Төлөйтөн эдэр ыал Алексеевтар саха үгэһин салҕаан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналлар

Билиҥҥи үйэҕэ сүүрэр тимир көлө оттуга күн-түүн ыарыы турдаҕына, доллар кууруһа халбаҥнаан бүтүн Аан дойдуга ас-таҥас сыаната халлааҥҥа харбаһарыгар, этэргэ дылы «баҕа буута балтараа тыһыынча» буолбут кэмигэр саха киһитэ бэйэтэ хаһаайыстыба тутара тоҕоостоох. Төһө да ынах-сүөһү иитэр ороскуоттааҕын иһин, туох да булкааһа, дьаата суох алаас отунан аһылыктанан төлөһүйбүт бэйэ этигэр, илии сылааһынан үүннэриллибит оҕуруоппут аһыгар, үрүҥ аспытыгар ама туох тэҥнэһиэй?! 

Кэнники кэмҥэ эдэр дьон баҕа өттүнэн фермерскэй хаһаайыстыба тэринэллэрэ бэрт сэдэх эрээри, баар көстүү. Биир оннук дьонунан Төлөй нэһилиэгиттэн Людмила, Руслан Алексеевтар дьиэ кэргэн буолаллар.

Эдэр да дьоҥҥо, уопуттаах да фермердэргэ билигин «Агростартап», «Агропрогресс» уонна дьиэ кэргэн фермэтин сайдыытыгар туһуламмыт судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн көрүллэр субсидиялар тирэх буолаллар. Саха өрөспүүбүлүкэтигэр бу хайысханан бэйэбит министиэристибэбит нөҥүө куонкуруска кыттан бэдэрээлинэй Грант ылан үлэлиэххэ сөп.

Алексеевтар эмиэ бу субсидиялартан 2020 сыллаахха «Агростартап» хайысхатын туһанан, үлэлии-хамсыы олороллор.

 

Туох барыта оҕо саастан саҕыллар

 

Людмила 1985 сыллаахха Мугудай нэһилиэгэр Пуховтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кыра сааһыттан үлэҕэ барытыгар сыстаҕас, түргэн туттунуулаах, бэйэтин саастыылаахтарын түмэ тардар дьоҕурдаах, сытыы-хотуу кыыс этэ. Тыа ыалын сиэринэн төрөппүттэрэ кэтэх хаһаайыстыбалаахтара, онон Люда хотон үлэтигэр эмиэ оҕо эрдэҕиттэн илии-атах буолан көмөлөһөрө. Олус аһыныгас сүрэхтээҕэ, кыылы-сүөлү барытын таптыыра, маанылыыра, саҥа төрөөбүт ньирэйгэ эриэккэс аат иҥэрэрин сөбүлүүрэ. Ону таһынан кини матасыыкылтан саҕалаан тыраахтарга тиийэ тиэхиньикэҕэ барытыгар интэриэстээх этэ. Аҕатынаан тыраахтарынан буоллун, массыынанан буоллун бааһынаҕа, алааска барсарын туохтааҕар да ордороро.

Мугудай орто оскуолатын бүтэрэн баран, кэтэхтэн Дьокуускайдааҕы педагогическай үнүстүүт алын сүһүөх учууталын идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Тыа сиригэр, чуолаан кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо, сыл тахсар от-мас, иһэр ууга муус ылыыта, кыстыкка киирии сытыы боппуруостара уо.д.а күннээҕи түбүк хаһан да бүппэтэ биллэр. Онон Людмила төрөппүттэригэр көмөлөһөр санааттан үлэлии-үлэлиии үөрэҕин кэтэхтэн бүтэрбитэ. Идэтин баһылаабыт эдэр исписэлиис кылгас кэмҥэ Хайахсыт нэһилиэгэр үлэлээн баран, чугастыы Төлөйгө миэстэ баарын истэн, онно үлэҕэ киирэр…

Руслан 1986 сыллаахха Алдан оройуонун Томмот нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини ийэтэ Антонина Алдан Хатыыстыырыттан төрүттээх. Руслан уһуйаан саастаах эрдэҕинэ Чурапчы улууһун Төлөй нэһилиэгэр ийэтэ үлэҕэ ананан көһөн кэлбиттэр.

