Төлөй нэһилиэгэр саҥа бэкээринэ үлэҕэ киирдэ

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Төлөй нэһилиэгэр саҥа «MAKS» диэн ааттаах чааһынай бэкээринэ арыллыыта үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.  Элбэх оҕолоох Александра, Александр Максимовтар алтынньы ыйга социальнай хантыраак судаарыстыбаннай көмөнөн туһанан  анал оборудование ылан, хас эмэ сыл бэлэмнэнэн,  туруоруммут сыаллара тиһэҕэр тиийэн, туспа анал бэкээринэ Төлөй нэһилиэгин дьонун-сэргэтин сибиэһэй бурдук аһынан күндүлүүр кыахтанна.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Төлөй нэһилиэгин баһылыга Игорь Николаев, Чурапчы улууһун социальнай харалта управлениетын үлэһиттэрэ, нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара, чугас дьоно-сэргэтэ, аймахтара уонна олохтоохтор кэлэн эҕэрдэлээтилэр.

Урбаанньыт Александра Максимова: «Быйыл социальнай хантыраак куонкуруһугар киирсэн 500 тыһ. суумалаах үбүнэн бэкээринэбитигэр туттуллар оборудование ылары ситистибит. Онон күн сарсыҥҥаттан күүскэ үлэлииргэ бэлэммит. Олохтоох нэһилиэнньэни бэйэ килиэбинэн, ботуонунан эрэ буолбакка атын да кулинарнай аһынан хааччыйыахпыт. Социальнай хантыраак курдук бэйэ дьыалатын арынар дьону өйүүр бырагыраамалар бааллара олус үчүгэй»-диэн кылгастык билиһиннэрэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, Төлөй нэһилиэгэр билиҥҥи кэмҥэ чааһынай бородуукта маҕаһыыннара Чурапчыттан килиэп аҕалан атыылыыллар. Онон бэйэ киһитэ бэкээринэ арыйбыта бары өттүнэн көдьүүстээх,үтүө дьыала буоллаҕа! Элбэх оҕолоох Максимовтар дьиэ кэргэни, ыал ийэтин Александраны эҕэрдэлиибит уонна инникитин үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабыт!

 

Наталья Сибирякова