Быйыл V-с төгүлүн ыытыллар сэргэх куонкуруска барыта 13 сайаапка Крым уонна Калужскай уобаластан тиийэ киирбит.
Бэрт тыҥааһыннаах көрүү-истии кэнниттэн муҥутуур кыайыылааҕынан Орто Халыма улууһун Сылгы Ыытар нэһилиэгиттэн үс саастаах Мэник диэн ынах быһаарылынна. Кини хаһаайыныгар Алексей Бродников аатынан Төлөйдөөҕү “Аартык” НАДь-тэ 10.000 солк. бириэмийэни ыытта.
“Көрөөччү биһирэбилэ” номинация кыайыылааҕын Вконтакте социальнай ситим нөҥүө быһаардылар, манна Булуҥ оройуонун Бороҕон (Намы) нэһилиэгиттэн 12 саастаах Харачаас диэн кырдьаҕас ынах баһыйар үгүс куолаһы ылан, хаһаайыныгар олохтоох дьаһалта туруорубут балыктыыр сыарҕаны тэбэн биэрдэ.
“Симэммит Мааныкай” куонкурус ааптара Евдокия Аржакова, бэйэтин анал бирииһин 3000 солк. Нам улууһун Искра нэһилиэгин Хара кыыс диэн ынах хаһаайкатыгар анаата.
“Куонкуруспут силигин ситтэ эрээри, былырыыҥҥытааҕар лаппа аҕыйах кыттааччы буолан биэрдэ. Ол эрэн хабар иэммит улахан. Быйыл эмиэ, сотору кэмигэр бастакы ханаалга “Доброе утро” биэриигэ тахсыахпыт. Манна сахалар сиэдэрэйдик киэргэтиибит баһыйа тутта, үөрэммиттэр. Чурапчыттан Төлөй уонна Чакыр нэһилиэктэриттэн кыттыыны ыллылар. Инникитин кыттааччыбыт элбиэн баҕарабын, кыттааччыларбытыгар барытыгар улаханнык махтанабыт”, — диэн бырайыак ааптара Евдокия Ефимовна санаатын үллэһиннэ.
Сэмэн Жендринскэй. Сүрүн хаартыскаҕа муҥутуур кыайыылаах Мэник диэн ынах турар