650 солкуобайдаах барыыһы киллэрдэ. Хомуньуус Иванов бэйэтин эрэ иннин көрүммэт, атыттарга куруутун сүбэ-ама биэрээччи, көмөлөһөөччү, массыынатын чахчы баһылаабыт механизатор. Кэлэктиип иннигэр дьиҥнээхтик кыһанааччы. Партийнай мунньахтарга көрүллэр боппуруостары актыыбынайдык дьүүллэһэр, үгүстүк тыл этэр. Табаарыстыы суут бэрэссэдээтэлин быһыытынан бэрээдэги кэһээччилэри утары утумнаахтык охсуһар. Иванов ыраах ыарахан айаннарга истиэнэ курдук эрэнэн, ыытар киһибит. Кини Улахан Невергэ үгүстүк сылдьааччы. Суол турдар эрэ быйыл да кыһын ол диэки уһун айаҥҥа ыытыахпыт”.

Федор Николаевич бэйэтэ ситиһиилэрин быһаччы соҕус быһаарара: “Доҕоор”, — диирэ кини хойуу хара баттаҕын өрүтэ анньыммахтыы-анньыммахтыы, — кылаабынайа кыһамньы. Кыһаннахха, туох барыта кыайтарыан сөп. Мин бэйэм эрэ тугу-эмэни сарсыарда эрдэ турдахпына, киэһэ хойут утуйдахпына ситиһэбин. Ону тэҥэ массыынаны кураанах сүүрдэн талыгыратымыахха наада. Оччоҕо үлэҥ син үөтэлээн иһээччи. Мантан Невердиирбэр хаарбах тимири тиэйэбин. Оттон кэлэрбэр аналлаах таһаҕаспын аҕалабын. Сатанар буоллаҕына, бырысыабы холбонор улахан көмөлөөх. Массыынаҕын биэс тарбаҕын курдук билиэхтээххин, мээнэ уларытыа суохтааххын. Массыына – эн көлүнэр оҕуһуҥ, миинэр миҥэн буолар. Ол иһин кинини харыстыах тустааххын, тимир эрэ дии-дии көрүммэккэ харса-хараана суох көтүтэр табыллыбат. “Техуход” диэн баар буолар, ону тутустаххына эрэ массыынаҥ үйэтэ уһуур, үлэҕэр, айаҥҥар саахалламмаккын. Мин бу пятилеткаҕа сүнньүнэн “ЗИЛ-130”массыынанан үлэлээбитим. Ол барахсаммын мин үчүгэйдик үөрэппитим, кини туругун, этэргэ дылы, көхсүбүнэн билэр буолбутум. Хайдах үлэлиири, үлэ бэйэтэ көрдөрөр баҕайыта, мындырдаан үөрэтиэххэ, баһылыахха эрэ наада,” – диэн Федор кэпсээбиттээх.

Кэргэнэ Анна Афанасьевна – сибээс уопуттаах үлэһитэ этэ, сүүрбэттэн тахса сыл устата уларыйбакка, бу тэрилтэҕэ үлэлээбитэ. Коммунистическай үлэ удаарынньыга. “Килбиэннээх үлэтин иһин В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолуутун бэлиэтээн” үбүлүөйүнэй мэтээллээх. Бэйэтэ эмиэ биир туспа ытыктабыллаах киһи.

Биһиги Федор Николаевич Үлэ Кыһыл Знамята уордьанын көрөбүт, кини сүүрбэччэ Бочуотунай грамоталарын, хайҕал сурутарын, араас дипломнарын. Соҕотох суоппарга бачча элбэх наҕараада тиксибитин көрөн киһи сөҕөр эрэ.

Хомуньуус Федор Николаевич Иванов бэйэтин кэмин кынаттаах бириэмэтин куотан былыр үйэҕэ онус пятилеткатын куоһарбыта. Кини норуот иннигэр үлэлиирэ, норуот кыһалҕатын толуйара. Аркадий Алексеев алыптаах ырыаларын ыллыы-ыллыы Федор Тимир атын тэһиинин эрэллээхтик туппута.

Бастыҥ механизатор, хойукка диэри идэтин кыайа-хото тутан, үөрэн–көтөн туран, өрө көтөҕүллүүлээхтик үлэлиирэ.

 

Сэмэн Жендринскэй