Бэрэҕэ истиҥ көрсүһүү

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр профессор Георгий Прокопьевич Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын 115 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн, Сылаҥ нэһилиэгэр бастакы оскуола аһыллыбыт Михайло-Архангельскай таҥара дьиэтин миэстэтигэр, Бэрэҕэ,  Булгунньахтаах томторугар манна үөрэммит   80-90 саастаах ытык –мааны дьоннорбут, оскуола үөрэнээччилэрэ, дириэктэр Николай Дьяконов, “Сылаҥ нэһилиэгэ” МТ баһылыга Егор Макаров түмүстүлэр. Бу күн история кэрэһитэ  – саҥа пааматынньык турда.

Пааматынньык ааптара, Сылаҥ нэһилиэгэр, Чурапчы улууһугар угус өйдөбүнньук пааматынньыктары оҥорбут, улууска духуобунай өйү–санааны тарҕатааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Дьячковскай төрөппүт уола Георгий Васильевич Дьячковскай буолар.  Бу үөрүүлээх, долгутуулаах көрсүһүү сиэрин ситэрэн, аал уоту арыылаах алаадьынан, саламаатынан айах тутта, алгыһы Сылаҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо үлэ, тыыл  бэтэрээнэ, Хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа Борис Баишев түһэрдэ, ахсыс кылаас уолаттара “Саха саарына Г.П. Башарин-сирдиир сулуспут” диэн мантан үөрэҕин саҕалаан, норуотун туһугар олорбут, биир дойдулаахтарын олоҕун туһунан литэрэтииринэй дьүһүйүү аахтылар. Көрсүһүү өссө биир бэлиэ түгэнэ “Махталлаах үөрэнээччилэргититтэн” диэн суруктаах үөрэх бэлиэтэ –бөрүөлээх паарта–пааматынньык таһыгар хаартыскаҕа түһүү буолла.

Салгыы Бэрэтээҕи оскуола-уһуйаан кэлэктиибэ сылаас чэйдээх, арыылаах саламааттаах, алаадьылаах, толору астаах остуоллаах көрсүһүүтэ буолла. Онон ытык –мааны дьоммут олус дуоһуйан, оҕо саастарын ахтыһан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Оскуола үбүлүөйүн иккис күнэ

Балаҕан ыйын 21 күнүгэр сарсыарда эрдэттэн оскуола киэргэнэн-симэнэн, ырыата дьиэрэйэн үгүс-элбэх выпускниктарын, ааспыт сылларга үлэлээн ааспыт үтүө-мааны дьоннорун дьоһуннук көрүстэ.

Оскуола 115 сыллаах үбүлүөйэ Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев эҕэрдэтинэн саҕаланна.  Уолаттар   “Сирдиир сулуспут-Башарин”, онтон кэлэктиип  “Үйэ саас махтана туойабыт” оскуола өрөгөй ырыатын хуордаан дьиэрэттилэр. Оскуола өрөгөйүн ырыатын тылын, матыыбын ааптара, оскуола   выпускнига П.Ф. Макаров  бэйэтэ  таһаарбыта олус долгутуулаах буолла. Дьоро чааска кэлэктиип үлэһиттэрин  сыралаах үлэлэрэ  үрдүкүк сыаналанна, улуус уонна өрөспүүбүлүкэ салаталарыттан элбэх наҕарааданы туттулар.

Бу күн үгэс буолбут үөрүүлээх чаас, көлүөнэлэр көрсүһүүлэриттэн ураты: химия кабинетыгар медицинскэй наука дуоктара, профессор, оскуолабытыгар Малай медицинскэй академияны, 2002 сыллаахха этии көтөҕөн, көҕүлээн астарбыт Карл Георгиевич Башарин аата иҥэрилиннэ, кини мөссүөннээх өйдөбүнньүк дуоска арылынна.

Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ Дьокуускай куораттан Карл Георгиевич кэргэнэ профессор Зоя Константиновна Башарина, кыыһа Анна Карловна Еремеева ыалдьыттаатылар, оҕолорго кинигэ бэлэх ууннулар, эҕэрдэ тылларын эттилэр. Көрсүһүүгэ улуус үөрэхтээһинин  салайааччыта Юрий Посельскай, оскуола дириэктэрэ Николай Дьяконов,   Карл Георгиевич үөрэнээччилэрэ  СӨ үтүөлээх бырааһа Любовь Григорьева, медцентр кардиолог бырааһа А.С. Яковлева уо.д.а.  медико-биологическай кылаас үөрэнээччилэригэр туһулаан тыл эттилэр, эҕэрдэлээтилэр.

Үбүлүөй биир бэлиэ түгэнэ, элбэх ыалдьыт болҕомтотун ылбыт  – СӨ Ил Дарханын гранын кыайыылааҕа “Трудовой отряд подростков “Башаринцы”” бырайыак сүрэхтэниитэ буолла. Бырайыак сүрүн ис хоһооно:  оҕолор түргэнник ситэр, аҕыйах хонуктаах кус оҕотун уонна  бройлер чоппуусканы икки ый көрөн-истэн, улаатыннараллар. Салгыы  үлэҕэ уһуйуу маастара М.П. Макарова салалтатынан, аныгы тэриллэринэн эт бородууксуйатын  оҥорон таһаараллар. Билиҥҥи кэм дэгиттэр сатабылларын баһылыыллар. Бырайыак ааптара СӨ үтүөлээх учуутала, дириэктэри агро хайысхаҕа солбуйааччы Л.С. Сивцева сиһилии билиһиннэрбитин кэнниттэн,  11кылаас үөрэнээччитэ Алеша Дьяконов, сүрдээх үөрүйэхтик туттан-хаптан бройлер этин салгыны оботторон, ваакумнаан, пленканан суулаата. Оҕолор үлэлэрин туһунан, тугу билбиттэрин-сатаабыттарын  кэпсээтилэр. Бырайыак салайааччыта, оскуола выпускницата, оҕо иитиитин хайысхатыгар  үлэлиир “Коркинец” уопсастыбаннай тэрилтэ толоруулаах дириэктэрэ О.Г. Кардашевская эҕэрдэлээтэ уонна атын оскуолалары бырайыактарга үлэлэһэргэ  ыҥырда.

Биһиги оскуолабыт от чэйи оҥоруунан төрдүс сылын  дьарыктанар. От чэйдэрбит өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын улахан  быыстапкаларыгар үрдүктүк сыаналаммыттара, дипломнарынан, Кыһыл көмүс мэтээллэринэн бэлиэтэммиттэрэ.  От чэй киһи доруобуйатыгар туһалаах С битэмиини чинчийэр, эмтээх оту үүннэрээччи, хомуйааччы Вероника Трофимова, 8 кылаас үөрэнээчитэ уонна үлэҕэ уһуйуу маастара СӨ үөрэҕириитин туйгуна С.Н. Баишева ыалдьыттары от чэйинэн күндүлээтилэр.

Салгыы ыалдьыттар  “Молодые профессионалы” үөрэнээччини идэҕэ бэлэмниир үлэбитин кытта билистилэр. Бу хайысхаҕа биһиги 11 араас компетенцияҕа бэлэмниибит, ситиһиилээхтик кыттабыт.  Арассыыйаҕа уонна өрөспүүбүлүкэҕэ кыайыылаах оҕолордуун кэпсэттилэр, үтүө баҕа санааларын тиэртилэр.

Үбүлүөйдээх күн оскуолабыт мусуойугар элбэх ыалдьыт сырытта. Олус дириҥ ис хоһоонноох, суолталаах мусуой буоларын бэлиэтээтилэр. Мусуой салайааччыта СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, бэтэрээн учуутал К.Г. Макарова бэлэмнээбит экскурсовод оҕолоро дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ыллылар.

Онон үйэлэргэ сайдыыны, үөрэҕи-билиини тарҕаппыт күндү оскуолабыт  өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр элбэх махталлаах үөрэнээччилэрэ, үлэлээн ааспыт кэллиэгэлэрэ ыалдьыттаан, астынан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

 Лидия Сивцева,  СӨ үтүөлээх учуутала, дириэктэри агро хайысхаҕа солбуйааччы

Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