Бу соторутааҕыта, от ыйыгар дойду киинигэр Москва куоракка чэпчэки атлетикаҕа бэтэрээннэргэ Арассыыйа чемпионата ыытылынна. Барыта 70-тан тахса регионтан 700-тэн тахса спортсмен кытынна. Саха сириттэн 22 киһи ситиһиилээхтик күрэхтэһэн, уопсайа 30 мэтээли ыллылар: 9 кыһыл, 10 үрүҥ көмүс, 11 боруонса. Онон үрдүк көрдөрүүнү ситиһэн, Саха сирин хамаандата 6-с бочуоттаах миэстэни ылла. Маны таһынан бу күрэхтэһиигэ Саха сиринээҕи 9 рекорд олохтонно. Чөмпүйэнээккэ Чурапчыттан үс спортсмен Николай Захаров, Евдокия Каженкина уонна Ульяна Слепцова кыттыыны ыллылар. Онтон сиэттэрэн бүгүҥҥү хаһыакка Болтоҥоттон төрүттээх Үлэ, спорт бэтэрээнин Ульяна Слепцованы кытта сэһэргэһиибитин таһаарабыт. Кини 5000, 800 уонна 1500 миэтэрэлэргэ, үс күн сүүрэн, бочуоттаах II миэстэни ыллаттаабыт. 800 миэтэрэҕэ 03.12.85 сөк. түмүктээн СӨ рекордун олохтоото.
- Үтүө күнүнэн, Ульяна Михайловна! Улахан кыайыыгынан эҕэрдэлиибит. Баһаалыста, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ туһунан итиэннэ хаһааҥыттан спорт алыбар ылларбыккын сиһилии кэпсии түс эрэ.
- Дорообо! Мин Болтоҥо нэһилиэгэр 1960 сыллаахха Слепцовтар дьиэ кэргэҥҥэ алтыс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Оҕо сааһым, оскуолатааҕы сылларым дьонум сылаас тапталларыгар ааспыта. 1975 сыллаахха 8-с кылааһы бүтэрэн, Хатылы орто оскуолатыгар икки сыл үөрэммитим. Ол кэмҥэ миигин Егор Егорович Шарин диэн улууска биллэр физкултуура учуутала сүүрүүнэн дьарыктаабыта. 10-һу бүтэрэрбэр бастакы ситиһиилэр кэлбиттэрэ. Ол курдук, улууска 1500 миэтэрэҕэ I миэстэни ылан, өрөспүүбүлүкэҕэ кыттан, 4-с миэстэ буолбутум. Онтон 1977 сыллаахха оскуоланы үчүгэйдик бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университекка, математическай факультекка үөрэххэ киирбитим. Биэс сыл устудьуоннуур кэммэр сүүрүүнэн дьарыктаммытым, факультет чиэһин элбэхтик көмүскээн турабын.
Үрдүк үөрэхпин 1982 сыллаахха бүтэрэн, Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү орто оскуолатыгар анатан, учууталынан үлэбин саҕалаабытым. Тоҕус сыл устата оҕолору сүүрүүгэ дьарыктаан, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ кытыннарарым. Бэйэм 1987 сыллаахха Манчаары оонньууларыгар I миэстэни, 1988 сыллаахха Тыа сирин III оонньууларыгар 800, 1500 миэтэрэҕэ I миэстэни, эстафетаҕа III миэстэни ылбытым.
1990 сыллаахха төрөөбүт улууспар Чурапчыга төннөн, Болтоҥо орто оскуолатыгар ахсаан учууталынан үлэлээбитим. 1992-1997 сс. интэринээт- оскуола филиалын аһан, оҕолору сүүрүүгэ дьарыктаабытым. Элбэх оҕо улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэспиттэрэ. Бэйэм бу сылларга сүүрүүнэн дьарыктанан улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх ситиһиилэрдээхпин.
1998 сыллаахха сүүрүүбүн тохтоппутум уонна 2022 сылга кэлэн, Екатерина Драгунова көҕүлээһининэн, күһүҥҥүттэн сүүрүүнэн күүскэ
дьарыктанан саҕалаатым.
- Ханна дьарыктанаҕын?
- Графикпын Екатерина Драгунова оҥорор. Онон көрөн, бэйэм бириэмэбин аттаран дьарыктанабын. Кыһыннары-сайыннары, сылы эргиччи таһыдьа эрчиллэбин.
- Саамай уһаабыта төһөнү сүүрэҕит? Тус рекордуҥ хаһый?
- Күҥҥэ 8, 10 биэрэстэни сүүрэбин.
- Сүүрүүнэн дьарыктанарга туох нааданый?
- Киһи барыта сүүрүөн сөп. Дьаныар, тулуур, баҕа санаа наада.
- Наҕараада ханнык эрэ хайысхаҕа киһи ситиһиитин, киллэрбит кылаатын, дьон махталын, билиниитин ылбытын көрдөрөр. Удьяна Михайловна, сүрүн наҕараадаларгын билиһиннэр эрэ.
- Быйыл 43-с сылбын оскуолаҕа ахсаан учууталынан үлэлии киирдим. Үлэм үрдүктүк сыаналанан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, РФ Уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар учууталлара бэлиэ хаһаайына буолабын. Сүүрүүгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин маастарын нуорматын 1996 сыллаахха толоруум миэхэ умнуллубат түгэним буолар.
- Кыахтаах киһи барытыгар көхтөөх диэччилэр. Эһиги эмиэ хас да дьыаланы тута кыайаргыт буолуо. Эбии тугунан дьарыктанаҕыт?
- Уопсастыбаннай үлэҕэ кыттабын. Дьон итэҕэлин ылан, нэһилиэк дьокутаатынан талыллыбытым, түөлбэ салайааччытынан анаммытым. Маны сэргэ дьахтар сэбиэтин, бэтэрээннэрин сэбиэтин састаабыгар киирбитим.
- Дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэрэ түс эрэ.
- 1997 сыллаахха ыал буолан, 2 уол оҕолоохпун. Улахан уол Юрий Михайлович Чурапчы гимназиятын дириэктэрэ, кэргэннээх, икки уол оҕолоохтор. Кыра уол Роман Иркутскайдааҕы университеты бүтэрэн, онно олохсуйан үлэлии сылдьар.
- Ульяна Михайловна, кэпсээниҥ иһин махтал. Сааһырыыга бэриммэккэ, өрө туппут споркар өссө да үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт.
Марфа Петрова