Кинилэр эмиэ манна кэлэн ынах-сүөһү иитэн, үрүҥ илгэни үрүлүтэн быра-бааччы олорбуттар. Руслан Төлөйгө оскуоланы бүтэрэн баран, Одьулууҥҥа үөрэххэ киирэр. Бэлиэтээн эттэххэ, 1997 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ алмааһы хостуур, байытар бырамыысыланнаһын салгыы сайыннарыыны сэргэ олоххо-дьаһахха туттуллар араас тэриллэри, ювелирнай киэргэллэри оҥорон таһаарарга олохтоох ыччаты бэлэмниир сыалтан, СӨ маҥнайгы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев 635-дээх дьаһалыгар олоҕуран, манна баар училище Одьулууннааҕы политехническэй лицей аатын ылбыта. Онон Руслан манна күндү тааһы кырыылыыр исписэлиис идэтин баһылыыр. Үөрэҕин уонна дьонун ынаҕын-сүөһүтүн көрүүнү-истиини дьүөрэлээн, кэтэх хаһаайыстыбаларын 30 төбөҕө тириэрдэ сылдьыбыттара. Салгыы эдэр киһи киэҥ сирдэргэ үлэлиэхтээх-хамсыахтаах диэн санааттан сүөһүлэрин ахсаанын кыччатан, бырамыысыланнаска вахтовай ньыманан үлэлиир…

 

Эдэр ыал түстэниитэ

 

Хайа да нэһилиэккэ буоларын курдук, Төлөй ыччаттара барытыгар бары көхтөөх этилэр.  Үлэҕэ саҥа ананан кэлбит исписэлиистэр, олохтоох эдэр дьон ыытыллар араас тэрээһиннэргэ бэлэмнэнэн киэһэтин мусталлара, эдэр эмэн саастарын умнуллубат кэмнэрин бииргэ атаараллара. Оччолорго КВН күрэҕэ нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ иһинэн олус өрө күүрүүлээхтик, үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллара. Онно төлөйдөр «ТЫТС» («Төлөй ыччатын тэбэр сүрэҕэ») хамаандалара мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар этэ. Дьэ, ол күннэргэ Людалаах Руслан көрсөн, билсэн, олохторун холбоон бииргэ буоларга быһаарыммыттара.

Төлөй нэһилиэгэр чааһынай дьиэ ылынан, туспа буруо таһааран 2013 сыллаахха ыал буолбуттара. Ол саҕаттан иккиэн икки өттүттэн ынахтаах-сүөһүлээх буолан, дьоҕус кэтэх хаһаайыстыбаламмыттара.  Бастаан утаа иккиэн тэрилтэҕэ үлэлээн баран, кыра хаһаайыстыбаларын кэҥэтэр, сайыннарар санааттан фермер буоларга дьулуспуттара.

Алексеевтар билигин үс оҕолоохтор: икки сибэкки кэриэтэ кыргыттар, биир туйах хатарар, удьуору ууһатар соҕотох уол оҕо кинилэр олохторун киэргэтэллэр. Кыах баарынан үлэлээн-хамсаан, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕуттан туора турбакка кыттан актыыбынай ыал ахсааныгар киирсэллэр.

Ыал ийэтэ Людмила ынах-сүөһү көрүүтүттэн, Төлөйдөөҕү оскуола интэринээтигэр иитээччинэн үлэлиириттэн ордон иллэҥ кэмигэр сайынын айылҕаҕа сылдьарын, сир астыырын, чугас дьонун үөрдэн минньигэс ас астыырын сөбүлүүр, нэһилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Мугудайдааҕы «Орленок» байыаннай-патриотическай кулууп чилиэнэ этэ, онон кыраҕы харахтаах ытааччы, улуус, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымнаах үгүс күрэхтэр призердара. Кыргыттар Алиана уонна Амира Төлөй орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, эмиэ сүрдээх актыыбынай дьон, ийэлэригэр сүрүн көмөлөһөөччүлэр кинилэр. Мурун бүөтэ Артем «Кустук» уһуйаан иитиллээччитэ, күҥҥэ көрбүт көмүстэрэ наадатын быһаарсар, санаабытын ситиһэр чобуо киһи. Ыал аҕата Руслан хаһаайыстыбатын көрөр-истэр, тимир көлөтүн уруулугар олордор эрэ илининэн-арҕаанан наадаҕа сүүрэр, ийэтигэр көмө-тирэх буолар, сайын дьиэ кэргэнинэн айылҕа сылдьарын, эр киһи быһыытынан кыралаан бултуурун сөбүлүүр. Сыл аайы оҕолорун саҥа дьыллааҕы маскарааттарын киһи сөҕөр-махтайар гына оҥорон-чочуйан таһаарар, онон куруук үс бастыҥ иһигэр киирэллэр.

 

Фермерскэй хаһаайыстыба тэриллиитэ

 

Судаарыстыбабыт, өрөспүүбүлүкэбит салалтатын өттүттэн үлэлэрин саҥа саҕалыыр бааһынай хаһаайыстыбалары өйүүр бырагыраамалар 2012 сылтан саҕалаан олоххо киирэн барбыттара. Эдэр ыал Алексеевтар манна хапсаары 2016 сыллаахха Людмила урбаанньыт быһыытынан нолуок уорганнарыгар сурукка киирбитэ. Ирдэнэр докумуоннары хомуйар, эккирэтиһэр, куонкуруска сайаапкалыыр түбүгэр түспүттэрэ.

