Чурапчыга сырдатааччы, айааччы, үйэтитээччи өссө биир саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ

Быйыл Арассыыйаҕа биллэриллибит  Настаабынньык уонна уһуйааччы сылыгар сөп түбэһиннэрэн, улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ ССРС, СӨ култууратын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Чурапчы улууһун уонна  Хатылы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, талан ылбыт идэтинэн 40-тан тахса сыл бибилэтиэкэринэн үлэлээбит Мария Петровна Иустинова  “Олоҕум ыллыга” диэн өссө биир саҥа кинигэтин биһирэмэ буолла. Саҥа кинигэ биһирэмигэр улуустааҕы култуура управлениетын начаалынньыга Петр Гуляев, Саха сиринээҕи архыып научнай үлэһитэ Мария Софронова, улуустааҕы бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ,  Мария Петровна биир дойдулаахтара, бииргэ үлэлээбит,  алтыспыт доҕотторо, олоҕун аргыһа Николай Иустинов, оҕолоро, чугас аймахтара сырыттылар, кинигэ тула санааларын үллэһиннилэр, айымньылаах үлэтигэр өссө да саҥа саҕалааһыннары, үрдүк ситиһиилэри баҕардылар. Ол курдук, ааптар хоһооннорунан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ композиция туруорбуттарын, “Саха дьахтарын хоһуйуу” хоһоонугар дьүөгэтэ Татьяна Горохова сахалыы матыыбынан толорбут ырыатын сэргии иһиттибит.

Иһирэх тэрээһини улуустааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел сэбиэдиссэйэ Марфа Кузьмина салайан ыытта. “Сырдатааччы, айааччы, үйэтитээччи” диэн ааттаах Мария Петровна хомуйан оҥорбут уонна ахтыылара киирбит кинигэлэрин быыстапката туруоруллан, дьон-сэргэ болҕомтотун тарта. Ону тэҥэ экран нөҥүө кинигэ ис тутулун сырдатан көрдөрүү тэрээһини ситэрэн-хоторон биэрдэ.

Кинигэ “Дани-Алмас”  кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста.  Ааптар бу кинигэтин 6  баска араарбыт: “Олоҕум ыллыга”, “Устудьуоннаабыт сылларым – олоҕум биир бэлиэ түһүмэҕэ”, “Үлэ оргуйар үөһүгэр”, “Кинигэлэрим тула санаалар”, “Кэпсиибин сүрэҕим этэрин”, “Санаабын сааһылаан – хоһоон түөлбэтигэр”.  Манна кини оҕо сааһыттан саҕалаан, устудьуоннаабыт, бибилэтиэкэҕэ үлэлээбит кэмнэрин, бииргэ төрөөбүттэрин, дьиэ кэргэнин, чугас аймахтарын, сөбүлүүр дьарыгын туһунан бэйэтэ уонна биирдиилээн дьон  суруйбут ахтыыларын киллэрбит. Итини тэҥэ 32 хоһооно түмүллэн, кинигэ ис хоһоонун байыппыттар.  Олоҕун араас түгэннэрин  сырдатар өҥнөөх хаартыскалар итиэннэ  видеолары кюар кодтаан киллэрбитэ кинигэ силигин ситэрэллэр.

Хас биирдии эҕэрдэ эппит киһи Мария Петровна туруу үлэһитин, ылсыбыт үлэтин тиһэҕэр тиэрдэн баран уоскуйар үтүө хаачыстыбалааҕын бэлиэтээтилэр. Хатылы нэһилиэгин баһылыгынан өр сылларга үлэлээбит Ульяна Атласова: “Мария Петровна 40-тан тахса сыл устата, Сэбиэскэй былаас кэмнэриттэн саҕалаан, дьон-сэргэ култуурунай сынньалаҥын тэрийиигэ, билиитин-көрүүтүн хаҥатыыга төһөлөөх үгүс үлэни-хамнаһы тэрийбитин бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Оччоттоҕу кэмтэн хаһыаттары, матырыйааллары мунньан, нэһилиэгин устуоруйатын үйэтитиигэ, биллиилээх дьоннорун, туруу үлэһиттэрин сырдатыыга үгүс үлэни-хамнаһы көрүстэ. Хас да кинигэни таһаарда. Хатылы нэһилиэгин былыргы номохторуттан саҕалаан,  күн бүгүҥҥэ диэри сайдан кэлбит устуоруйатын сырдатар “Хатылы” диэн үс туомнаах кинигэ тахсарыгар икки кэнники туомун  бэйэтэ хомуйан оҥордо. Ону тэҥэ биир дойдулаахтарбыт, хорсун буойун Егор Доҕордуурап, суруйааччы Болот Боотур ааттарын үйэтитэр  кинигэлэрэ үүнэр көлүөнэҕэ тугунан да кэмнэммэт дьоһун бэлэх буолаллар. Аны “Үүнэ-сайда тур, Хатылым!” хоһооно биһиги нэһилиэкпит гиимэ буолан үйэлэргэ ылланыа турдаҕа. Итини тэҥэ кини сиэлинэн, кылынан өрбүт  хатыламмат ураты уран оҥоһуктарынан өрөспүүбүлүкэ, улуус быыстапкаларыгар ситиһиилээхтик кыттар” , — диэн иһирэх сыанабыла Мария Петровна киһи уонна үлэһит быһыытынан хайдаҕын толору туоһулаатылар.

Дьоро тэрээһин кыттыылаахтара сырдатааччы, айааччы, үйэтитээччи Мария Петровнаҕа айымньылаах үлэтигэр өссө да үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн туругу баҕардылар.

Анна Захарова.