Татьяна Тимофеевнаны Чурапчы сиригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үрүҥ көмүс сынньалаҥ” бэтэрээннэр лааҕырдарыгар сынньана кэлэ сылдьарыгар түбэһэн кэпсэттибит.
Аҕата Тимофей Сметанин кини сааһын туола илигинэ күн сириттэн күрэммит. Онон кини туһунан үтүө өйдөбүлү ийэтин уонна аймахтарын кэпсээннэриттэн истэн билэр. Тимофей Сметанин олоҕун салгыыр, аатын ааттатар түөрт сиэннээх, аҕыс хос сиэннээх.
Татьяна Тимофеевна аҕата суруйбут “Мэхээлэчээн булчут” айымньытынан “Сахабэчээт” тэрилтэтэ уста сылдьар киинэтин туһунан билэр, долгуйа күүтэр уонна киинэни устааччыларга махтанар. Бу иннинэ тахсыбыт “Егор Чээрин” киинэни дьиэ кэргэнинэн хаста да хатылаан көрбүттэрин, олус сөбүлээбиттэрин этэр. Онон “Мэхээлэчээн булчут” да киэҥ сэҥээриини ылыаҕар саарбахтаабат.
Кинини кытта интервьюбутун сиһилии видеоҕа көрөргүтүгэр.
Елена Макаринская