Ол эрэн Людмила ИП быһыытынан СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө бу куонкуруска үстэ киирсибитин тухары, хомойуох иһин, бирдэ да хапсыбатахтара. Инньэ гынан ыал ийэтэ урбаанньыттар кэккэлэриттэн тахсыбыта. Биллэн турар, субсидияҕа, Грант үбүгэр тиксибэтэххинэ билиҥҥи кэмҥэ эбии ынах-сүөһү, тиэхиньикэ ылынар кыахтан матаҕын. Эбиитин урбаанньыт быһыытынан регистрацияланан үлэлии сылдьар буоллаххына, сокуон кыраҕы хараҕыттан куотуммакка, нолуок төлүөхтээҕин биллэр суол.

Төһө да дохуоттарынааҕар ороскуоттара элбэҕин, араас кыһалҕа кыһарыйбытын иһин Алексеевтар бэйэлэрин сүөһүлэрин букатын эһэр туһунан толкуйдаабатахтара. Кэтэх хаһаайыстыбаларын көрбүттэрин курдук көрө, ииппиттэрин курдук иитэ олорбуттара, сайынын оттоон, кыһыннары отторун тиэйтэрэн, сыл аайы түбүгүрэллэрэ. Манна урут даҕаны, билигин даҕаны икки өттүттэн эдэр ыал төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, чугас дьонноро улахан өйөбүл буолаллар. Бэйэҕит да билэргит курдук, хотон үлэтэ, от оттооһун, мас мастааһын, тиэйии-таһыы, күһүн сүөһү көрдөөһүнэ, кураан турдаҕына мобильнай биригээдэ тэрийэн атын сиргэ оттуу барыы уо.д.а.—бу барыта күүстээх, ыарахан үлэттэн тахсар буоллаҕа.

Үп-харчы эккирэтиһэр кэмнэригэр Людмила улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын үлэһиттэрин кытары эн-мин дэһэн, үгүс ыйытыыларыгар сүбэ-хоруй ылан кэлбитэ. Чуолаан оччоттон Чурапчы улууһун бааһынай хаһаайстыбаларын кытары чопчу үлэлэһэр тыа хаһаайыстыбатын управлениетын исписэлииһэ Мария Саввина улахан өйөбүл, күүс-көмө буолбута. Уопуттаах үлэһит саҥа саҕалыыр бааһынайдар бизнес-былаан оҥороллоругар, СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр киирэн бырайыактарын көмүскүүллэригэр, куонкурус хамыыһыйатын ыйытыыларыгар хайдах эппиэттииллэригэр тиийэ барыларын кытары тэҥҥэ сылдьыһан, быһаарсан, ыйан-кэрдэн биэрэрэ.

Онон 2019 сыллаахха Мария Михайловна сүбэтинэн аны Русланы урбаанньыт оҥорон, «ИП КФХ Алексеев Руслан Сергеевич» диэн регистрацияламмыттара. Тутатына тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин куонкуруһугар кыттан баран эмиэ мэлийбиттэрэ. Сорох киһи манна номнуо санаарҕаан, «туох да табыллыбат эбит» диэн түмүккэ кэлэн тохтуо эбитэ буолуо. Ол эрэн Алексеевтар санааларын түһэрбэккэ, 2020 сыллаахха бэһис төгүлүн киирсэн, кэмниэ кэнэҕэс «Агростартап» хайысхатынан … суумалаах Грант үбүгэр тиксэннэр хаһаайыстыбаларын улаатыннарар кыахтаммыттара.

Дьэ, этэргэ дылы, үлэ күөстүү оргуйбута. 50 төбө киирэр хотонун туттарбыттара, икки тыраахтар, прессподборщик уонна сүөһү атыыласпыттара. Билиҥҥи туругунан Алексеевтар уопсайа 50 төбө сүөһүлээхтэр, 35 ыанар ынахтаахтар. Маны таһынан кинилэр, аныгы дьон быһыытынан, хотоҥҥо, дьиэ таһыгар тутуллар тыа хаһаайыстыбатын кыылын арааһыттан иитэн боруобалыыллар. Ол курдук, кус, хаас, индюк көтөрдөрү, дьиэ козаларын тута сылдьыбыттара.

Онон Алексеевтар бу курдук дьулуурдаахтык бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэн, күннэтэ үлэ үөһүгэр түбүктээх дьон. Кинилэргэ инникитин даҕаны ылсыбыт дьыалаларын ыһыктыбакка, торумнаабыттарыттан туораабакка ситиһиилээхтик, таһаарыылаахтык үлэлииллэригэр баҕарыаҕыҥ!

 

Наталья Сибирякова