Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр саамай кырыктаах, хаан тохтуулаах кэрчик кэминэн Сталинград куораты босхолуур иһин кыргыһыы ааттанар. Оскуола саҕаттан устуоруйа уруогар, сорохтор Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин ахтыыларыттан ол туһунан билэбит. Оттон ол кэм туһунан ньиэмэс саллааттара бэйэлэрэ туох диэн ахталларын билиэхпин баҕарбытым ыраатта. Тыыннаах ордубуттар тугу саныыллар эбитий?
“Эрэли сүтэрии… Бүгүҥҥү сарсыардабыт хаһан түмүктэнэр… Ийэ дойдубут манна тугу көрсүбүппүтүн хаһан даҕаны өйдүө, бырастыы гыныа суоҕа. Бу ад дойдутугар баччалаах кыа хаан тохторун көрө-көрө, үөһэ таҥара бэйэтэ кэмэ суох ытыыр буолуохтаах”, — ньиэмэс саллаатын Сталинград аннынааҕы суругуттан быһа тардыы. Бу маннык ис хоһоонноох сурук Германияҕа эрэйдэнэн-муҥнанан өлүүгэ тэҥнээҕэ.
“Тыһыынчанан сыллар ааспыттарын да кэннэ, хас биирдии ниэмэс “Сталинград” диэн тылы титирэстии-титирэстии этиэҕэ, ол эбэтэр биһиги тугу оҥорбут дьыалабыт кэнэҕэски көлүөнэҕэ букатыннаахтыы хаалыаҕа”, -диэн үһүс Рейх авиациятын баһылыга Герман Гёринг 1943 сыл тохсунньу ыйын 30 күнүнээҕи этиититтэн. Бу тыллар “котелок” (оччотооҕуга Сталинград иһинээҕи кыргыһыыны саллааттар ааттыыр тиэрминнэрэ) иһигэр сылдьар хас биирдии ньиэмэс истэригэр быһаччы эттэххэ “некролог” этэ.
“Ити тыл этэр кэмнэригэр, сыалай аармыйа тыаһа-ууһа суох, ыт мунна кыайан баппат ыырыгар суох буолбута, быыл буолан симэлийбитэ. Сүүһүнэн тыһыынча биһиги саллааттарбыт, салайааччыларбыт идеологияларын сиэртибэлэрэ эрэ буолбуттара. Тоҕо кинилэр биһиги туспутунан санаабатахтара буолла? Ол ону баччааҥҥа диэри кыайан өйдөөбөппүн”, — диэн Хайнс Томас, 16 танковай дивизия саллаатын ахтыыта.
Оттон Сталинградтааҕы кыргыһыыга, Адольф Гитлер туох баар өйүн-санаатын дьон дьылҕата сигэнэн, кинилэр сырдык тыыннарыгар турунан бэйэ престииһин үрдэтиигэ туһаайбыта. Дьиҥ иһигэр ньиэмэс аармыйата күрэнэ сатаабыта да кыаллыбатаҕа. “Сталин аатын сүгэр куорат хайаан даҕаны бас бэриниэхтээх!”, — диэн Гитлер күүстээх ирдэбилэ этэ. Бу тыллар хас биирдии “котелок” иһигэр сылдьар саллаакка өлүүгэ быһалыы бииригэбэр буолбуттара. Бу ад дойдутуттан “күрэнэргэ” биир суол – сөмөлүөт этэ. Манна да ахсааннах саллаат хапсара. Кинилэртэн биирдэстэрэ 76 пехотнай дивизия саллаата Ханс Ростовес этэ: “Сөмөлүөт ырааҕынан кыырайан көтөн кэлэн биһигиттэн 10-ча миэтэрэ тэйиччи түспүтэ. Бука бары сүгэһэрбитин ылаат үтүрүһүү-хабырыһыы, айдаан бөҕөнү түһэрбиппит. Сөмөлүөккэ биирдиилээн киллэрэллэрэ ол кэннэ люкпут сабыллар, сөмөлүөт мотуора тыаһыыр, салгыҥҥа көтөн тахсабыт. Быыһаныы…”
40-тан тахса тыһыынча саллаат төттөрү дойдуларыгар ол курдук көтөн өрүһүммүттэрэ. Онон иккис Аҕа дойду Улуу сэриитин биир кырыктаах кыргыһыыта ньиэмэстэр тустарыгар табыллыбатаҕа. 104 тыһыынча ньиэмэс саллааттара билиэҥҥэ түбэспиттэрэ, ол иһиттэн дойдуларыгар 6 тыһыынча киһи төннүбүтэ. Кинилэртэн бүтэһик саллаат 13 сыл буолан баран биирдэ эргиллибитэ. Кинилэр хас биирдии дьылҕалара — бу сэрии саамай алдьатыылаах түмүгүн уонна суолтата суох кэмэлдьи эрэ быһыытынан сыаналаныах тустаах.
