Төлөй ыччата байыастарга анаан 40 устуука саха быһаҕын оҥорон ыытта

Саха быһаҕын туһунан эрдэ “тыйыс айылҕалаах саха сиригэр олохтоох эр киһи эрэллээх доҕоро, күннээҕи олоххо туттар туохха да тэҥнэммит тэрилэ” диэн быһаарар эбит буоллахпытына, бүгүҥҥү күннээххэ анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыастарга туохтааҕар даҕаны наада буолла.

Бүгүн о.э кулун тутар 10 күнүгэр Чурапчы улууһуттан үтүмэн үгүс гуманитарнай көмө анал байыаннай дьайыы буола турар зоналарыгар айаннаата. Маныаха оройуоммут дьоно-сэргэтэ бүүс-бүтүннүү турунаннар көмөлөрө сүдү.

Элбэхтэн биири холобурдаатахха Төлөй Дириҥин ыччата, 2018 сылтан саҕалаан тимиринэн уһанар Дьулустаан Смирников бэйэтин баҕа өттүнэн 40 устуука саха быһаҕын киллэрэн, улуус баһылыгын солбуйааччыта Алексей Лобановка туттарда.

“Быһахтар 65Г диэн тимиртэн оҥоһулуннулар, уолаттар туһаналларыгар сөптөөх буоллун диэн биилэрин уһуна 12-14 см. Кыыннарын тириинэн бүрүйдүм. Хас биирдии оҥоһугу барытын бэйэм хайдах сатыырбынан алҕаан, байыастарбыт дойдуларыгар этэҥҥэ айаннаан кэлэллэрин туһугар баҕа санаа этилиннэ”, — диэн тимир ууһа Дьулустаан Васильевич санаатын үллэһиннэ.

 

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