1971 сыл сааһа. Сыспай сиэллээххэ ыарахан тыыннаах кыстык кэлэн турара. Ол кэмҥэ Субуруускай аатынан сопхуос Сылаҥнааҕы отделениетын салайааччылара биир бастыҥ оробуочайы Петр Михайлович Дьяконовы ыҥыран ылбыттара:
- Сылгыһыт наада буолла,- диэбиттэрэ киниэхэ. – Ыарахан, сындылҕаннаах үлэ, онуоха эбии, бэйэҥ да билэ-көрө сырыттаҕыҥ, дьылбыт эмиэ кытаанах. Онон ылыннаҕына ылыныа, кыайдаҕына кыайыа диэн эрэнэрбитин эн эрэ бааргын. Аккаастаабат инигин.
Бар дьон итинник эрэниилэрэ эмискэ биирдэ үөскээн хаалбатаҕа. Бастакы колхуостар чэпчэкитэ суох суолунан хардыылаабыттара. Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга биэс-алта оҕуһунан көһүнэн ыраах сиртэн от тиэйиитэ, сааскытын бэрэбинэ таһыыта, нэһилиэк, оройуон киинин тэрилтэлэригэр кыстык мастарын саһааннаан тиэйии – Бүөтүр итинник үлэлэргэ уон икки саастааҕыттан буһан-хатан улааппыта. Арай ол кэмтэн хотуурунан далайбыт, косилканан кырылаттарбыт ходуһаларын , суханан хоруппут, лобогрейканан быстарбыт бааһыналарын тэниччи тардар буол – харах ылбат киэҥ сирэ нэлэһийиэх этэ.
Мэлдьи удаарынньык, стахановецтар кэккэлэригэр сылдьыбыт киһи 1964 сылтан коммунистическай үлэ удаарынньыгын үрдүк аатын сүгэр. 1967-1970 сыллардааҕы сайыннарга субан сүөһүгэ бостууктаабыта. Бастыҥнар уопуттарын сыныйан үөрэтэн, ис сүрэҕиттэн кыһанан үлэлээн туппут 102-156 ыччат сүөһүтүн биири да энчирэппэтэҕэ, судаарыстыбаҕа туттарар саҕана 70-80 бырыһыаннара үрдүк уойуулаах буоларын ситиспитэ, хас биирдиилэрин сай устата 110-нуу киилэҕэ тиийэ төлөһүтэрэ. Ити аҕыйах сайын тугу ситиспитин суокка тардан “79519 солкуобайдаах барыһы киллэрстэ” диэн быһаарбыттара. Ону таһынан кыһынын улахан фермаларга сүөһү аһатааччынан ананара. Онно даҕаны оту хаһаайын чиҥ-чаҥ илиитинэн тутан ороскуоттуурунан, сүөһү быһа түһүүтүн таһаарбатынан холобурга сылдьыбыта.
Онтон үөһэ ахтыбыт кэпсэтиибит түмүгэр эмискэ сылгыһыт буолан хаалбыта. 121 сылгыны, ол иһигэр 70 биэни туппута. Куолутунан илиитин араарбакка үлэлээн мындыр идэҕэ түргэнник сыстыбыта. Бэл уопуттаах сылгыһыттар ыарырҕаппыт саастарыгар кулун деловой тахсыытын 91,4 бырыһыаҥҥа тиэрдибитэ. Оттон тохсус пятилетка сылларыгар барыта 237 кулуну ылыахтаах соругун 64-нэн аһарбыта, онон сопхуоһун 30 сылгыһыттарыттан барыларыттан ордук көрдөрүүлэммитэ. Сыспай сиэллээҕи сырыырҕаппыт маастар сылгыларын үөрүн биир күн көрбөккө сылдьыан санаата буолбата, хаһыыларыгар бурдук кута, ойбон тэһэ, тиритэ-хорута сылдьара.
Ленинскэй үбүлүөйүнэй мэтээл, Норуот Хаһаайыстыбатын Ситиһиилэрин Быыстапкатын боруонса мэтээлэ, үгүс грамоталар, бар-дьон ытыктабыла, таптала – итинниктэр Петр Михайлович үлэтин-хамнаһын үрдүк сыанабыла, сылгыһыт дьоло-соргута. Кини туйаҕын уоллаах кыыс оҕолоро хатараллар. Кыыһа Лина орто оскуоланы бүтэрэн сопхуоска, сүөһү иитиитигэр үлэлии барбыта. Оттон уола Сергей оччолорго оскуола биир бастыҥ үөрэнээччитэ этэ.
- Былыргы эбитэ буоллар, — диэбиттээҕэ Петр Михайлович, — биһиги, бииргэ төрөөбүт аҕыс тулаайахтар, оһох кэнниттэн быкпат кумалаан-хамначчыт дьылҕатыттан ырааппаппыт чахчы этэ. Хаан-уруу Сэбиэскэй былааспыт баар, биһигини дьон оҥорбут, олоҥхо да ситэн хоһуйбатах дьолун-соргутун бэлэхтээбит.
Сэмэн Жендринскэй