Бу куотан барбыт дьон дьиҥэр сыл аҥарын анараа өттүгэр бүтүннүү барытын баһылаан ылардыы кэлбиттэрэ. 1942 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр ньиэмэс аармыйатын “Юг” бөлөҕө Кавказ хайысхатынан айаннаабыта, 1941 сыл кыһыныгар Москва анныгар кыргыһыы умнуллубута ырааппыт курдуга. Улахан бэлиитиктэр уонна байыаннайдар өйдөбүллэригэр большевизмы уонна дьэбириэй омугу утары сэрии этэ оттон олохтоох нэһилиэнньэҕэ бу урусхалланыы, өлүү төрдө этэ. “Биһиги оччотооҕуга ытык иэспитин толоро баран иһэр курдук санаммыппыт. Сэбиэскэй, киһи аҥара нуучча омугун кыайаары… Бу санааны биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар кытаанахтык иҥэрбиттэрэ”, — диэн Ганс Рекенбиш саныыр. Вермахт саллааттара сэриигэ кылаабынай саа-саадах этилэрэ. 1941 сыл атырдьах ыйыгар 6 ньиэмэс аармыйатын биир дивизията Украинаҕа Белая Церковь куоракка тохтообута. Онно зондерхамаанда (оччотооҕуга анал бөлөх) СС4АА сорудаҕынан, 90 дьэбириэй омук оҕолорун (олор истэригэр саҥа төрөөбүт оҕолор эмиэ бааллара) тутаттаан ылан куорат түгэҕэр илдьэн уута, килиэбэ суох дьиэ анныгар хаайбыттара. Ол оҕолор хаһыылара, ытабыллара куорат олохтоохторун барыларын улаханнык аймаабыта. Кинилэр истэригэр Анна Протос дьиэ кэргэнэ эмиэ баара: “Аҕам дьиэтигэр кэлэригэр киһи куттаныар диэри кубарыйан хаалбыт этэ. “Оҕолор “ийээ” диэн ыҥырар хаһыыларын истэбин, билиҥҥэ диэри кулгаахпар иһиллэр”, — дии-дии охтон түһэн ытаабыта”. СС саллааттара ол оҕолор ийэлэрин, аҕаларын барылан ытыалаан өлөрбүттэрэ. “Оҕолору хайдах гынабыт?” — диэн боппуруос турбута. “Барыгытын үлэҕэ ылабыт диэн сылтахтаах үгүс эр дьону хомуйбуттара, ол дьонтон ким даҕаны уонна төннүбэтэҕэ. Ол кэннэ оҕото суох дьахталлары хомуйбуттара, кинилэр эмиэ эргиллибэтэхтэрэ. Оҕолор көрөн турдахтарына ийэлэрин ытыалаабыттара, ол кэннэ оҕолору, оҕо дьиэтигэр хаайан баран барыларын кыргыбыттара”, — Анна Протос салгыы кэпсээниттэн. Биир ньиэмэс аппыһыара, бу маннык кыыллыы быһыыны тохтотор сыаллаах 6 аармыйа фельд-маршала Вальтер фон Рейхенауга дакылааттаах киирбитин: “Саллаат диэн көннөрү буойун эрэ буолбатах, кини бүтүн норуот өйүн-санаатын аһымала суох көмүскээччи буолар. Ити суолу туһар киһини Гитлер улаханнык манньалыыр”, — диэн тохтоппуттара, оччотооҕу генерал оҕолор өлүүлэрин сөптөөх миэрэ курдук ылыммыта.
1942 сыл сэтинньи ыйын бүтүүтэ Гитлер, Илиҥҥи Пруссияҕа ставка оҥорор сыаллаах Вольшансе куоракка кэлбитэ. Ол тухары 6 аармыйа кэннин диэки сыҕарыйарыгар көҥүл биэрбэтэҕэ. Румыния бырабыыталыстабатын баһылыга маршал Ион Антонескуну байыаннай сүбэлээччинэн анаммыта, инньэ гынан хардары-таары сидьиҥ үлэлэрин саҕалаабыттара. Ол түмүгэр Сталинград куоракка сүрүн охсууну оҥорорго быһаарыммыттара. Сүрүн хамандыырынан фельдмаршал Фриц фон Манштейн анаммыта. Обер-лейтенант Гёте танковай бөлөҕө аччыктааһыны, тоҥууну аахсыбакка эргимтэни төлө көтөн тахсар “Зимняя буря” диэн операцияны толорор сорудахтааҕа. “Оруобуна ити күннэргэ улахан тымныылар турбуттара. Маҥнай көннөрү тымныы курдуга онтон хаар түспүтэ. Сыһыылар бары хаарынан бүрүллүбүттэрэ. Төһө даҕаны утара сатаабыппыт үрдүнэн, кимэн киириигэ бирикээс бэриллибитэ”, — Гете танковай бөлөҕүн танкиһа
Ганс Рекенбиш ахтыыта. Баара-суоҕа 3 дивизия ол онтон биир эрэ дивизия толору хааччыллыылааҕа, эбиитин гөрүүчэйдэрэ кэмчи уонна үөһэ салгынтан өйөбүл суоҕа. Вермахт ол кэмҥэ үбүн-аһын барытын туһанан бүтэрбит этэ. Ол да үрдүнэн кыайыахпыт диэн бөҕө санаалаах туруналлар, тоҕо диэтэр кинилэргэ “Тигр” танк саҥа көрүҥэ көмөҕө кэлбитэ. “Тигр” сэбиэскэйдэр “Т-34” таанкаларыттан ытар күүһүнэн төһө эмэ күүстээҕэ. Оччотооҕуга туораттан көрөн кинилэри “улахан эрэллээх дьон” диэххэ сөбө эбитэ буолуо. “Биһиги ол 3 тыһыынча кэриҥэ дьон туһунан күн аайы саныырбыт. Кинилэр биһигини босхолуохтара диэн күүттэхтэрэ дии”, — диэн Фердинант Видермаер танковай бөлөх танкиһа саныыр. Маҥнай контр кимэн киири түргэнник саҕаламмыта, кыһыл аармыйа балаһыанньата соччото суох буолан барбыта, тоҕо диэтэр Сталинград соҕуруулуу-арҕааҥҥы фронугар сэриилэһэр чааһа суоҕун кэриэтэ этэ. Ол гынан баран эмискэ балаһыанньа уларыйар, ньиэмэс танковай бөлөҕө олус мөлтөҕө бэйэлэрин кэхтиигэ тиэрдибитэ. Сталинградка тиийэллэрэ 50 биэрэстэ хаалбытын кэннэ барыта биир сиргэ тохтоон хаалбыта. “Инники иһэр дьоммут маҥнай ытыалыыр тыастара ньиргийэрэ, сигнальнай ракеталары ыыталлара. Ол онон ол “кателок” иһигэр олорор бэйэбит саллааттарбытыгар “тулуйун, сотору тиийиэхпит диэн биллэрэр быһыылара буолара”, — Видермаер салгыы кэпсээниттэн. “Ол эрэн “кател” сүрдээх бөҕө буолан биэрбитэ. “Кыһыҥҥы тымныыга сэрии тыаһа олох чуолкайдык иһиллэрэ. Ороһооспо кэнниттэн ол тыаспыт улам уостан олох даҕаны иһиллибэт буолбута. Ол онно биһиэхэ ким даҕаны эппэтэҕин үрдүнэн, бэйэбит испитигэр блокаданы ылбатахпытын өйдөөбүппүт”, — Ханс Эрдман Шонбек 24 танковай бөлөх танкиһын ахтыыта. Ити сыл ахсынньы 24 күнүгэр Фриц фон Манштейн хамаандатынан төттөрү төннөргө бирикээс бэриллибитэ. Ол бириэмэҕэ кыһыл аармыйа хоту өттүттэн улахан охсууну оҥорбуттара, ньиэмэс илиҥҥи аармыйата кутталлаах балаһыанньаҕа түбэспитэ. “Биһиги сүрүн күүстэрбит Сталинград куоракка туһата суох буолбуттара тута өйдөммүтэ. Көннөрү сиэртибэ эрэ быһыытынан бэриллибиппит, ол сиэртибэ буолуу биллэн туран туохха да наадата суох этэ”, — Йоган Фритце Гёте танковай бөлөҕүн саллаата кэпсиир. Инньэ гынан бэйэлэрин дьонун быыһыы, өрүһүйэ тиийэн испит дивизия бэйэтэ суорума суолламмыта. “Бэйэбитин мөлтөх дьонунан санаммыппыт, тоҕо диэтэр туруоруллубут сыалы толорботохпут. Бэйэбит бырааттарбытын босхолооботохпут. Биир бэйэм олус өр кыбыстыы содулуттан кыайан тахсыбатаҕым. Күн бүгүҥҥээҥи диэри ардыгар ол туһунан санаа эмиэ киирэр. Ол быыһыгар итиннэ мин буруйдааҕынан бэйэбин ааттаммаппын”, — диэн Ферденант Видермаер харах уулаах салгыы кэпсиир.
Үгүстэр маннык суолу кыайан тулубатахтара, 20 тыһыынча кэриҥэ саллаат өлбүтэ. “Иннибитигэр үрдүк уҥуохтаах аппыһыар туран эрэ, сэрии кэмигэр хантан эрэ ылбыт биһиги табахпытын тардар, салгыҥҥа төгүрүк быһыылаах күөх буруону унаарытар. Биһиги биир саллааппыт киниэхэ: “Баһаалыста табаххыттан биирдэ оборон ыларга көҥүллүүгүн дуо?” – диэн туһаайан илиитин ууммутугар, анарааҥҥы киһи биир хардыы кэннигэр оҥорон баран табаҕын биэрбитэ. Ити биир кылгас түгэн биһигини кытары үчүгэйдик сыһыаннаһыахтарын сөп эбит диэн эрэл кыымын сахпыта. Биһиги буруйдаах дьон кинилэртэн итинник үтүө быһыыны чиэһинэ эттэххэ күүппэтэхпит ”, — диэн Ханс Мрозински саныыр.
Сэмэн Жендринскэй